Нам улуһуугар Аммаҕа “Дьулуур” республикатааҕы XIV-с адаптивнай спорт көрүҥнэригэр спартакиада кыттыылаахтарын уонна тренердэри чиэстээһин, наҕараадалааһын буолла. Ол курдук, Амма улууһугар 800-эн тахса спортсмен кыттыылаах спартакиадаҕа Нам улууһуттан 54 спортсмен ситиһиилээхтик күрэхтэспитэ.
“Адаптивнай спорт көрүҥнэригэр спартакиадаҕа кыттыбыт спортсменнарбытыгар махтанабыт. Ол курдук, докумуон өттүгэр күүһү уурбуттарга, тэрээһиҥҥэ күүскэ үлэлэспиттэргэ, илиилэрин утары ууммуттарга махтанабыт. Нам улууһа тэрээһиннээхтик, ситиһиилээхтик кыттан кэллибит диэн этиэххэ бэлиэтиэххэ наада”, – диир улуустааҕы спорт управлениетын салайааччытын солбуйааччы Сергей Софронов.
Доруобуйаларынан хааччахтаахтар Амма сиригэр-уотугар бэйэлэрин тус санааларынан кыахтарын көрдөрбүттэриттэн улуус баһылыгын солбуйааччы Петр Абрамов долгуйбутун, үөрбүтүн биллэрэр. “Дьулуур” спартакиада кыайыылаахтарын дьайыылара хас биирдии киһиэхэ холобур буоларын Петр Васильевич бигэргэтэр. Баһылыгы солбуйааччы тылыттан, спартакиадаттан элбэххэ үөрэнии – ханнык көрүҥнэргэ сыыһа туттунуу тахсыбытын, баарын көрүү, ырытыы; ханныктары эбэн биэрии, сайыннарыы. Спартакиада, элбэх күрэхтэһиилэр олохтоох үөрэтиилэрэ бу буолар!
“Спартакиада этэҥҥэ түмүктэннэ, түөстэригэр мэтээл иилиммит спортсменнарбытыгар эҕэрдэ бастыҥа ананар. Барыахпыт иннинэ, долгутар өрүт элбэҕэ. Холобура, куйаас күннэргэ хайдах кыттааһын. Ол эрээри биһиги маны барытын аастыбыт, кыайдыбыт уонна күрэхтэһииттэн ситиһиилээхтик кыттан кэллибит диэн сыаналыыбын.
Тус бэйэм маны көрөн сөхтүм, долгуйдум, салынным – сүүрүүлэртэн, гандбол, олорон эрэ волейболлааһын. Дьон хайдахтаах курдук хорсун санаалааҕый, олоххо тардыһыылара күүстээҕий!? Тимир көлө суоппардарыгар, тэрээһин ымпыгар-чымпыгар тиийэ үлэлэспиттэргэ биһиги махтаныах тустаахпыт”, – диир баһылыгы солбуйааччы.
Ситиһиилээхтик кыттан мэтээл иилиммиттэр бука бары 10 000 солк. харчынан, тренердэрэ 5 тыһ. солк. наҕараадаланнылар. Маны тэҥэ, Маймаҕа баһылыга Александр Егоров, Партизан баһылыга Алексей Зырянов бэйэлэрин спортсменнарыгар бастыҥ, иһирэх тыллары этэн туран бэлэх туттардылар.
Харысхан Попов