Нам сэлиэнньэтигэр ааспыт сэтинньи 18-19 күннэригэр дуобакка Ленскэй нэһилиэк аһаҕас чемпионата ыытыллыбыт. Ленскэй нэһилиэк дьаһалтата уонна Егорова Розалия Николаевна тэрийбит чемпионаттарыгар 22 киһи кыттыбыт.
Күрэхтэһээччилэр истэригэр 5 оҕо оонньообут. Ону тэҥэ, Чурапчы улууһуттан дуобакка спорт маастарыгар кандидат И.В. Кузьмин ыалдьыт буолбут. Күрэхтэһиини олус үчүгэйдик ааспыта этиллэр.
“Көтөр” дуобат уратыта элбэх. Оонньуу сүрүнэ уустук балаһыанньаттан тахсан барыыга олоҕурар. Оҕолор улахан дьону кытта тэҥҥэ оонньуулларыттан, күрэхтэһэллэриттэн сайдаллар. Бу курдук оҕолорбут харыс үрдүүллэрин туһугар күрэхтэһииттэн күрэхтэһиигэ сайыннаран иһиэхпит”, – диир тренер Надежда Протопопова.
Оҕолорго:
1 миэстэ – улуустааҕы гимназия үөрэнээччитэ Данилова Анита;
2 миэстэ – Намнааҕы алын кылаас оскуолатын үөрэнээччитэ Олесов Саян;
3 миэстэ – Намнааҕы иккис нүөмэрдээх оскуола үөрэнээччитэ Петрова Айталыына.
Дьахталларга 50 саастарыгар диэри:
1 миэстэ – Намтан М.Г. Алексеева;
2 миэстэ – Намтан С.Н. Григорьева;
3 миэстэ – Аппааныттан А.В. Эверстова.
Дьахталларга 65 саастарыттан үөһэ:
1 миэстэ – Р.Н. Егорова;
2 миэстэ – Л.М. Полякова;
4 миэстэ – С.Г. Емельянова.
Эр дьоҥҥо 65 саастарыттан үөһэ:
1 миэстэ – 1 Хомустаахтан Н.В. Березкин;
2 миэстэ – Аппааныттан А.М. Матвеев;
3 миэстэ – Бөтүҥтэн А.А. Иванов.