Саха сирин балыксыттара аҕыйах хонуктааҕыта Нам улууһугар закидушканан сибиир хатыыһын хаптарыыга күрэхтэспиттэрэ. Балыктааһын спордугар, улуустааҕы булчуттар уонна балыксыттар сэбиэтин председателэ Иван Яковлев тэрээһининэн ыытыллыбыт закидушканан хатыыс хаптарыытыгар күрэхтэһии аан маҥнайгытын ыытыллар.
“Үстүү хатыыс хаптарарга көҥүллээх 25 күрэхтэһээччибит “Улахан Балык” арыыга закидушканан Саха сиригэр харыстанар уонна сыаналанар 30 балыгы хаптарбыта”, – диир тэрээһини толкуйдааччы Иван Яковлев.
“Эҥсиэли” хочотун сиригэр-уотугар Дьокуускайтан, Горнайтан, Бүлүүттэн, Намтан балыксыттар кэлбиттэрэ этиллэр. Эбэн эттэххэ, Нам улууһугар таһырдьа сылаас күннэр туруохтарыттан номнуо, сөбүлээн балыктааччыларга хаһыс да күрэхтэһии ыытылынна.
“Күрэхтэһиини тэрийсибиттэргэ – Намнааҕы булчуттар уонна балыксыттар сэбиэтигэр, ФБГУ «Главрыбвод» Саха сиринээҕи филиалыгар уонна Намнааҕы экология инспекциятыгар махтанабын! “Улахан балык” арыыга туораппыт лодкалаахтарга, катердаахтарга туһунан махтал тылларын аныыбыт”, – диир тэрийээччи Иван Васильевич.
Балаҕан ыйын 6-7 күннэригэр Граф Биэрэгиттэн 10 км тэйиччилээх “Улахан Балык” арыыга алта балыксыт 30 хатыыһы хаптарбытыттан, лицензия быһыытынан үһүн хаалларбыттар уоннааҕыларын ууга төттөрү ыыталаабыттар. Ол түүн төһө да тымныы соҕус буоллар, бэрт бэһиэлэй күрэхтэһии ааспытын Иван Яковлев бэлиэтиир. Ону тэҥэ, күрэхтэһээччилэр ол түүн дьүкээбил кэрэ көстүүтүгэр, аһаҕас халлааҥҥа дьиримнии умайбыт сулустар анныларынан дуоһуйа балыктаабыттара умнуллубат түгэн, өйдөбүл буоллаҕа эбээт!
Ол курдук, күрэхтэһии кыайыылааҕынан 3 кг ыйааһыннаах хатыыһы хаптарбыт Горнай улууһуттан ыалдьыт Дьулус Платонов ааттаммыт. Иккискэ аан маҥнайгынан хатыыс хаппыт 2 Хомустаах балыксыта Антон Ширяев тахсар уонна үһүс Аппааныттан Дмитрий Захаров буолар. Кыайыылаахтар сыаналаах бириистэринэн наҕараадаламмыттарын тэҥэ, ылбыт сертификаттарын Лена өрүс хайа баҕарар учаастагар, ханнык баҕарар кэмҥэ хатыыска уонна тууччахха балыктыыр лицензияҕа атастаһаллара үөрдүбүт.
Ааспыт блеснанан балыктааһыҥҥа миэстэлэспиттэр эмиэ бу курдук сыаналаах балыктарга лицензияларынан наҕараадаламмыттарын санатабыт. Бу сайын, намнар балыктааһыҥҥа күрэхтэһиилэри тэрийэн, этэллэрин курдук “былааһы ыллыбыт” диибит.
Харысхан Попов