Эбэ сэрэтэр

Нам улууһугар Өлүөнэ өрүс мууһа бу күннэргэ хамсыыра күүтүллэр. Халаан уута харгыстамматаҕына, Эҥсиэли хочотунан этэҥҥэ ааһара сабаҕаланар. Ол курдук, Хаҥалас улууһугар муус хамсаан устан саҕалаата.

Бүгүн Ленскэй нэһилиэк олохтоох дьаһалтатыгар ыксаллаах быһыы-майгы хамыыһыйатын сүбэ мунньаҕа ыытылынна. Нам сэлиэнньэтигэр халаан уутун куттала, содула суох аһарыы боппуруостарын тула быһаарыныылар ылыллыбыттарын олохтоох дьаһалта ыксаллаах быһыыга-майгыга специалиһа Дьулустан Макаров этэр.

“Сирбитигэр-уоппутугар уу хаайыан сөптөөх намыһах сирдэргэ үлэлэр ыытыллаллар. Кусчуттар уонна балыксыттар эрдэттэн хомунан тахсалларыгар иһитиннэрэбит. Өрүскэ киирии даамбалара бүөлэнэн эрэллэр. Дьиэ кэргэттэр оҕолору дьиэттэн ырааппаттарыгар, арыылартан техниканы, сылгыны, сүөһүнү бүтүннүү үөһээ таһаараргытыгар сүбэлиибит”, – диир Дьулустан Алексеевич.

Харысхан Попов

Читайте дальше