Эдэр гиревиктэр техникаларын чочуйаллар

Нам улууһун гиревик оҕолоро “Спортивные Якутяне” спартакиадаҕа киирсээри Хамаҕаттаҕа Н.П. Габышев аатынан “Эрчим” спорт саалаҕа дьарыктаналлар.

“Нэдиэлэҕэ үс күн гиирэ көтөҕөбүт. Күн аайы “тимирдээтэххинэ”, биллэн турар, быстаҕын. Үксүн гиирэни хайдах быһыылаахтык көтөҕөргө үлэлиибит. Ол курдук, сыыһаны-халтыны көннөрөргө дьаныардаах дьарыктар буолаллар”, – диир тренер Иннокентий Окоемов.

Нам улууһун сүүмэрдэммит хамаандатыгар Хамаҕаттатааҕы саха-француз лицей үөрэнээччилэрэ Харатаала Арчылаан 63 киилэҕэ, 68 кг  Харатаала Арылхан, 85 кг Николаев Виктор, 1 Хомустаах оскуолатыттан Алексеев Артем 73 киилэҕэ, Намнааҕы техникумтан Нератов Сайтама 78 киилэҕэ, Хамаҕатта орто оскуолатыттан Саввинов Дамир 85 киилэттэн үөһэ бааллар. Кыргыттарга Хамаҕатта орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ Лукина Кристина 68 киилэҕэ киирсиэҕэ. Оттон 63 киилэҕэ Иванова Тая (ХСОШ) уонна Түбэ оскуолатыттан Федорова Анжелина биирдэстэрэ күрэхтэһиэҕэ.

Саха сиригэр гиирэҕэ күүстээх  улуустарынан Үөһээ Бүлүү, Чурапчы, Хаҥалас, Уус Алдан, Мэҥэ Хаҥалас, Таатта сүүмэрдэммит хамаандалара ааттаналлар. Ону тэҥэ Өлүөхүмэҕэ үчүгэйдик гиирэлиир оҕолор баалларын тренер Иннокентий Окоемов бэлиэтиир. Ол эрээри, спартакиадаҕа Өлүөхүмэ хамаанда туруорбатаҕа этиллэр. “Спортивные Якутяне” спартакиадаҕа уолаттар 24 кг, кыргыттар 16 кг гиирэлэри көтөҕүөхтэрэ. Нам улууһун сүүмэрдэммит хамаандата сүнньүнэн 3-4 мэтээл ыларга суоттанар.

“Билиҥҥи дьарыкпыт күнүс 2 ч киэһэ 8 ч диэри салҕанар. Бу бириэмэҕэ гиревик оҕолорум кэлэн дьарыктанан бараллар. 10 мүнүүтэ устата туран гиирэлэри өрө анньарга, көтөҕөргө уһун тыын наадата ирдэнэр. Ол туһуттан гиревик уһуну сүүрүөхтээх.

Гиирэҕэ олунньуга буолан ааспыт өрөспүүбүлүкэ чемпионатын кэнниттэн эбиллии баар. Холобура, 30-та өрө көтөҕөр оҕом билигин 100-тэ өрө көтөҕөр буолла”, – диир Иннокентий Николаевич.

Санаттахха, спартакиада быһаарыылаах көрүҥнэрэ волейбол, ох саанан ытыы (төрүт ох саа, классическай ох саа, блочнай ох саа), көҥүл тустуу, бокс, мас-рестлинг, дуобат, саахымат, гиирэ Дьокуускайга уонна Хатаска буолуохтара. Оттон чэпчэки атлетикаҕа Саха сирин үөрэнээччилэрэ Бэрдьигэстээх “Чыпчаал” стадионугар күрэхтэһиэхтэрэ.

Харысхан Попов

Читайте дальше