Нам улууһун оскуолаларыттан «Инникигэ хардыы» өрөспүүбүлүкэтээҕи XXVIII-с научнай конференция-куонкуруска кыттар 64 оҕо иһигэр, Нам 1 N-дээх орто оскуолатын 8-с кылааһын үөрэнээччитэ Арылхан Румянцев баар.
Арылхан геология уонна палеонтология секциятыгар кыттар. Кини балык, улар, былыргы үйэтээҕи холууп, археоптерикс уҥуохтарын үөрэтэн, полимернай туойунан дьардьамаларын оҥорон таһаарбыт.
Маннык быыччык, уустук үлэ харамайдар анатомияларын, тутулларын үчүгэйдик өйдүүргэ үөрэтэр. Бу эдэр экологтар, геологтар уонна палеонтологтар туһунан «Кэскил» хаһыат эдэр корреспонденнара суруйдулар. «Инникигэ хардыы» өрөспүүбүлүкэтээҕи XXVIII научнай конференция-куонкурус туһунан өссө элбэх иһитиннэриилэри keskil14.ru сайтка ааҕыҥ.
Лена Ноговицына