Эдэр ыччат, бары кэлиҥ, холбоһуҥ биһигинниин, күлүҥ, оонньооҥ, доҕордоһуҥ…

Атырдьах ыйын 17-19 күннэригэр Хатырык нэһилиэгэр киэн туттар биир дойдулаахпыт, уһулуччулаах государственнай уонна политическай деятель Максим Аммосов Кубогар бастакы ыччат республикатааҕы культурнай-спортивнай слета тыа сирин ыччаттарын түмтэ.

Үс күн устата Максим Аммосов куорсун анньыммыт Хатырык сиригэр 10 хамаанда (Амма, Үөһээ Бүлүү, Кэбээйи, Мэҥэ Хаҥалас улуустарыттан уонна Нам 6 нэһилиэктэриттэн: Үөдэй, I Хомустаах, Хамаҕатта, Ленскэй, Хатыҥ Арыы, Хатырык чулуу ыччаттара мустан доҕордоһуу түһүлгэтин олохтоотулар. Слет программатын чэрчитинэн политическай тургутуулар, патриотическай ырыа, эти-хааны хамсатар спортивнай күрэхтэр ыччаттарга ананнылар.
Эдэр ыччат сэргэх хамсааһыныгар Хамаҕатта нэһилиэгин хамаандата кыайыылааҕынан таҕыста. Ол туһунан ыччаттары кытта бэйэтинэн сылдьыспыт баһылык Евгений Ушницкай үөрүүтүн үллэстэр:

Саамай халыҥ хамаанданы Хамаҕатталар туруоран уопсайа 37 буолан үс күн күрэхтэстибит. Көрүҥнэринэн түмүктэр маннык буоллулар:

Визитка — 1 миэстэ
Слет логотибын оҥорон көмүскээһин — 1 миэстэ
Патриотическай ырыа күрэҕэ — 3 миэстэ
Эстафета — 4 миэстэ
Бастакы көмөнү оҥоруу — 3 миэстэ
Канат тардыһыы — 3 миэстэ
Хапсаҕай — 2 миэстэ
Көрдөөх стартар — 1 миэстэ
Волейбол — 1 миэстэ.

Уопсай түмүккэ эрэллээхтик кыайан слет кубогын туттубут уонна 100 тыһыынчанан наҕараадаланныбыт.
Нэһилиэкпит ыччаттара бары өттүнэн кыахтаахтарын көрдөрдүлэр.

Культура, спорт уонна олохтоох дьаһалта бары бииргэ түмсэн сырыттыбыт. Нэһилиэгим ыччаттарыгар, бэлэмнээбит, көмөлөспүт дьоммор барыларыгар махталбын ыытабын.

Мария Винокурова

Читайте дальше