Өйбүтүгэр-санаабытыгар өрүү биһигинниин

Ытыктыыр, истиҥник саныыр дьүөгэбит, коллегабыт, Ленскэй нэһилиэк Ытык киһитэ, СӨ муниципальнай сулууспатын туйгуна Татьяна Афанасьевна Кондратьева бу Орто дойдуттан букатыннаахтык барбыта 2024 сыл олунньу 8 күнүгэр 3 сылын туолла.

Татьяна Афанасьевна Нам  оройуонун Модут нэһилиэгэр элбэх оҕолоох учууталлар дьиэ кэргэннэригэр алтыс оҕонон  1956 сыл тохсунньу 29 күнүгэр  төрөөбүтэ.  Хамаҕатта  орто оскуолатын ситиһиилээхтик бүтэрэр. Үрдүккэ, кэрэҕэ, үөрэххэ дьулуурдаах буолан, Таня олоҕун устата 4  үрдүк үөрэх кыһаларыгар: Хабаровскайдааҕы культура институтун бүтэрэн (1983 с.),  Хабаровский  институт искусств и культуры (1993 с.), Институт управления при Президенте РС(Я) (2005 с.), Якутский  экономико-правовой институт (2010 с.) бүтэрэн 4 араас специальноһы ылар. Онон Татьяна Афанасьевна культура эйгэтигэр үрдүк үөрэхтээх методист, социальнай эйгэҕэ экономист-менеджер идэлэрин баһылаабыта.

Оҕо сылдьан  оскуола  кэнниттэн Хамаҕатта  кулуубугар уус-уран салайааччынан, директорынан үлэтин сэргэхтик саҕалаабыта. 1977-1979 сылларга Хамаҕатта кулуубугар уус-уран салайааччынан, дириэктэринэн үлэлээбитэ. Бу кулууптан тирэҕирэн үрдүк үөрэхтээх культура специалиһа буолбута. 1986 сыллаахха Өрөспүүбүлүкэҕэ бастакы экспериментальнай оройуоннааҕы тэрийэр методическай киин (РОМЦ) тэриллибитигэр (сал. М.Н. Габышева) бэрт ситиһиилээхтик үлэлээбитэ. Кэлин культура тэрилтэлэрин ортотугар тэрийэр-методическай отдел үлэтин Татьяна Афанасьевна салайбыта.

Ол кэнниттэн Хабаровскайдааҕы  культура институтун бүтэрэн баран, Хатырык кулуубугар уус-уран салайааччынан, директорынан үлэтин сэргэхтик саҕалаабыта. Хатырыкка кулууп дириэктэринэн үлэлиир кэмигэр нэһилиэк олохтоохторуттан талааннаах дьону таба көрөн өрөспүүбүлүкэ таһымыгар тиийэ таһаартаабыта. Ол кэмҥэ, Хатырыкка араас тойук ансаамбыла, нэһилиэк бары тэрилтэлэринэн тойук-үҥкүү, драмкуруһуоктар үлэлээн нэһилиэккэ улахан сэргэхсийии таһаарбытын олохтоохтор үтүө өйдөбүлүнэн  саныыллар.

Культурнай-сырдатар тэрилтэлэр үлэлэригэр баар саҥа сүүрээннэри, бастыҥ уопуту кииннээн тарҕатар үлэ былааннаахтык тэриллэн,  Культура Министерствотын  тирэх Киининэн буолбута. Өрөспүүбүлүкэ культуратын үлэһиттэрэ уопут ыла  сылдьаллара, мунньахтары, семинардары былааннаахтык  тэрийии бу үлэҕэ сэргэхсийиини таһаарбыта  харахха быраҕыллыбыта. Төрүт культура  (ыһыах, саха таҥаһа, илии-атах, остуол оонньуулара) олоххо өтөн киириитэ Культура Министерствота   кулууптар үлэлэрин саҥа кэрдиис кэмҥэ таһаарыыга  үтүө өрүттээх уопут быһыытынан  Киин  үлэтин тарҕатарга  дьаһал ылбыта.

1995 сылтан Нам селотугар Ленскэй нэһилиэккэ Баһылыгы социальнай үлэҕэ солбуйааччынан ананар. Бу кэмтэн ыла село кыаммат, ыарахан олохтоох  дьиэ кэргэттэригэр, инбэлииттэргэ, сэрии-тыыл бэтэрээннэригэр  көмө оҥоһуллуута улааппыта, кыһамньы күүһүрбүтэ, бу хайысхаҕа Татьяна Афанасьевна общественность күүһүн, кыаҕын түмпүтэ. Бэтэрээннэр  Сэбиэттэрин председателэ Колесов В.А. туруорсуутунан, Нам селотугар кырдьаҕастар дьиэлэрэ тутуллубута. Бөһүөлэк хас биирдии ыала оҕуруоттаах буолуохтаах диэн санаанан салайтаран, Татьяна Афанасьевна быһаччы өйөбүлүнэн,  кырдьаҕастар балаҕаннарынан аатырар “Иэйии” кулууп (хормейстер Т.А. Гурьева) тэриллэр, ырыа, үҥкүү куруһуоктара ситиһиилээхтик  билигин да үлэлии сылдьаллар, улуустарыгар, өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр  уус-уран самодеятельность  бэртээхэй, профессиональнай таһымнаах коллектива үлэлиир. Оҕуруот олордооччулар, сибэкки үүннэрээччилэр элбэх сүбэни бу балаҕаҥҥа дьарыктанан  ылбыттара, олорор уһаайбаларыгар  сибэкки арааһын, оҕуруот  аһын олордор буолбуттара. Онно село салалтата  түргэнник ситэр салааны сайыннарыыга  куурусса, сибиинньэ оҕолорун, комбикорманы атыылааһыны тэрийэрэ.

Татьяна Афанасьевна уһуну-киэҥи, кэскиллээҕи кэрэһэлиир салайааччы этэ. Село Баһылыгынан ананыаҕыттан  (2003 с.)  Татьяна Афанасьевна Нам селотун дьаһалтатын салайар кэмигэр, ол курдук, 2006 сыллаахха Бүтүн Россиятааҕы тыа хаһаайыстыбатын Биэрэпиһэ буолбута, онно наһаа күргүөмнээх үлэ ыытыллыбыта. Ол курдук, Дьарыктаах буолуу киинигэр учуокка турар үлэтэ суох 16 үөрэхтээх эдэр дьону Биэрэпискээ үлэҕэ ылан, 72 хаһаайыстыбаннай кинигэни өрөспүүбүлүкэҕэ бастакынан «Поселение» диэн программаҕа компьютерга киллэриллибитэ. Кэнники ити оҕолор бары үлэ булбуттара. Ити үлэ түмүгүнэн, Саха сирин Президенин иһинэн тэриллибит көрдөрөр-иһитиннэрэр Кииҥҥэ үөрэнэн сертификат, онтон Грамота ылбыттара. Ол кэмҥэ Нам селотугар, бастакынан, өссө кэтэх хаһаайыстыбалаах ыалларга ыанар ынахтарыгар искусственнай сиэмэлээһини киллэрэн нэһилиэккэ сүөһү боруодатын тупсарыытын үлэтэ ыытыллыбыта. Ол курдук, сылга отуттан тахса ыал сүөһүтүн боруодата тупсан, дохуоттаах буолаллара ситиһиллибитэ. Аны эмиэ ити Татьяна Афанасьевна баһылыктыыр кэмигэр, 2006 сыл түмүгүнэн, сыл тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар эмиэ араас номинациялары толкуйдаан наһаа үчүгэй тэрээһиннэр ыытыллыбыттар.

Маны таһынан, саҥа  Нэлэгэр уонна Көччү кыбаарталларыгар ыалларга уһаайба сирдэрэ түҥэтиллэн, уот, сайыҥҥы водопровод боппуруостара быһаарыллан  бэрт элбэх ыал дьиэ туттубута,  гаастааһын, уулуссаны сырдатыы  боппуруостара кэлимник быһаарыллыбыттара. Оҕо тэрилтэлэрин материальнай базаларын бөҕөргөтүүгэ, салгыы тупсарыыга Татьяна  Афанасьевна элбэх сыратын, билиитин-көрүүтүн, сатабылын биэрбитэ. Бэйэтэ культура  специалиһа да буолан,  нэһилиэнньэ сынньалаҥын, талаанын сайыннарыыга, олоххо саҥа обрядтары – кыһыны атаарыы, уулусса бырааһынньыктарын,  Саҥа дьылы көрсүү, оҕолор сынньалаҥнара  үрдүк таһымнаахтык тэриллэрэ. Салайар коллектива, үксэ дьахталлар, сүрдээх көхтөөхтүк  нэһилиэк араас хайысхалаах  кыһалҕаларын быһаарыыга Татьяна Афанасьевна тула  түмсэн, бириэмэтигэр  кыһалҕалары быһааран ыарахаттары туорууллара, ситиһиллибитинэн астыналлара, киэн тутталлара. Онно салайааччы билиитэ-көрүүтэ, уопута, дьоҥҥо тылын ылыннарар, түмэр  дьоҕура, кытаанах ирдэбилэ, үрдүк эппиэтинэһэ  олук буолара. Кэскиллээх, үүнэр эдэр каадыры Нам улуустааҕы ТБ үлэҕэ салайааччынан анаабыттара, бэрт таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. Ол кэмҥэ  миниципальнай сулууспалаахтар профсоюзтарын салайбыта, өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр тэрилтэ буолбута үлэһит быраабын, үлэлиир-олорор усулуобуйаны тупсарыыга,  олоххо көстөр ыарахаттары  туоратарга  чахчы да үрдүк таһымнаахтык үлэлээбитэ туоһулуур. Кини маны таһынан, Нам улууһун нэһилиэктэрин баһылыктарын түмсүүтүн салайааччынан талыллан өрө көтөҕүүлээхтик үлэлээбитэ.

Татьяна Афанасьевна бу түбүктээх эппиэтинэстээх үлэ таһынан дьоҥҥо-сэргэҕэ, бииргэ үлэлээбит коллегаларын, дьүөгэлэрин  кытары алтыһыытыгар кини киһи быһыытынан элбэх умнуллубат  өйдөбүлү хаалларбыта:

Холобура, бу биһиги, Зарема, Андрей Бочкаревтар дьиэ кэргэттэрэ, Татьяна Афанасьевналыын үөрэхпитин бүтэрэн 1984 сыллаахха М.К. Аммосов аатынан сопхуос Хатырыктааҕы отделениетыгар үлэлии кэлээт билсибиппит. Оччолорго кини кулуупка үлэлиир этэ. Саҥа билсээт, олох уруккуттан билсэр дьон курдук буола түспүппүт. Татьяна наһаа аһаҕас, элэккэй, тугу барытын түргэн үлүгэрдик быһаара охсор, сэргэх киһи буолан биэрбитэ. Биһигиттэн олох чугас олорор буолан күн ахсын киирэ-тахса сылдьарбыт. Кэлин оҕолорбут кытары биир кылааска гимназияҕа үөрэммиттэрэ, уолбут сыбаайбатын церемониятын Татьянабыт ыыппыта, онон доҕордоһуубут өссө күүһүрбүтэ.

Онтон куораттан төрүттээх Светлана уонна Роман Абрамовтар улахан Эдьиийбит, Розалия Егоровна Лукина тэрээһинигэр билсэн дьүөгэлии буолбуттара номнуо 46 сыл буолбут эбит. Ол курдук, Абрамовтар дьиэ кэргэн куораттан сайын сынньана, сир астыы, балыктыы бары бииргэ сылдьарбыт.

Мунньустар, сынньанар сирбит – Нам улууһун Түбэ нэһилиэгэр, Нам улууһун Ытык киһитигэр, биир эмиэ улахан салайааччы, барыбыт олохпутугар-үлэбитигэр сүбэһиппит, аҕа дьүөгэбит, убаастабыллаах Розалия Егоровна Лукинаҕа түмсэрбит. Ол түмсүүнү барытын Татьяна Афанасьевна дьаһайара, сүрүннүүрэ. Кини онно араас талбытынан туорда, бутерброд арааһын астаан уонна хайаан да сиргэ алаадьылаан сырылатара олох умнуллубат. Ол истиҥ доҕордоһуубут кини тиһэх күннэригэр диэри салҕанан барбыта.

Татьяна Афанасьевна барыбытын куруук Намҥа дьиэтигэр-уотугар куруук ыҥыран хайаан да чэйдэтэрэ, онно кэпсээн-ипсээн, ол быыһыгар тугу эрэ буһаран, сырылатан, түргэн үлүгэрдик аһа-үөлэ остуол муҥунан буолааччы.

Биһиги доҕотторбутун туһалаах, туох да атын бэлиэлэринэн талбакка эдэр эрдэхпититтэн наар дууһабытынан, быһыыбытынан тапсан доҕордоһон, эрэллээх доҕоттор – диэн билигин да сибээспитин сүтэрбэппит.

Татьяна Афанасьевна кэргэнинээн, Степан Семеновичтыын, улууска ытыктанар үлэһит дьиэ кэргэн быһыытынан биллэллэр. Икки уол оҕолонон, улаатыннаран, үөрэхтээн, дьиэлээн-уоттаан үлэһит оҥорон олох улахан суолугар үктэннэрэргэ ахсаабат кыһамньытын уурара, ситиһиилэриттэн үөрэрэ-көтөрө.

Кылгастык да олордор,  чаҕылхай олоҕо,  үлэтэ-хамнаһа сөпкө сыаналаммыта. Культура эйгэтигэр үлэлии сылдьан  айымньылаах  үлэтэ Министерствотын Бочуоттаах Грамоталарынан бэлиэтэммитэ. СӨ муниципальнай сулууспатын туйгуна аат (2015 с.) иҥэриллибитэ, “За вклад в развитие МО Намский улус” (2018 с.) бочуотунай бэлиэнэн, Ленскэй нэһилиэк Ытык киһитин аата (2005 с.) иҥэриллибиттэрэ. Общественнай профсоюзнай үлэтэ  “За вклад в развитие профсоюзного движения Якутии” (2015 с.), ”За активную работу в профсоюзах” (2020 с.) анал бэлиэлэринэн  бэлиэтэммитэ.  Араас үбүлүөйдэр, куонкурустар, фестиваллар түмүктэринэн,  айымньылаах үрдүк таһаарыылаах общественнай үлэтэ бэрт элбэхтик Махтал суруктарынан, Грамоталарынан, сыаналаах бэлэхтэринэн, харчынан бириэмийэнэн бэлиэтэммиттэрэ Татьяна Афанасьевна олоххо  позициятын, сатабылын, тэрийэр дьоҕурун, дьону түмэр, сомоҕолуур  профессиональнай  таһымын  бигэ туоһулара.  Олох салҕанар, ситим быстыбат. Кини үлэтин, олоҕун, баҕа санаатын  дьиэ кэргэттэрэ, аймахтара, табаарыстара, коллегалара салгыыллар. Хас биирдиибит тыыннаахпыт тухары  Татьяна Афанасьевна сырдык мөссүөнүн умнубаппыт, суохтуубут, ахтабыт…

Дьүөгэлэрэ, Нам улууһун Ытык дьоно: Габышева Мария Николаевна, Лукина Розалия Егоровна, Абрамова Светлана Петровна, Россия финансовай сулууспатын туйгуна, Бочкарева Зарема Романовна, Россия уонна Саха сирин бочуоттаах фермерэ, Заровняева Мария Николаевна, СӨ муниципальнай сулууспатын туйгуна