Хамаҕаттаҕа Н.П. Габышев аатынан «Эрчим» спорт саалаҕа быстах олорор пуун арыллыбыта. Халаан кэмигэр спорт саалаҕа Модут нэһилиэгиттэн 6 киһи, Хамаҕаттаттан 10 киһи уонна 10 ЫБМ сулууспалаахтара олоруохтара.
«Быстах олорор пууҥҥа 40 орон баар. «Эрэл» ТХПК уонна олохтоохтор бородуукта, ас-үөл аҕалан көмөлөһөллөр», — диир спорт саала дириэктэрэ Андриан Протодьяконов.
Лукинова Екатерина Афанасьевна, Модут олохтооҕо, кыраайы үөрэтээччи, учуутал ветеран:
— Модут нэһилиэгэр быйылгы курдук улахан уу кэлбитин олох өйдөөбөппүт. Арай 1998 сыллаахха халаан уута аҕыйах ыалы ылбыта. Холобура, мин дьиэм үрдүк сиргэ турар буолан, уу ылбат диэн эрэллээх олорбутум. Уолум кэлэн уу улахан кэлэр үһү диэн эппитигэр, ол тухары санаам бөҕөх этэ. Онтон дьэ, кутан саҕалаабат дуо… 11 кылааска үөрэнэр сиэн уолум уу кэлэн эрэр диэбитигэр көрбүтүм. Уу наһаа түргэнник кэлэн, соһуччу иннибитинэн-кэннибитинэн кутан кэбиспитэ. Халаан уутугар умуһахпытыгар баар үс куул хортуоппуйбутун, бородууктабытын былдьаттыбыт. Ол курдук, «үчүгэй алаастар» эвакуацияҕа бэлэмнэнин диэн биллэрии кэлбитэ. Ити курдук, быйылгы ууну кэргэнэ суох соҕотох көрүстүм. Билигин кэргэним куоракка балыыһаҕа эмтэнэ сытар.
Халаан уутун Хатырыгынан уонна соҕуруу өттүттэн күөлбүтүнэн кутта диэн этэллэр. Олохтоох дьаһалтабар наһаа улахан махталлаахпын. Дьаһалта үлэһиттэрэ, үөрэппит оҕолорум соҕотох олорор саастаах дьоҥҥо көмөлөһөн, болҕомто ууран, кыһанан, харыстаан, убаастаан сөптөөх дьаһал ыллылар диэн наһаа үөрдүм. Кырдьыга, уу кэлэ туруутугар наһаа уолуйан, ыксаан хаалбыппын. Тугу да гыныахпын билбэккэ хаалбытым.
Манна Хамаҕатта спорт саалатыгар уолаттар эмиэ наһаа үчүгэйдик көрүстүлэр. Ыксаллаах быһыыга-майгыга дьоннорун-сэргэлэрин бырахпаттарын биллим уонна эдэр салайааччыларбытыгар наһаа махтанабын.
Харысхан Попов