Бүгүн дыбарыаска П.И. Сивцев аатынан история уонна этнография музейыгар тэлиэскэ соспутунан, чаҕылхай да, былыттаах да күн аннынан, ардаҕы-хаары аахсыбакка эт-атаҕынан сири-сибиири тэлбит сүүрүк, экстремал-айанньыт, ураты дьоҕурдаах, дьоҥҥо-сэргэҕэ холобурга сылдьар Петр Наумов туһунан «Экстремал-сүүрүк Петр Наумов» диэн документальнай киинэ сүрэхтэниитэ буолла.
Киинэни Нам улууһун культураҕа уонна духуобунай сайдыыга управлениетын сакааһынан музей киновидеоархив отделын үлэһиттэрэ оҥорбуттар. Сценарийы Вера Попова, Мария Петрова суруйбуттар, уһулааччы уонна таҥааччы — Станислав Слепцов, тиэкиһи Алексей Кривогорницын аахпыт, тыас-уус, музыка үлэтин Сергей Акимбетов толорбут.
Бүгүн, олунньу 9 күнүгэр, көрбөттөр обществоларын ветерана, чэпчэки атлетикаҕа СӨ спордун маастара, СӨ физкультураҕа уонна спорка туйгуна, ветерана, «Гражданскай килбиэн», «2010 сыл — Саха сирин чулуу киһитэ» бэлиэлэр хаһаайына, Арассыыйа уонна Европа чемпионаттарын бэтэрээннэр ортолоругар марафоннарын кыттыылааҕа, дуобакка маастарга кандидат, Россия Гиннеһин кинигэтигэр киирбит экстремал-сүүрүк, Нам улууһун Бочуоттаах гражданина, Чурапчы улууһун Хоптоҕо нэһилиэгин Ытык киһитэ, күүстээх санаалаах сүдү киһи, амарах аҕа, эйэҕэс эһэ Петр Семенович Наумов 75 сааһын туолла.
Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ улуус, нэһилиэк дьаһалтатыттан, управлениеларыттан, үөрэммит кыһатыттан салайааччылар, биир үөлээннээхтэрэ, сүгүрүйээччилэрэ, сүүрүктэр, дуобатчыттар, киинэҕэ уһуллубут геройдар, дьиэ кэргэнэ кыттыыны ылан истиҥ эҕэрдэ тылларын тириэртилэр, холобур буоларын эттилэр.
Петр Семеновичка «СӨ Бочуоттаах кырдьаҕаһа» түөскэ анньыллар бэлиэни, «Нам улууһа» МТ дьаһалтатыттан, депутаттарын аатыттан эҕэрдэ суруктары, «Нам улууһун спордун сайдыытыгар үтүөлэрин иһин» бэлиэни туттардылар.
П.И. Сивцев аатынан история уонна этнография музейыгар экстремал-сүүрүк туһунан сырдатар экспозицияҕа эбии Петр Семенович бэйэтин портретын, кини туһунан тахсыбыт кинигэлэрин, кубоктарын, мэтээллэрин дьиэ кэргэнин аатыттан дириэктэргэ Александр Копыриҥҥа туттардылар. Итини таһынан, СӨ физкультуратын уонна спордун үтүөлээх үлэһитэ, саха радиотын уонна телевидениетын туйгуна, В. Степанов аатынан спорт журналистикатын бириэмийэтин лауреата Василий Посельскай бэйэтин архыыбыттан үгүс хаартыскалары, видеолары туттартаабыт, киинэ уһулуутугар күүс-көмө буолбут.
Петр Наумов оскуоланы бүтэрэн баран Намнааҕы педучилище художественнай графика салаатын бүтэрэн, уруһуй, черчение уонна үлэ учууталын идэтин баһылаабыт. Онтон Нам улууһугар олохсуйан учууталлаабыт. Ол кэнниттэн атын да үлэлэргэ үлэлии сылдьан, 40 сааһыттан этин-хаанын дьарыктаан сыыйа сүүрүүнэн үлүһүйэн барбыт. Онтон ыла Саха сирин тилийэ сүүрэн баран — Россия, Европа таһымыгар тахсыбыта. Аан бастакы уһун сүүрүүтэ Дьокуускайтан Намҥа диэри буолбут.
Петр Семенович Намҥа сыһыаннаах сүүрүүлэрин ылан көрүөххэ:
— 1997 с. М.К. Аммосов төрөөбүтэ 100 сылыгар анаммыт Нам – Уус Алдан – Мэҥэ Хаҥалас – Чурапчы – Таатта улуустарынан ыытыллыбыт 450 км усталаах пробекка кыттыбыт.
— 1998 с. хомсомуол 80 сылыгар анаан соҕотоҕун 80 км биир күн Үөдэй – I Хомустаах – Партизан – Никольскай – Хамаҕатта – Нам – Аппааны – Кыһыл Дэриэбинэ – Бөтүҥ – Модут – Хатырык маршрутунан сүүрбүт.
— 1999 с. Намтан Дьокуускайга диэри хас да төгүл сүүрэн СӨ спордун маастарын нуорматын толорбут.
— 2001 сыллаахха М.К. Аммосов уонна М.Е. Николаев төрөөбүт дойдуларыгар өйдөбүнньүк оҥорон, биэс күн устата тэлиэскэ соһон, 250 км Нам Хатырыгыттан саҕалаан I Хомустаах – Дьокуускай – Өктөм – Покровскай – Булгунньахтаах маршрутунан сүүрбүт.
— 2002 с. М.К. Аммосов төрөөбүтэ 105 сылыгар анаан Дьокуускайтан Хатырыкка диэри сүүрүүгэ кыттыбыт.
Бары билэрбит курдук, Петр Семенович 2014 с. Новгородскай уобалас Ильмень күөлүттэн (1943 сыллаахха геройдуу охтубут саха буойуттарын пааматынньыктарыттан) Севастопольга диэри 3850 км сири 78 хонук сүүрбүтэ. Чиҥэтэн эттэххэ кини Улуу Новгородтан саҕалаан Ржев – Москва – Тула – Новороссийскай – Керчь – Севастополь герой-куораттары таарыйталаан ааспыта.
Тулхадыйбат модун, хорсун, күүстээх санаалаах Петр Семенович Наумов туһунан документальнай киинэ ыччакка үтүө холобур, сүбэһит буолар. Киинэҕэ кини сүүрүүтэ, олоҕо киэҥник, арылхайдык көстөр.
Семен Аргунов