Нам улууһугар СӨ Гражданскай оборуона дьыалатыгар уонна нэһилиэнньэ олоҕор-дьаһаҕар куттал суох буолуутун хааччыйыыга министрэ Дмитрий Лепчиков салайааччылаах, киин улуустарга халаан уутун кэмигэр сэрэхтээх буолуу уонна бэлэмнэнии боппуруостарыгар СӨ ыксаллаах быһыыга-майгыга хамыыһыйатын көһө сылдьар мунньаҕа буолла.
Мунньахха Хаҥалас, Нам, Горнай, Кэбээйи улуустарын, Дьокуускай куорат дьаһалталарын баһылыктара, тустаах министерстволар, департамент салайааччылара, кыттыыны ыллылар. Ыксаллаах быһыыга-майгыга үлэлэһэр биэдэмистибэлэр, тэрилтэлэр салайааччылара өрөспүүбүлүкэ таһымыгар халаан уутугар бэлэмнэнии үлэтин иһитиннэрдилэр. Элбэх арыылаах сирдэринэн муус харыыта кутталы үөскэтиэн сөп диэн этэллэр.
Нам улууһугар халаан уута суоһуур нэһилиэктэрин ахсааныгар 12 бөһүөлэк (Үөдэй, Партизан, Никольскай, Хамаҕатта, Ленскэй, Аппааны, Граф Биэрэгэ, Кыһыл Дэриэбинэ, Бөтүҥ, Модут, Арбын, 2 Хомустаах) киирэр. СӨ Быыһыыр сулууспатын отделын күнү-дьылы, ууну кэтээн көрөр управление специалистара сабаҕалаабыттарынан Дьокуускай, Нам сиригэр-уотугар ыам ыйын 16-17-18 күннэригэр көмүөл мууһа устуоҕа.
Нам улууһугар ууга барыан сөптөөх нэһилиэктэргэ хас дьиэ, онно хас киһи олороро хас социальнай тутуу баара барыта учуоттаммыт. Ол курдук, уу ылыан сөптөөх намыһах сирдэргэ 1678 олорор дьиэ, онно 6742 киһи, онтон 1780-на оҕо, 51 социальнай суолталаах, 22 олоҕу-дьаһаҕы хааччыйар суолталаах тутуу баара биллэр.
«Нам улууһа» МТ бас билиитигэр икки куттал суох буолуутун хааччыйар икки улахан гидротехническэй тутуу (даамба) АЗС №5 – Граф Биэрэгэ – Кыһыл Дэриэбинэ уонна Үөдэйгэ баар. Даамбалары страховкалыырга, көрүүгэ-истиигэ, улахан техникалаах тэрилтэ дьуһуурустубалыырыгар улуус бюджетыттан үп тыырбыттар.
Улууска быстах кэмҥэ дьону олохтуур уопсайа 1475 миэстэлээх 12 пуун үлэлиэҕэ. Ыам ыйын бастакы күннэриттэн тустаах бэрэбиэркэлиир уорганнар ПВР-дар бэлэмнэрин көрүөхтэрэ-истиэхтэрэ. 2024 сылга ыксаллаах быһыы-майгы буолар түгэнигэр нэһилиэнньэ көмүскэллээх буолуутун хааччыйыыга «Нам улууһа» МТ бюджетыттан 4 534 000 солк. көрбүттэр.
Мунньах бүтүүтүгэр СӨ Гражданскай оборуона дьыалатыгар уонна нэһилиэнньэ олоҕор-дьаһаҕар куттал суох буолуутун хааччыйыыга министрэ Дмитрий Лепчиков тустаах министерстволар, тэрилтэлэр улуус дьаһалталарын кытары ыкса биир ситимнээхтик үлэлэһэллэригэр сорудахтаата.
Семен Аргунов