Өлүөнэ өрүс Сахабыт сирин саамай сүрүн баайа

Ырыых-ыраах, ханна эрэ Сир диэн ааттаах планетаҕа Саха сирэ диэн ааттаах ирбэт тоҥ саарыстыбата баар. Ол саарыстыбаҕа кэрэттэн кэрэ, күөх халлаан харахтаах Өлүөнэ диэн өрүс устар.

Бу өрүскэ олорбуттара эбитэ үһү Хатыыс балыктар иллээх дьиэ кэргэттэрэ: ийэлэрэ, аҕалара уонна кинилэр оҕолоро кыракый хатыысчааннар – Лелик уонна Ляля. Биир ыраас халлааннах үтүө күн кинилэр, бүтүн ыал бары, өрүһү таҥнары устан саҥа олорор сир көрдүү барарга быһаарыммыттар. Уонна иллээх дьиэ кэргэн бүтүннүү уста турбуттар.

Дьокуускай куорат даамбатын ааһан иһэн, үөрэ-көтө кытылга чугаһаабыттар. Арай көрбүттэрэ, өрүс алдьархайга түбэспит эбит. Кини саҥата суох хараҕын симэн уһуктубат уутугар утуйбут курдук сытара. Кытылга бөх-сах ыһыллыбыт, өрүс уута болоорхой дьүһүннэммит, кытыл бэйэтэ кубус-кураанах. Кытылтан чугас кинилэр көмүс дуйдаах кыра балыгы өйдөөн көрбүттэр. Кини нэһиилэ тыынар эбит. Балыкчааннар дьиэ кэргэттэрэ киниэхэ чугас устан кэлэн ыйыппыттар: “Бу туох буолла? Биһиги кэрэ өрүспүт туохха түбэстэ? Тоҕо кини кэпсэппэт буолан хаалла?” Онуоха балыкчаан саҥата иһиллэр-иһиллибэттик хоруйдуур: “Сыл аайы дьон бу кытылларга сынньана уонна оонньуу-көрүлүү кэлэллэрэ, элбэх сыл тухары манна бөҕү-саҕы хааллараллара. Талахтары уонна мастары алдьаталлара, сибэккилэри үргүүллэрэ, кутаа уот оттоллоро, массыыналарын сууйаллара. Кэм-кэрдии баран истэҕин аайы, Өлүөнэ кытыла мөлтөөтөр мөлтөөн, уута киртийдэр киртийэн испитэ. Чыычаахтар уонна лыахтар көтөн хаалбыттара, үөн-көйүүр барыта куоппута. Уу олохтоохторо бары өлөн-сүтэн барбыттара. Эһиги миигин быыһааҥ диэн көрдөһөбүн!” ИЙЭ уонна АҔА балыктар балыкчааҥҥа эппиттэрэ: “Биһигини кытта мантан аллара өрүһүнэн устуоҥ этэ дуо? Онно баҕар маннааҕар ыраас буолаарай”. Лелик: “Бардыбыт биһигини кытта!” Уонна бары бииргэ өрүс сүүрүгүн хоту аллара устубуттар. Тиийбит сирдэригэр көмүс балыкчаан өрүс уута дьэҥкир уонна ыраас буолан иһэрин көрбүтэ. Онтон, эргиллэн көрбүтүгэр, даамбаҕа сыппыт бөх-сах кинилэргэ чугаһаан иһэр эбит. Онуоха балыкчаан саҥа доҕотторугар этэр: “Бөх-сах биһиэхэ чугаһаан иһэр, мин атын балыкчааннар алдьархайга түбэһиэхтэрин баҕарбаппын. Эһиэхэ миигин быыһаабыккытыгар олус махтанабын. Билэҕит дуо, мин көннөрү балык буолбатахпын, эһиги үс баҕа санааҕытын толоруохпун сөп”.

Хатыыстар дьиэ кэргэттэрэ итини дьиктиргии иһиттилэр. Аҕалара толкуйдаан баран этэр: “Мин дьон бэйэлэрин кэннилэриттэн хомунуохтарын, бөх-сах суох буолуоҕун, биһиги Өлүөнэ өрүспүтүн харыстыахтарын баҕарабын”. Ийэлэрэ толкуйдаан баран этэр: “Мин кытылга сибэккилэр, мастар уонна талахтар үүнүөхтэрин баҕарабын”. Лелик уонна Ляля өр толкуйдуу барбакка этэллэр: “Онтон биһиги өрүс үрдүнэн лыахтар, тэмэлдьигэннэр дайа көтүөхтэрин, чыычаахтар ыллыахтарын уонна өрүс бары олохтоохторо, биһиги доҕотторбут, төннөн кэлиэхтэрин баҕарабыт!”

Балыкчаан кутуругунан сапсыйбыта. Өрүс уута оргуйан турбута, чалымныы охсуллубута, харахтарын аргыыйдык аһан, тиллэн барбыта уонна эппитэ: “Миигин быыһаабыккыт иһин барыгытыгар барҕа махтал буоллун, эһиги миигин олоххо төнүннэрдигит!” Кытылга мастар уонна талахтар көҕөрөн чэлгийбиттэрэ, лабааларыгар чыычаахтар ыллаабыттара, хонууга сибэккилэр тыллыбыттара. Олор үрдүлэринэн кэрэ лыахтар уонна тэмэлдьигэннэр тэлээрэ көппүттэрэ. Балыкчааннар дьиэ кэргэттэрэ ол кэрэни көрөртөн муҥура суох дуоһуйбуттара. Кинилэр көмүс балыкчааҥҥа махтанан туран, тулалыыр Аан дойду хайдах буолара дьонтон эрэ тутулуктааҕын өйдөөбүттэрэ.

Өрүс диэн уу. Онтон уу диэн олох. Кыылларга уонна үүнээйилэргэ, көтөрдөргө, сир үрдүгэр баар бары харамайдарга уонна дьоҥҥо.

6 саастаах Павлова Туйаара төрөппүтүнээн Павлова Сардаана Анатольевналыын

Граф Биэрэгиттэн “Ромашка” уһуйаан иитээччилэрэ: Алексеева Анжелика Борисовна, Артемова Анастасия Анатольевна

Читайте дальше