Эҥин дьиктилэр: ЭТИҤ СУОЛА

Бэт былыр, этиҥ Дьааҥынан, Намынан кэлэн Аллаҥа ааһар биир сүрүн суоллааҕын билбиттэр эбит. Дьэ, ол иһин ойдом турар үрдүк ходуһаларга (арыыларга) этиҥи аһарар остуолбалары туруорарга санатыы баар эбит.

Мин кыра эрдэхпинэ эбэм барахсан: «Ити Ылдьаа Бороруок тэлиэгэтин тыаһа силискэ охсуллан лүһүгүрүүр-лаһыгырыыр», – диэн этэрин кырдьыктанар этим. Өрдөөҕүтэ да, өтөрдөөҕүтэ да диэххэ сөп. «Нам» сопхуостан арахсыбыппыт утаата, Кириэс Кытыл биригээдэтин Саҥа Арыыга оттуур звенотун салайааччынан Афанасьев Дмитрий Васильевич анаммытын саҕана, сопхуос дирекциятыттан сорудах кэлбиттээх: «Үрдүк ходуһалаах Саҥа Арыыга этиҥи аһарар остуолбаларда киллэрэн туруор!» – диэн (ити биһиги нэһилиэктэн этиҥ киһини өлөрбүт түбэлтэтиттэн ылыллыбыт дьаһал буолуохтаах). Онуоха звеньевой Миитэрэй бөһүөлэккэ тахсан остуолбатын булан, боробулуохатын бэлэмнээбитин кэннэ олор анаммыт сиригэр арыыга киирбэккэ хаалбыттаахтар.

Итинэн сибээстээн, этиҥ сиргэ алдьатыылаах түгэннэрин туһунан тугу билэрбин кэпсии түһүөхпүн баҕардым.

1948 сыллаахха күһүөрү сайын Салбаҥҥа Бүтэйдээх диэн алаас сиргэ этиҥнээх ардах түһэн курулата турдаҕына, үөр сылгы бөдөҥ тииттэри быыһынан субуруһан ааһан истэхтэринэ, тула түөрт тииккэ этиҥ сааллыытыгар 22 сылгыны өлөрбүттээх.  Итинник түбэлтэ өтөрүнэн тахсыбатах буолан, сылгыһыт Сүөдэр уһуннук көрдөөн сылгыларын өлүктэрин булбуттаах.

Аны 1951 с. диэки буолуо (сылын чуолкай ким да билбэт),  Никольскай биригээдэтэ Саҥа Арыыга ходуһа ыраастата 5 киһини ыытар. Ол дьон киирэн, Өлөксөөс өтөҕөр үрдүк сир баарыгар балаакка тардынан хоно сылдьан үлэлээбиттэр. Балааккалара 20 миэстэлээх киэҥ «дьиэ-уот» эбит. Арай туран, биир киэһээ этиҥнээх ардах кэлэн ыаҕастаах уунан кута турдаҕына, эмискэ үлүгэр балаакка иһэ сып-сырдыгынан сандаара түспүт. Даайалара мэй-тэй буолбут (билигин 84 саастаах Соловьева Дария Ивановна кэпсээниттэн бу түгэни билиһиннэрэбин). Кини биирдэ өйдөммүтэ, балааккаттан тахсан кытыл диэки сыыллан эрэр эбит. Чаҕылҕан таарыйбытыгар синньигэс биилиттэн аллараа өттө күөх баламах, этэ-сиинэ уотунан аһыйар, тогунан оҕустарар курдук дьырылыыр. Ити эттэххэ дөбөҥ. Атын дьоно ама буоланнар оҥочоҕо эрдинэн ол түүн Даайаларын Нам балыыһатыгар аҕалбыттар. Даайа этэ тогунан дьайарын иһин быраастар эрэһиинэ бэрчээккэлээх туран, хас үстүү чаас аайы укуол биэрбиттэр. Дьаама хаһан сииктээх буорга олордон өрүһүйбүттэр. Ити ыарыыга Даайа этин температурата 41 кыраадыска тиийэ сылдьыбыт.

Итинэн эрэ бүппэтэх. Чаҕылҕан дапсыырыгар Протопопова Евдокияны моонньун салаабыт, Заболоцкай Ильяны хаҥас хонноҕун аннынан охсон, ол содулугар өрүттүбэккэ эһиилигэр өлбүтэ. Винокурова Ксения, Нератов Егор балачча таарыйтарбыттар.

1976 с. ити үөһээ ахтыллыбыт Афанасьев звенотун отчуттара маҥнайгы хотуурга киириилэригэр, бу иннинэ отучча сыл арыы эҥээр оттообокко, наар хара тыанан бултуу-алтыы сылдьыбыт, Салбаҥҥа олорбут М.Г. Москвитин – Ороһу, өр сылларга Салбаҥҥа олорон үлэлээбит А.Е. Пестряков Саҥа Арыыга саҥардыы киирэр дьон быһыытынан, сири-уоту аһатарга тыл көтөхпүттэрин звеньевойдара Афанасев аккаастаан кэбиспит. От ыйын 17 күнүгэр иккис омурҕан чугаһаан турдаҕына, арҕааттан быстах лоскуй былыт тахсыбыт эрээри этиҥэ сүрдээх эрчимнээхтик ньиргийэн, хабырыттан кэлэн ардаан курулатан кэбиһэр. Дьон ардахтан куотан ойдом турар арбаҕар үөт анныгар (Ороһу Мэхээлэ уонна Константин Винокуров) хорҕойоллор. Утаакы буолбакка, этиҥ тыаһа өрө хабырытта түспүтүгэр, Көстөкүүн косилкалаах аттара үргэн сырсыбыттарын эккирэтэр. Онуоха Ороһу күлэ хаалбыт. Константин Саввич балайда тэйбитин кэннэ, кэннигэр өссө улаханнык этиҥ тыаһа өрө хабыллыбыт. Ол икки ардыгар быстах былыт ааһан хаалбыт. Халлаан хаһан да ардаабатахтыы ыраас, чуумпу күн чэмэлийэр. Көстөкүүн дьонугар тиийэн чэйдии-чэйдии киһитин кэтэһэр да кэлбэтэх. Чэйдээн баран киһитэ олорон хаалбыт үөтүгэр тиийбитэ, Мэхээлэтэ хорҕойбут үөттэрин чаҕылҕан курдаттыы саайбытын көрөн соһуйуу бөҕөнү соһуйар, куттанар. Кини эмиэ ити алдьархайга түбэһиэҕин аттара куотан быыһаммыт. Ити түбэлтэ кэнниттэн уонтан эрэ тахса хоноот, Өлөксөй ууга былдьанар. Онуоха звеньевой Миитэрэй икки отчутун сүтэрэн баран: «Сирбитин-уоппутун аһаппаккабыт, оҕонньоттор тылларын-өстөрүн истибэтэҕим содуллаах буолла», – диэбиттээҕэ үһү.

Онон сиргэ-уокка сылдьарга сиэри-туому тутуһуу, былыр-былыргыттан саха киһитигэр олохсуйбут үгэһи толоруу билигин даҕаны суруллубатах сокуон быһыылаах. Арай эрэ арыгынан аһаппакка, арыылаах лэппиэскэнэн, килиэбинэн сир-дойду иччититтэн ааттаһан, алгыс тылы этэн, сири-уоту аһатыы билигин даҕаны мүччүрүйбэт үгэс буолар. Итэҕэл – күүстээх! Итэҕэл – иччилээх!

Быйыл оройуон хаһыатыгар Салбаҥтан Петр Колесов суруйуута да элбэҕи кэпсиир. Айылҕа күүһэ-уоҕа хаһан баҕарар хатылана туруо. Биһиги айылҕа оҕолоро буоллахпыт. Онон биһиги тулалыыр эйгэбит көстөр дьиктилэрин алдьархайдарыттан төһө кыалларынан көмүскэнэ сатыахтаахпыт. Онно, биллэн турар, сиэри-туому тутуһуохтаахпыт. Эбэм аах этиҥнээх ардах кэмигэр төбө сыгынньах сырытыннарбат, улаханнык айдаардыбат, сүүрдүбэт-көтүппэт этилэр. Ити, биллэн турар, айылҕаҕа сүгүрүйүү сиэрин-туомун биир түгэнэ буоллаҕа дии. Ону билигин тутуһарбыт аҕыйах быһыылаах.

Манна олорор Аллан дьоно кэпсииллэринэн, биһигиннээҕэр кинилэргэ элбэх түгэн буолуталыыр эбит. Саа сүгэн иһэр киһини, мотуордаах оҥочолоох айаннаан иһэр дьону этиҥ өлөртөөбүт түбэлтэлэрэ баар эбит. Өссө кутталлааҕа шаровай чаҕылҕан дьиэҕэ киирэн «күүлэйдии» сылдьан көбүөргэ ыйанан турар сааны охсубут түбэлтэтин эмиэ кэпсииллэр.

Айылҕа ити биир дьикти көстүүтэ – этиҥ таһаарбыт алдьархайдарын туһунан кэпсээним төрүөттээх. Билигин биһиги сирбитигэр-уоппутугар, өрүстэрбит арыыларын оттуур ходуһаларыгар этиҥнэри аһарар оҥоһуктар туруоруллубатахтарыттан ити түбэлтэлэри кэпсээтим. Баҕар, манан сиэттэрэн, арыыларбыт ходуһаларыгар этиҥ аһарааччылары туруорар туһунан толкуйдуох баар этэ.

Н. КОКОРЕВ

«Эҥсиэли», 1993 с., атырдьах ыйын 10 к.