Эҥсиэли хапсаҕайыгар 183 бөҕөс күөн көрсөр

Эҥсиэлибит хочотугар биир дойдулаахпыт, СР хапсаҕайга федерациятын президенэ Николай Румянцев бирииһигэр ахсыс төгүлүн «Эҥсиэли хапсаҕайа» республикатааҕы күрэх  саҕаланан бара турар.

Бастакы күн бөлөҕүнэн эргиир уонна полуфинал күрэхтэрэ буолуохтара, күн иккис аҥарыгар үөрүүлээх быһыыга-майгыга кыттааччылар параадтаан киирдилэр. Кырдьык даҕаны бу үчүгэй көстүүнү илэ хараҕынан көрбүт, хаптаҕай кулгааҕынан истибит ордук буолла. Улуус бөтөрүспүт бөҕөстөрө, эрчимнээхтик хааман киириилэрэ, көрөн олорор киһи  санаата көтөҕүллэр.  

«Нам улууһа» муниципальнай тэриллии баһылыгын  эбээһинэһин солбуйааччы Анатолий Павлов, СР хапсаҕайга федерациятын президенэ Николай Румянцев, СР Ил Түмэн судаарыстыбаннай мунньаҕын тыа сиригэр уонна Аграрнай политика комитетын бэрэссэдээтэлэ Александр Атласов, СӨ Ил Түмэн судаарыстыбаннай мунньаҕын депутата Прокопий Рахлеев, Нам улууһа МТ депутаттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ  Алексей Винокуров,  Ленскэй нэһилиэк МТ баһылыга Петр Сокольников, Р.М. Дмитриев аатынан Олимпийскай Эрэллэри бэлэмниир училище директора Семен Чердонов, Нам улууһа МТ спорт управлениетын начальнига Павел Иванов, Нь.С.Тимофеев республикатааҕы спортивнай эрэллэри бэлэмниир оскуола директора  Василий Винокуров, күрэхтэһии сүрүн судьуйата Вячеслав Данилов эҕэрдэ тылларын эттилэр, күрэхтэһээччилэргэ ситиһиини баҕардылар.

Күрэх түмүгүнэн кыайыылаахтар 30–туу тыһ. солк., иккис миэстэлээхтэр – 20-лии тыһ. солк, үһүс миэстэлээхтэр 10-нуу тыһ. солк. наҕараадаланыахтара. Маны таһынан, муҥутуур кыайыылааҕы быһаарыыга түөрт киирсии олохтонуоҕа. 75 кг диэри уонна  онтон үөһээ сүрүн бириис – 150 тыһ. солк. Бэтэрээн эр дьоҥҥо 80 кг диэри  уонна онтон үөһэ сүрүн бириис 100 тыһ. солк. Күрэхтэһии А категориялаах буолан, бастыҥнар өрөспүүбүлүкэ хапсаҕайга маастарын нуорматын толорор иһин киирсиэхтэрэ.

«Эҥсиэли хапсаҕайа» күрэхтэһиигэ 25 улуустан 183 күүстээх бөҕөс кэлэн кыттыыны ылар.

Лена Корякина