Бэҕэһээ М.К. Аммосов аатынан култуура Дыбарыаһыгар Педагог уонна наставник сылынан З.П. Винокуров аатынан Намнааҕы оҕо искусствотын оскуолатын уруһуй кылааһын учуутала Ксения Колодезникова көҕүлээһининэн, араас сылларга үөрэппит оҕолорун үлэлэринэн «Айар дьоҕуру саҕааччы» уус-уран быыстапка үөрүүлээхтик арылынна.
-Намнааҕы оҕо искусствотын оскуолатыгар үөрэппит оҕолорум биһигиттэн көтөн-дайан тахсан, иҥэриммит дьоҕурдарын салгыы сайыннаран, «Айар дьоҕуру саҕааччы» быыстапкаҕа бэйэлэрин айар үлэлэрин дьон-сэргэ дьүүлүгэр таһаардылар. Манна оҕолору билиһиннэрэр визиткалар бааллар. Кинилэр ханна, ханнык үөрэххэ үөрэнэн үлэһит буолбуттара, эбэтэр үөрэнэ сылдьаллара барыта сурулунна. Көрөөччүлэр ону ааҕан оҕолору кытта билсиһиэхтэрэ, айар үлэлэрин көрүөхтэрэ. Ойуулуур-дьүһүннүүр искусство салаата элбэх. Манна бааллар худуоһунньуктар, архитектордар, ювелирдар, интерьер, таҥас дизайнердара, иллюстратордар о.д.а. хайысхаҕа үлэлэһэр оҕолорбут. Эҥсиэлибит хочотун илиилэригэр талааннаах оҕолорун, инники кэскилбитин көрдөрүүгэ таһаардым. Кинилэринэн киэн туттабыт, өссө да үүнэ-сайда туруохтара, дойдуларын ааттатыахтара диэн эрэнэбит. Мин үөрэнээччилэрбэр махтанабын, кинилэр миигин өйдөөн, өйөөн бу быыстапканы туруордубут уонна бииргэ үлэлиир кэллиэгэлэрбэр наһаа улаханнык махтанабын. Оҕолорбут үлэлэрин көрүҥ, сэргээҥ, быыстапка ахсынньы 20 күнүгэр диэри туруо, — диир оҕолору кэрэ эйгэҕэ уһуйбут, талааннарын арыйбыт учуутал Ксения Колодезникова.
Кини Намнааҕы оҕо искусствотын оскуолатыгар үлэлиирин тухары оҕолору живопись, графика, декоративно-прикладной көрүҥнэргэ үөрэтэр. Идэтигэр бэриниилээх учуутал уруһуй кылааһыгар 9-с выпустаах, барыта 86 оҕону олох киэҥ суолугар көччүтэ көтүппүт. Онтон 26 үөрэнээччитэ кини туйаҕын хатаран, үрдүк уонна орто анал үөрэх кыһаларыгар үөрэнэллэр, ол иһигэр былырыыҥҥы выпуһуттан 6 оҕо тэҥинэн үөрэххэ туттарсан киирбит. Инники оҕолоруттан сорохторо номнуо ситиһиилээхтик бүтэрэн, үлэлии сылдьаллар. Онтон кини, учуутал киһи, олус астынарын биллэрэр.
Быыстапкаҕа айар үлэҕэ абылаппыт үөрэнээччилэрэ:
—Кира Винокурова (2000-2004 сс. үөрэммит, художественнай кылааһы туйгунунан бүтэрбит. Бүтүн Россиятааҕы, өрөспүүбүлүкэтээҕи, улуустааҕы куонкурустар, быыстапкалар кыттыылаахтара. 2010 с. Германияҕа Бранденбургскай техническэй университет архитектурнай факультетыгар үөрэнэн, 2015 с. бүтэрбит уонна Санкт-Петербург к. «Каро» ХЭТ инженернэй хампаанньаҕа прект-менеджеринэн үлэлээбит. 2019 с. Японияҕа Токиотааҕы дизайн колледжыгар «Иллюстрация» хайысхаҕа видео оонньуу иллюстраторыгар үөрэнэн 2021 с. бүтэрбит. Билигин 2 хампаанньаҕа — «Zigza Game Ltd» иллюстраторынан, «D.H.Inc Ltd» фриланс-иллюстраторынан үлэлиир);
—Григорий Марков (2012-2016 сс. үөрэммит, художественнай кылааһы туйгунунан бүтэрбит. Аан дойдутааҕы, Бүтүн Россиятааҕы, өрөспүүбүлүкэтээҕи, улуустааҕы куонкурустар кыттыылаахтара, элбэх төгүллээх призера. 2015 с. түмүгүнэн СӨ култуура уонна духуобунай сайдыы министиэристибэтин Баалын кыттыылааҕа, «Бастыҥ үөрэнээччи» номинация кыайыылааҕа. 2016 с. үрдүк айымньылаах ситиһиилэрин иһин Мария Владимировна Сокольникова анал стипендията анаммыт. 2022 с. АГИКИ-га үөрэххэ киирэн, «ДПИ уонна дизайн» кафедратыгар «Көстүүм дизайна» идэҕэ 2 кууруска үөрэнэр);
—Татьяна Сидорова (2016-2019 сс. үөрэммит, художественнай кылааһы туйгунунан бүтэрбит. Онтон И.Е. Винокуров аатынан Намнааҕы педколледж «ойуулуур искусство уонна черчение» отделениетыгар киирэн, 2023 с. бүтэрбит. Билигин М.К. Аммосов аатынан ХИФУ «Архитектура» идэтигэр 1 кууруска үөрэнэр);
—Ангела Румянцева (2019-2023 сс. үөрэммит, художественнай кылааһы туйгунунан бүтэрбит. Аан дойдутааҕы, Бүтүн Россиятааҕы, өрөспүүбүлүкэтээҕи, улуустааҕы куонкурустар кыттыылаахтара, элбэх төгүллээх призера. 2023 с. үрдүк айымньылаах ситиһиилэрин иһин Мария Владимировна Сокольникова анал стипендията анаммыт. Билигин АГИКИ-га «Станковай живопись» идэтигэр 1 кууруска үөрэнэр);
—Рада Решетникова (2019-2023 сс. үөрэммит, художественнай кылааһы туйгунунан бүтэрбит. Аан дойдутааҕы, Бүтүн Россиятааҕы, өрөспүүбүлүкэтээҕи, улуустааҕы куонкурустар кыттыылаахтара, элбэх төгүллээх призера. 2023 с. үрдүк айымньылаах ситиһиилэрин иһин З.П. Винокуров аатынан Намнааҕы оҕо искусствотын оскуолатын бастакы дириэктэрэ Иван Афанасьевич Бубякин анал стипендията анаммыт. Билигин АГИКИ-га «Живопись уонна графика» кафедратыгар «Художник-график» идэтигэр 1 кууруска үөрэнэр) уо.д.а. оҕолорун айбыт ураты ис хоһоонноох уруһуйдара, дизайннаан тикпит сахалыы таҥастара, оҥорбут кэрэ киэргэллэрэ, билиҥҥи үөрэнээччилэр үлэлэрэ көрдөрүүгэ туруоруллубуттар. Оттон уран тарбахтаах үөрэнээччилэрин Настя Лукина, Катя Дьяконова тикпит сахалыы, Оля Белоусова авангарднай таҥастарын, Намҥа үһүс сылын оҕо таҥаһын, оонньуурдары, киэргэллэри айар «Magical forest» бренды олохтообут Ангелина Лебедева таҥаһын-сабын кыра оҕолор кэтэн киирэн билиһиннэрдилэр.
Быыстапка аһыллар аалай лиэнтэтин Нам улууһун дьаһалтатын баһылыгын солбуйааччы Филипп Николаев, Намнааҕы педколледж преподавателэ Гавриил Петров, Намнааҕы оҕо искусствотын оскуолатын дириэктэрэ Алексей Афанасьев уонна Ксения Колодезникова быһа кырыйдылар.
Дьоро тэрээһини киэргэттилэр: бу оскуоланы бүтэрбит Марина Протопопова «Эҕэрдэ ырыатынан», СӨ култууратын туйгуна Анна Федулова салайар оскуола учууталларын оркестра доҕуһуоллаан, СӨ култууратын туйгуна Надежда Москвитина салайар хореография кылааһын «Ручеек» оҕо образцовай ансаамбыла «Күөрэгэй үҥкүүтүн» толорон, баян кылааһын үөрэнээччитэ Талбан Парников «Маленькая сюита» партияны оонньоон, оскуола эдэр учууталларын ансаамбыла сахалыы ырыаны национальнай инструменнарга доҕуһуоллаан.
Айымньылаахтык үлэлиир Ксения Ивановна учуутал быһыытынан ситэн-хотон тахсарыгар такайбыт, истиҥник саныыр учууталларыгар, маанылаах ыалдьыттарыгар П.П. Романов аатынан художественнай училищеҕа үөрэппит СӨ норуотун худуоһунньугар, РФ худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнигэр Эдуард Петровка (кини үөрэнээччитин онлайн нөҥүө — видеонан эҕэрдэлээтэ), 2005 с. Саха ГПА бүтэрэригэр дипломнай үлэтин салайбыт, СӨ үөрэҕириитин туйгунугар, СӨ үтүөлээх учууталыгар, СӨ учууталларын учууталларыгар, СӨ норуотун худуоһунньугар, РФ худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнигэр, НПК преподавателигэр Гавриил Петровка, урукку өттүгэр бу үөрэх кыһатыгар бэйэтин үөрэппит учууталыгар, билигин кэллиэгэтигэр, оскуола дириэктэригэр Алексей Афанасьевка бэйэтэ айан оҥорбут сувенирдарын махтанан туран, бэлэх уунна.
Талба талаан кэрэ киэһэтигэр айар куттаах учуутал Ксения Ивановна Колодезникова үрдүк аатыгар Нам улууһун, Ленскэй нэһилиэк дьаһалталарын, улуустааҕы үөрэх уонна култуура управлениеларын, Намнааҕы оҕо искусствотын оскуолатын кэлэктиибин, төрөппүттэрин уонна үөрэнээччилэрин ааттарыттан элбэх истиҥ эҕэрдэ, махтал үтүө тыла этилиннэ, эҕэрдэ суруктары, сэмэй бэлэхтэри, сибэкки дьөрбөлөрүн туттардылар. Бу киэһэ оскуола бастыҥ учууталлара кыһамньылаах үлэлэрэсыаналанан араас наҕараадаларынан бэлиэтэннилэр. Тэрээһин кыттыылаахтара оҕолор үлэлэрин сэргии көрдүлэр. Учуутал Ксения Колодезникова үөрэнээччитэ Кира Винокурова оҕолорго анаан «Учимся делать игры: дизайн персонажа 2D, 3D для концепт-арта» маастар-кылаас ыытта.
Касьян Олесов-Олук