Нам сэлиэнньэтигэр Василий Винокуров дириэктэрдээх Ньургун Тимофеев аатынан өрөспүүбүлүкэтээҕи олимпийскай эрэл спорт оскуолатын коллектива Александр Игнатьев аатынан “Эҥсиэли” стадиоҥҥа хаамарга, сүүрэргэ сөптөөх усулуобуйа тэрийдэ.
Аан дойду дьахталларын күнэ кэлбитинэн сибээстээн, «Кэрэ Куолары, Далбар Хотуттары сааскы бырааһынньык иһэринэн эҕэрдэлээн туран, куруук үөрэ-көтө, олоххо тардыһыылаах буоларгытыгар баҕарабыт» диэн этиинэн дириэктэр Василий Васильевич сааскы сибиэһэй салгынынан тыына, эти-хааны чэбдигирдэ стадиоҥҥа кэлэллэригэр ыҥырар. Наммыт улууһун Кэрэ Куолара, ыал ийэлэрэ чөл туруктаах буолуҥ!
“Күндү нэһилиэкпит олохтоохторо! Сандал сааспыт кэлэн иһэринэн, сибиэһэй чэбдик салгынынан тыынан, хамсанан, доруобуйабытын бөҕөргөтөргө стадиоҥҥа хаамарга, сүүрэргэ анаан суол (дорожка) оҥоһулунна. Ким эрдэ туран этин-хаанын чэбдигирдиэн баҕалаахтар кэлэн хаамын, хамсаныҥ, сүүрүҥ! Стадиоҥҥа сарсыарда 6 чаастан соҕуруу өттүнэн аанынан киирэҕит”, – диир Ньургун Тимофеев аатынан өрөспүүбүлүкэтээҕи олимпийскай эрэл спорт оскуолатын дириэктэри солбуйааччы Раиса Негнюрова.
Харысхан Попов