Өрөбүл күннээҕи ааҕыы: Төрөөбүт тыл сүмэтэ

БУЛУУС

Бу сахаҕа киэҥник биллэр, тарҕаммыт тыл уонна географическай термин. Сир булуустааҕынан бэлиэтэнэн ааттаммыта да олус элбэх – Саха сирин үрдүнэн хас эмит сүүһүнэн. Ол курдук, Намҥа Булуус, Улахан Булуус, Аччыгый Булуус диэннэр бааллар, Көбөкөҥҥө, Көдөһүгэ, Маҥнайгы Модукка, Түбэҕэ, Үөдэйгэ. Ити иһигэр 1926 с. биэрэпискэ суруллубутунан, Маҥнайгы Модут Булууһугар 8 киһилээх икки ыал, Түбэ Булууһугар 14 киһилээх алта ыал кыстаан олорбуттар.

Ити аата, Түбэ Булууһа бэрт өрдөөҕүттэн ыла дьон оҕорҕоон олохсуйар сирэ эбит. Билигин кини – нэһилиэк киинэ.

Намнар сири булуустааҕынан көрөн бэлиэтииллэрин, көһөн тиийбит сирдэригэр кытта тута сылдьар буолаллар эбит. Ол курдук, Үөһээ Бүлүү Намын киинэ Хомустаах ыксатыгар Булуус Тэппит диэн сир баара үһүйээҥҥэ иҥэн күн бүгүнүгэр тиийэ кэпсээн буола сылдьар.

Сири булуустааҕынан көрөн ааттыыр ордук хото киин оройуоннарга баар буолар эбит. Ону дьиктиргээтим. Кытыы сирдэр диэки баран истэҕиҥ аайы итинник ааттыыр биллэ убаан барар. Ол курдук, Бүлүү сүнньүгэр ити Нам Булуус Тэппититтэн ураты Бүлүү Тоҕуһугар Булуустаах, Кэбээйи Мукучутугар Булуустаах үрэҕэ эрэ диэннэр бааллар. Оттон үөһээ сытар Ньурбаҕа, Сунтаарга, Мирнэй сиригэр букатын даҕаны суох. Ити эрэн, булуустааҕынан көрөн ааттаммыт сирдэр адьас кый ыраах дойдуларга эмиэ баар буолаллар. Таймыыр курдук чиэски ыраах дойдуга Малый Булустаах, Улахан Булуустаах диэн үрэхтэр бааллар. Сол да гыннар, сир булуустааҕынан бэлиэтэнэн ааттаммыта кытыы, ыраах сирдэргэ биллэ убуур эбэтэр букатын да суох буолар. Ити – закономерность. Итини быһаарыахха наада. Ону билигин мин кыайбатым. Көмөлөһүөх, хата, баара буолаарай? Ылан көрүөҕүҥ манныктары, Булуус, Булуустаах диэн топонимнар Анаабырга, Булуҥҥа, Усуйаанаҕа, Аллайыахаҕа, Муомаҕа, Халымаҕа бүтүннүүтүгэр, Уус Маайаҕа, Алдаҥҥа, Нерюнгрига, Ленскэйгэ суохтар. Итиннэ Бүлүү баһын уонна тас   сахалар (Таймыыртан ураты) олохсуйбут сирдэрин эбиҥ.

Булуус сахаҕа хас да суолталаах. Чугастан ыллахха, аһы ууран, тоҥорон, хаһаанан сиир дириҥ  тымныы оҥкучаҕы итинник ааттыыбыт. Тыл бу суолтатынан географическай термин буолбат. Ити дьиэ иһинээҕи тыл.

Сайын ирэ охсон биэрбэт, хойукка диэри тоҥ эбэтэр мууһунан көрө сытар сири булуус сир диибит. Биир оннук бэлиэ, туристар тоҕуоруйар аҕай сирдэринэн Хаҥалас Хачыкаатыгар баар Булуус буолар. Киниэхэ сир анныттан уу тахсар. Ол халыйбыт уу тоҥон муус буолар.  Арыт дьыл кини сайыны быһа кыайан ууллубат кур хаалар.

Былыргы мууһуруу үйэтиттэн тиийэ кэлэн иһэр мууһу (ископаемый лед) эмиэ булуус диибит. Буолумуна, киниттэн ордук үйэлээх, хаһан да ирэн көрбөтөх булуус диэн баара да биллибэт. Учуонайдар итинник булуустар, холобура, Уус Алдан сиригэр, Бүлүү сүнньүгэр, ол иһигэр, били, Хомустаах таһыгар, Халыма сиригэр баалларын ыйаллар. Халыма булууһун өссө “мощные глыбы ископаемого льда” дииллэр.

Дьэ уонна ити Халымаҕа, булуустааҕынан уратыланан сир ааттаммыта диэн суох буолар эбит. Барыта мууһу, ирбэт, кур тоҥу эрэ булуус дэнэр диэн буолбатах. Тылбыт өссө биир өйдөбүллээх.

Мантан инньэ оҕонньотторбут тылларын-өстөрүн истиэҕиҥ.

Амма Сулҕаччытын кырдьаҕас учуутала М.Н. Максимов: “Булуус – күн күнүһүн да тыкпат күлүк сирэ”.

Таатта ытык киһитэ И.А. Уваров (1979с. 65 саастаах): “Булуус – бүтэй сир. Тыа иһигэр баар ирэн биэрбэт сир”.

Э.К. Пекарскай эмиэ маннык быһаарбыт: “Холодное место, куда не проникает луч солнца; не вполне оттаивающее место; прохладное место”.

Сунтаар Арыылааҕын ытык кырдьаҕаһа С.И. Яковлев – Испириэн (1969 с. 95 саастаах): “Булуус – тоҥ муус сир”.

Абый Муҥурдааҕын кырдьаҕаһа Г.Г. Полушкин (1979 с. “Аҕыс уон биирим эрэ, икким эрэ” дэммитэ): “Булуус диэн тоҥ, ирбэт дайды аата”.

Таймыр олохтооҕо Е.И. Портнягин – Дьогдо (1990 с., 43 саастаах): “Булуус – ирбэт муус”.

Дьааҥы Адыаччытын олохтооҕо Х.П. Потапов (1976 с., 56 саастаах): “Булуус сир. Сир үрдэ көппөх, муох, кырыс буолуон сөп. Ол анна чэгиэн муус. Ол аата булуус сир”.

Дьааҥы Дулҕалааҕын сиһэ В.П. Ноговицын – Манчаары (1992 с., 69 саастаах): “Булуус сир – сааскы халаан уутугар суулла турар муус сирдэр. Үрдэ буор, анна муус. Чэҥ муус сирдэр”.

Дьүүктэ уутун атыннык өссө булуус уута диибит.

Өрүс буордаах уута кэлэрин Дьааҥы дьоно булуус сыылбыт дииллэр. Булуус сыыллар кэмэ – от ыйа. Ити бэркэ диэн уобарастаан этии буолбут. Кырдьык даҕаны, сир булууһа ирдэҕинэ – “сыыллаҕына”, буордаах уу кэлэр буоллаҕа.

Булуус сири туһаҕа таһаарыы олус сэрэхтээх. Ардыгар адьас да кыаллыбат. Ону дьон билбиттэрэ да син ырааппыт. Учуонайдар кытта научнай үлэлэригэр киллэрбиттэр. 1927 с. Ленинградка тахсыбыт “Якутия” кинигэҕэ Уус Алдан Бороҕонун эргин бурдук сирэ гынаары, ойууру солообуттарын 20 бырыһыана былларааттарданан хаалан (появление бугров) туһалаабатах диэн суруллубут.

Ити кинигэҕэ эмиэ Уус Алдан Тандатыгар 15-25 м халыҥнаах булуус баар диэн суруйбуттар. Ону билбэтэх муҥнара эбитэ дуу? “Кыымҥа” 1979 сыллаахха районо үлэһитэ Н. Колодезников “Танда суола бырыы да бадараан” диэн ыстатыйата тахсыбыта. Онтон ааҕыахха: “Дараҕа үрэҕин эҥээр халдьаайытын томтотон саҥа суол оҥороору гыммыттара, сир чэҥ булууһа ирэн, күөгэҥнэс куталар үөскээтилэр”.

Булуус үрдүгэр тутуллубут дьиэ – дьиэ буолбат. “Кыым” 1974 с. суруйбутун ааҕыҥ: “Ол дьиэбит… үс төгүл көһөрүллэн олус айгыраабыт. Сирэ булуус буолан, мууһа ирэн, билигин турбутунан тимирэн эрэр. Мэктиэтигэр оргуһаҕы тиэрэ туппут курдук. Кырыыһата хаптаһын буолан, атыгырыы хаппыт уонна күөх түүнүк буола эмэҕирэн, ардах курдаттыы тэстэр”. Булуус үрдүгэр дьиэни туттар букатын сатамматын (“домик наклоняется к югу, а иногда совершенно разрушается”) өссө 1868 с. И.А. Худяков суруйан турардаах.

Булуус ирдэҕинэ, итиннээҕэр буолуох уларыйыы тахсарын “Кыым” 1981 с. суруйбуттаах. Ньурба Хорулатыгар көрдүгэн уота булуустаах сир кырсын, дулҕатын сэрии саҕана икки сылы быһа сиэбит. Сир булууһа ирбит, дьөлө түспүт, уу хоммут. Онтон адьас аҕыйах сыл иһигэр олус дириҥ, кус арааһа, умсааҕар тиийэ, киллэрэр сүүнэ күөл буолан тахсыбыт, “маска биллэр” балыктаммыт.

БАГДАРЫЫН СҮЛБЭ

Читайте дальше