Өрөбүл күннээҕи ааҕыы. Анна Парниковa – Сабарай Илгэ: “Бэйэм бэйэбэр мин – биллибэт эттикпин”

СӨ суруйааччыларын союһун чилиэнэ, поэт Анна Парникова-Сабарай Илгэ муус устар 17 күнүгэр төрөөбүтэ 65 сылын туолар (1959-2017).

Бу бэлиэ даатаны көрсө Анна Алексеевна өссө 2005 сыллаахха “Эҥсиэли” хаһыакка биэрбит интервьютун ааҕаргытыгар ыҥырабыт.

Сабарай Илгэ СӨ суруйааччыларын союһун чилиэнэ, «Куйаас сайын» (1992), «Күн баҕам» (2003) хомуурунньуктар автордара.

Поэзияны сөбүлээччилэр кини хоһооннорун сыыска-буорга түһэрбэккэ астына ааҕар буолуохтаахтар. Анна Парникова поэзията — олоҕу туойуу, олоххо ода, өрүү үтүөнү оҥоруунан сабардаан, үчүгэйин харыстыы, элбэтэ сылдьыан баҕарар. Нэһилиэгин олохтоохторо поэтессаларыгар олус ытыктабыллаахтык сыһыаннаһаллар, дэлэҕэ: «Кинини кытта кэпсэтии интэриэһинэй кинигэни ааҕа олорор курдук», — диэхтэрэ дуо?

Партизан нэһилиэгэр бара сылдьан Сабарай Илгэни көрсөн кэпсэттим, өр иитээхтээн илдьэ сылдьыбыт санаабын олоххо киллэрдим.

— Анна Алексеевна, бастакы хоһооҥҥун хаһан суруйбуккунуй, туох туһунан этэй?

— Бастакы хоһооммун 9 саастаахпар суруйбутум, «Хатыҥ» туһунан этэ. Кыра эрдэхпиттэн хоһоону ааҕарбын, истэрбин наһаа сөбүлүүр уонна хайдах маннык суруйаллара буоллар диэн ымсыырар этим. Аҕам хоһооннор хомуурунньуктарьн атыылаһара, ааҕан биэрэрэ.

— Хоһоонноруҥ ырыа буолан ылланаллар дуо?

— Ылланаллар:  Варя Аманатова «Дьол», Хатылаевтар «Эдэр саас», «Туймаада» ансамбль «Эн кэллэргин», Нам мелодистката эдъиийим Л. Евсеева хас да ырыаны суруйбута. Авторскай быраап баар буолуохтаах этэ даҕаны, ону ким да тутуспат. Оскуолаҕа үөрэнэ сыддьан хас ды ырыаны бэйэм суруйбуттаахпын.

— Ылланар ырыаларгын төһө табыллыбыттар дии саныыгын?

— Мелодиялара сөп түбэһэр курдуктар. «Туймаадалар» ыллыыр ырыаларын бастаан ылымматаҕым, Варя Аманатова ырыатьн табыллыбыт дии санаабытым. Тупсарбыта өссө үчүгэй, хоһоон ырыа буоларыгар тупсарыллыахтаах дии саныыбын.

— Хоһоон тыллара эйиэхэ хайдах киирэллэрий?

— Киирэриттэн-киирбэтиттэн тутулуга суох. Тыл тутула, тыл бэйэтэ хоһоон суруллуутугар улахан оруоллаах, тыл эйигин салайар холобура, биир тыл тутула, словарнай састааба, грамматиката. Онон тутулуга суох бэйэҥ санааҕын этэҕин дии саныыгын  гынан баран, син биир тыл бэйэтэ салайар, ону этиэххэ сөп туох эрэ, КИМ эрэ сипсийэр диэн. Өссө нуучча тылын төһө билэргиттэн, өйдүүргүттэн эмиэ тутулуктаах. Холобура, нууччалыы билэр киһи ыыра кэҥиир, бу тыл өйдөбүлэ киэҥ, абстрактнай, оттон саха тыла баай гынан баран, терминнэри эҥин кыбытаары гыннаххына табыллыбат, сыа быыһыгар былчархай кыбыллыбытын курдук көстөр. Ону толкуйдуургар даҕаны бириэмэ барар, ол иһин эн этээри соруммуккун суруйбаккын, олох атын тахсан кэлэр. Абстрактнай өйдөбүлү суруйаары гыннаххына уобараһыҥ уларыйар, атын эйгэҕэ баран хаалаҕын. Кыра омук суруйааччыта, поэта хааччахтанар, этиэхтээҕин сатаан эппэт.

— Нууччалыы суруйаҕын дуо?

— Үөрэнэ сылдьан нуучча эйгэтигэр киирэн хаалан баран аҕыйах хоһоону суруйбуттаахпын. Литературнай түмсүүгэ сылдьыбытым. Салайааччым хоһооннорбун көрөн баран: «У вас чувства языка нет»,- диэбитэ, хоһооннорум темата интэриэһинэйдэр, ол гынан баран тылым иэйиитэ суох үһү. Нуучча буолбатах буоллаҕым дии, ол иһин сахалыы суруйаргар тиийэҕин. Культураҥ, үгэстэриҥ, итэҕэлиҥ тарда сыталлар, саха эйгэтэ, көннөрү толкуйа кыараҕас. Хас биирдии омук толкуйа  атын. Биири этээри гыммыккын олох атыннык этэн таһаарыахтара, кыараҕас өйүнэн этэргэ дылы, олох атыннык толкуйдаан таһаарыа. Уопсайынан, суруйар киһиэхэ бэйэтин өйдөтөрө ыарахан.

— Ханна үөрэнэ сылдьыбыккыный?

— Бэйэбин көрдөнө сатаан диэбиккэ дылы, Екатеринбурга философскай факультекка, Ленинградка культура институтугар үөрэммиттээхпин.Оччотооҕуга марксизм-ленинизм, биир муостанан хаамтарыы тутула этэ… Дьиҥинэн, философ буолуохпун баҕарарым…. Билиҥҥи кэм эбитэ буоллар интэриэһинэй буолуо этэ.

— Псевдонимҥын хайдах талбыккыный?

— Псевдонимым — аатым уонна араспаанньам. Сабарай диэн төрүппүт, аҕабыт ууһун аата, ону араспаанньа курдук ылыммытым. Илгэ диэн аатым, Анна нууччалыы тылбааһа «благодать», үөһэттэн таҥара биэрбит күүһэ, сахаларга халлаантан туох түһэрий? Илгэ, солоҕой, ону мин араҕас Илгэ диэн аат оҥостубутум.

— Икки кинигэҕиттэн ханныгын табыллыбытынан ааҕаҕын?

— Бастакы кинигэм саҕалааһын, набросок курдук эрэ этэ. Иккиһим хаачыстыбалаах, онно киирбит түөртүү строкалаах хоһооннорбун сөбүлүүбүн.

— Саҥа хоһооннордооххун дуо?

— Суох. Ыанньыйыахпар диэри тохтуу сылдьабын. Кэлин олох атынннык суруйуохпун баҕарабын. Киһи уларыйар, ону кытта стилиҥ эмиэ уларыйар. Оҕо сылдьан суруйбуттарыҥ олох атыттар, кэнникилэриҥ эмиэ. Сыыйа «ломка» барар, бу кэмҥэ олох да суруйумуоххун сөп. Туох эрэ уларыйыы барар, баҕар кэхтиэххин, баҕар сайдыаххын, баҕар быраҕан баран тилиннэриэххин сөп.

— Английскайдыы ааҕар диэбиттэрэ…

— Ыллым да көҥүллүк ааҕабын диэн буолбатах. Интэриэһиргиир буоллахпына английскайдыы, французскайдыы тылдьыттаах ааҕыахпын сөп (элбэх эрэйинэн).

— Поэтессалартан кими ордук ааҕаҕын?

— Ордук диэн буолбатах, барыларын ааҕабын. Варвара Потапованы ааҕа сылдьыбытым, Наталья Харлампьеваны интэриэһиргиибин, ордук үрүҥ хоһооннорун (авт. -свободный стих), Саргы Куону, Умсуураны, Сайа бастакы кинигэтин сөбүлүүбүн, прозатын кэнники үчүгэйдик ааҕа иликпин, миэхэ, хайа эрэ өттүнэн Венера чугас курдук. Суоһааны суруйан эрэр, Светлана Пахомова тыла-өһө үчүгэй, дьиҥнээх поэтесса дии саныыбын.

— Венераны кытта тугунан маарыннаһаҕытый?

— Биһиги барыны бары иҥэн-тоҥон, чинчийэн көрөн суруйа сатыыбыт. Холобура, Венера тас эрэ өттүн буолбакка, ис өттүн эмиэ көрө сатыыр, олоҕу чинчийэр. Кини суруйарга улахан баҕалаах, сайдан иһэр, үөрэнэр, ааҕар анаан күн аайы дьарыктанар, дьиҥнээх героиня, суруйуу фаната, маннык эрэ буоллаххына сайдаҕын, киниэхэ «мин» диэннээх. Уопсайынан, суруйааччылар личностаахтар, холобура, Уххан эмиэ «мин» диэбит поэт, маннык буолуохха наада, оттон мин личностнай түгэним аҕыйах. Венера бастакы хоһоонун ааҕан баран олох дьоҕура суох дии санаабытым, онтон эмискэ сайынна. Мин формаҕа улахан оруолу биэрэбин, үчүгэйдик иһиллэригэр, өйдөнүмтүөтүгэр болҕомтобун уурабын.

— Билиҥҥи олоҕу хайдах сыаналыыгын?

— Бары өттүнэн кытаатта. Хайдыбыт харыыдабытыгар төннөн эрэбит. Киһи-аймахха ыарахан кэмнэр иһэллэр.

— Билиҥҥи суруйааччы оруола?

— Бастатан туран, кини тыл иннигэр эппиэттиир. Тылы сайыннарааччы, кэлэр көлүөнэҕэ тиэрдээччи, норуот ырыаһыттарын, олоҥхоһуттарын курдук культура, үгэс  иннигэр охтуохтаах. Мин улаханнык ыалдьар буоламмын ыарыһах, өлөр дьылҕалаахтарга анаан суруйа сатыыбын, иккис кинигэм иккис баһын онно анаабытым. Урут саха литературатыгар маннык тема суоҕа, бобуллара. Күннэрэ-ыйдара ааҕыллыбыт дьон ханнык да духовнай көмөнү ылбаттар дии саныыбын, бу ордук биһиэхэ, сахаларга баар. Нууччаларыҥ таҥара дьиэтигэр чүмэчи ууруохтара, психологтарга барыахтара, маннык түбэлтэҕэ кинилэр олох атын сыһыаннаахтар. Мин личноһы ордук өрө тутабын. Норуоту, партияны, государствоны өрө тутар буоллаххына, киһини баттыыгын, тугу эрэ, ханнык эрэ маассаны өрө тутаҕын. Мин санаабар соҕотоҕун киһи өрө тутуллуохтаах, баай, дьадаҥы, ыарыһах, доруобай, дьоннор, эмээхсин, эдэр, кырдьаҕас диэн араарбакка.

— Прозаҕа холонон көрбөккүн дуо?

— Суох. Прозаҕа сөбө суохпун быһыылаах. Суруйан көрбүтүм да, лабаҥхата бэрт, ол киһи ол диэки көрдө, барда, олордо—сыһыана суохпун. Ити Венера кэпсээнинэн хоһоон суруйар дии, оннук суруйуохха сөп, суруйуохпун баҕарабын, ол гынан баран тахса илик.

— Саамай улахан критикаҥ туох диэн этэй ?

— Бастакы хоһооннорум «Эдэр коммунист» хаһыакка бэчээттэммиттэрэ, поэт Василий Босяк «Кыыс эрэ суруйбут диэн хайгыахха сөп дуо?» диэн ааттаах ырытыыта бэчээттэммитэ, сороҕун ылыммытым, үксүн ылымматаҕым. Кэнники санаабытым оруннаах эбит. Биир ханнык эрэ литературнай биэчэргэ критика туһатын туһунан тыл эппиттээхпин. Кытаанах критика эмиэ наада, ол гынан баран сорох критика киһини самнаран кэбиһэр. Холобура, Михаил Тырылгин диэн бэрт интэриэһинэйдик суруйан испит поэт баара, билигин учуонай, ол киһи бастакы кинигэтэ тахсыбытын кэннэ Петр Тобуруокап үлтү критикалаан ыстатыйа таһаарбыта, онтон ыла киһибит суруйбат буолан хаалбыта, суруйар гынан баран таһааттарбат буолбут дуу. Мин кини айар үлэтин наһаа сөбүлээбитим, кинигэтин сыттыгым анныгар укта сылдьан аахпытым диэххэ сөп. Философскай санаалардаах, арҕааҥы поэзия диэки хайысхалаах поэт этэ, ону ити самнардылар диэн билиҥҥэ дылы аһыйабын.

— Сөбүлүүр суруйааччыларыҥ….

— Поэттартан Алампаҕа сүгүрүйэбин, Арбита сорох хоһоонноро, Таллан Бүрэ стилэ интэриэһинэй, Семен Даниловынан, Моисей Ефимовынан, Савва Тарасовынан үлүһүйэ сылдьыбытым, Николай Рыкунов форманы көрдүүр поэт, ол иһин бу өттүнэн интэриэһинэй, форма өттүгэр улахан поэттар хамсааһыны таһаараллар дии саныыбын. Билигин классиктары ааҕабын этэргэ дьлы “поэзия доведенная до совершенства”, бу дьиҥнээх уус-уран литература буоллаҕа дии. Бастаан суруйарым саҕарна Варвара Потапованан үлүһүйэ сылдьыбытым, Саргы Куо бастакы хомуурунньугун интэриэһиргээбитим. Прозаиктартан Амма Аччыгыйа, Н.Д. Неустроев…

Кэминэн үлүһүйэбин, онтукам ааһан иһэр. Швейцария, дьоппуон, английскай литератураны интэриэһиргии сылдьыбытым. М. Цветаева, А. Ахматова, О. Мандельштам, Омар Хайямы бастакы уонна бүтэһик тапталым диэхпин сөп, оннук сөбүлүүбүн.

— Поэтесса буоларгар көмөлөспүт, өйөөбүт дьоннорунан кимнээҕи ааттаталыаҥ этэй?

— Бастаан Николай Рыкунов хаһыакка бэчээттэппитэ, бастакы кинигэбин Прокопий Чуукаар, иккиспин Моисей Ефимов таһааттарбыттара, бу үс киһи мин айар үлэбэр улахан оруоллаахтар.

— Хас биирдии киһи суруйааччы буолуон сөп дуо?

— Наһаа кыһаннахха буолуохха сөп буолуо, ол гынан баран, мин санаабар баҕа наада, тылы сатаан өйдүүр, билэр буолуохтааххын. Холобура, мин эһэм олоҥхоһут этэ, ол улахан оруолу оонньообут буолуохтаах.

Ньилбэгэр олордон баран олоҥхолуур, остуоруйалыыр этэ, онон олох кыра эрдэхпиттэн олоҥхо, остуоруйа, тойук, араас кэпсээн истэн улааппытым. Ол иһин кырабыттан тылы, хоһоону наһаа интэриэһиргээбитим.

Хайдах даҕаны үөрэтэҥҥин баҕата суох киһини суруйаааччы оҥорботуҥ буолуо. Мин үһүс кылааска үөрэнэ сылдьан суруйааччы буолуохпун баҕарабын диир этим, суруйтарыан баҕардаҕына суруйтарар эбит. Билбэтим, анабыл баара буолуо, ийэм иһигэр сылдьан иҥэриммитим таҕыстаҕа дии.

— Философ буолбутум буоллар диэбитиҥ дии…

— Профессиональнай философ буолуом  суоҕа этэ, философ диэн идэ буолбатах дии саныыбын, дууһа туруга.

— Саамай табыллыбыт хоһоонум бу баар диэн чопчу этэр кыахтааххын дуо?

— Суох. Бэйэм хоһооннорбун сөбүлээбэппин, суруйдум даҕаны сарсыныгар абааһы көрөбүн.

— Иккис кинигэҥ тас ойуутун туох дии саныыгын?

— Дьиҥинэн, мин олох атыннык толкуйдаабытым, худуоһунньукка эскиз оҥорон, быһааран биэрбитим, кини ылбыта уонна олох атыны оҥорон таһаарбыт, баҕар ылымматаҕа буолуо. Кинигэ дууһалаах дии саныыбын, онон итинник ойуулаах тахсыахтааҕын тахсыбыт курдук.

— Иккис кинигэҥ тахсыаҕыттан тугу да суруйа иликкин дуо? Редакцияҕа хоһоонноргун бэчээттэтэ биэриэххин баҕарбаккын?

— Суох. Ити инники хоһооннорбун ыалдьа сытан суруйталаабытым. Суруйуу, айыы киһини наһаа ылар, ылла даҕаны ыыппат, ол хоһооҥҥун бүтэриэххэр диэри эрэй бөҕөнү көрөҕүн, сүгүн утуйбаккын да, аһаабаккын да, барбаккын да, кэлбэккин да. Үлэлии сылдьан суруйар наһаа эрэйдээх этэ, саамай суруйуохтаах сылларбар манна совхозка үлэлээбитим, ол иһин суруйбакка хаалбытым, ол кэм аастаҕа дии… Билигин соччо поэзияҕа наадыйбат кэмим кэлэн турар, поэтическай иэйииҥ уоста быһыытыйар.

— Поэзияҕа ханнык жанры билинэҕин?

— Үрдүк поэзияны эрэ билинэбин, интэриэһим оннук, абстракция диэки тардыһабын. Саха тылыгар ити абстракция өттүгэр дьадаҥыбытын сөбүлээбэппин.

— Иккистээн төрүүрүҥ буоллар олоххун уларытыаҥ этэ дуо?

— Биллэн турар. Бастакынан, бу сиргэ төрүөм суоҕа этэ, иккиһинэн, дьахтар буолуом суоҕа этэ, үсүһүнэн дэриэбиэнэҕэ төрүөм суоҕа этэ, төрдүһүнэн, поэт буолуом суоҕа этэ, бэсиһинэн, олох  да киһи буолуом суоҕа этэ.

— Тоҕо?

— Эрэй — киһини поэт оҥорор, эрэйдэммэтэх киһи тоҕо бэйэтин санаатын суруйуой?

— Эйигин «книжнай поэтесса» буолбатах дииллэр, онно сыһыаныҥ?

— Мин санаабар билиҥҥи поэзия культураттан тирэнэр, ити нуучча поэттарын ааҕан көрдөххө, холобура, реминисценция’ -бу мин хоһооннорбор эмиэ баар, эппэккэ эрэ биир эмит суруйааччы бэргэн тылын цитаталыыгын, эбэтэр кини ханнык эрэ уобараһа киирэн тахсыан сөп, туох эрэ иккис өйдөбүл баар буолуон сөп. Онон мин «книжнайбын», мин ордук культураны, искусствоны билинэбин.

— Саҥа саҕалаан эрэр эдэр хоһоонньуттарга тугу сүбэлиэҥ этэй?

— Бэчээттэнэргэ ыксаамаҥ. Тахсар, тахсыбат кэмнээх эбиккин. Хоһоон бэйэтэ баҕарар буоллаҕына тахсар. Холобура, мин бэчээттэниэхпин олох баҕарбатаҕым, дьоннор көмөлөрүнэн кинигэлэрим тахсыбыттара. Нэс киһиэхэ туох эрэ хамсатар күүс наада эбит. Сахалыы үчүгэйдик ааҕыахха, тылы билиэххэ наада, тыл суолтатын, туттуллуутун, былыргы тылы тилиннэриигэ үлэлэһиэххэ наада. Ыырдарын кэҥэтэн элбэҕи билэ-көрө сатыахтаахтар уонна критиканы өйдүү үөрэниэхтээхтэр, куттаныа суохтаахтар.

Билиҥҥи ый Сабарай Илгэҕэ бэлиэ ый, онон «Муус устар ый» диэн бэйэтин хоһоонунан кэпсэтиибитин түмүктүүбүн:

Опохпун түстээбит муус устар,

Олох сөп түбэспэккин эн— ааккар:

Ууну ыраастыыр халыан көмүөлүҥ,

Сири нүөлсүтэр халааныҥ суохтар.

Ол иһин буолуо дуу, мин олоҕум

Болуо муус буомнара хамсаабаттар…

Кэпсэттэ Лена УВАРОВСКАЯ, «Эҥсиэли», муус устар 14 күнэ, 2005 сыл