Уон тоҕус саас! Уон тоҕус саас, араас көлүөнэ дьонугар арааһынайдык киириэн сөп. Ол эрээри бу дьиҥнээх олоххо киирии аана. Бу ааны астаххына, олоҕуҥ хайа диэки хайыһарын быһаарыахха сөп.
Уон тоҕус сааскын 40-с сылларга туолан олоҕуҥ аанын аспыт буоллаххына, ханна барарыҥ чуо биллэр этэ: кыргыс сэриигэ эбэтэр кытаанах үлэҕэ. Олох бу икки тыйыс суолунан барбыт мөлүйүөн дьонтон икки киһини ахтыаҕы баҕарыллар. Бу Арбын нэһилиэгин сэрии уонна үлэ бэтэрээннэрэ Слепцов Иннокентий Иннокентьевич уонна Иванов Николай Васильевич тустарынан.
Оччолорго Арбын бөһүөлэгэ диэн суох этэ. Ыаллар тус-туспа бэйэлэрин өтөхтөрүгэр олороллоро. Холкуостар саҥа тэриллэн, саҥа олох суолугар үктэнии кэмэ. Эдэр ыччат коллективизация сүрүн күүһүнэн буолбута. Эрчим илиилэрэ, өйдөрө-санаалара саҥа олоҕу тутууга харса суох хамсааһын барбыта. Ону баара, хара хааннаах сэрии үрүө-тараа ыыппыта! Сэрии! Баҕарбыт санааны толорбот, эйэлээх олоҕу олордубат, күргүөмнээх үлэни үлэлэппэт хара күлүк буолан, ыраах Арбын сиригэр тиийэ кэлбитэ. Ол эрээри манна ким да аймамматаҕа. Уол оҕо уйанын-хатанын быһаарынар дьыллара.
Слепцов Кешаҕа оннук кэминэн 1943 сыл буолбута. Арбыҥҥа кэлбит экспедиционнай катер төрөөбүт төрүт буоруттан арааран, тус соҕуруу диэки сэрии-уот толоонугар чугаһатан испитэ. Арай, кини үөскээбит Өлүөнэтэ эрэ бэркэ сэрэнэн эрэһэ долгунунан бигиир курдуга, сэрииттэн этэҥҥэ эргиллэн, төрөөбүт буоргар төннүөҥ диэн сибигинэйэрин оччолорго ким таба истибитэ баарай? Ол эрэн, сэрии хаамыыта тосту уларыйан, Сэбиэскэй Аармыйа төннүбэттии арҕаа диэки хайыспыт кэмэ этэ. Биһиги норуоппут Кыайыы кынатын кэтэн, модун күүстээх санаата хас биирдии киһиэхэ иҥэн сылдьара.
Саха уола икки сыл устата байыаннай үөрэх кистэлэҥнэрин билбитэ, буспута-хаппыта. Дойдутугар сылдьан биирдэ эмэтэ сааны куска-куобахха эспит бэйэтэ, аны ол сэбинэн хаан өстөөҕү самнарарга үөрэннэ. Маҥнай утаа, хайдах эрэ, дьулаан соҕус этэ. Онтон кэнники син буолан барбыта. Байыаннай үөрэх дьиҥнээх сэриигэ олус майгынныыра. Бу 582-с стрелковай полк этэ.
1944 с. балаҕан ыйыттан 644-с стрелковай полкаҕа снайпер-ытааччы быһыытынан Ийэ дойдутугар сулууспатын салҕаабыта. Кеша уоттаах сэриини 1945 сыллаахха атырдьах ыйыгар дьоппуон милитаристарын аармыйатын кыдыйа көрсүбүтэ – Ийэ дойду көҥүлүн иһин олохторун олук биэрбит дьону сэбиэскэй норуот араас омуктара биир модун санаанан ньыгыл түмсүүлэрин, арҕаа фроҥҥа фашистскай Германияны Кыайыы үөрүүтүн уонна кини бэйэтэ кыттыһан Дьоппуон аармыйатын букатыннаахтык үлтүрүтүү өрөгөйүн.
1947 сыллаахха Иннокентий Слепцов төрөөбүт алаһа дойдутугар, аймах-билэ дьонугар, күргүөм үлэлээх холкуоһугар эргиллэн кэлбитэ. Арбынын биэрэгэр, үөрүүтүттэн хараҕар уулаах, саллаат саппыкытынан үктэнэ түспүтэ. Байыаннай гимнастеркатын түөһүгэр «1945 с. Японияны кыайыы» мэтээл килбэчийэрэ. Сэрии алдьархайын, тыылга улахан содулун көрөн эмиэ да хомойо санаабыта. Аҕа табаарыстарын Николай Ивановиһы кытта илии тутуһан холкуоһун олоҕун оҥорсор айымньылаах үлэҕэ харса суох киирсэн барбыта. Холкуос ыарахан үлэтиттэн толлубакка, бу икки табаарыстыылар, мас буоллаҕына маһы, тимир буоллаҕына тимири харса суох, сэриигэ курдук үлэлээн тиҥийэн испиттэрэ.
Николай Васильевич Ворошилов аатынан холкуос председателинэн үлэлээтэр даҕаны, илиититтэн сүгэни, эрбиини араарбатах киһи. Кэлин, бытархай хаһаайыстыбалары холбооттообут кэннэ, Николай Васильевич болуотунньуктар биригээдэлэрин салайбыта. Оттон Иннокентий Иннокентьевич катерга моториһынан үлэтин саҕалаабыта. Олохтоох сэбиэккэ депутатынан талыллар. Төһө да икки аҥыы үлэҕэ сырытталлар, бу дьон туох саҥа тутуу буоллун, ким кыһалҕаҕа ыллаттарбыкка, туох техника өрөмүөнэ буоллун, ким-хайа иннинэ сүбэ-ама биэрэн дуу, илиилэринэн, сүбэлэринэн көмөлөспүтүнэн бараллар.
Билиҥҥи Арбын бөһүөлэгин оннугар урут бааһына этэ. Манна Николай Иванович аан маҥнайгынан аныгылыы тииптээх дьиэ охсон түһэринэн дьонун-сэргэтин биир сиргэ түмүүгэ угуйбута.
Онтон ыла 23 сыл ааста. Билигин Арбын Нам оройуонун биир үчүгэй, ыраас бөһүөлэктэриттэн биирдэстэрэ. Манна детсад, бэкээринэ, маҕаһыын, почта дьиэтэ, сэбиэт хонтуората бааллар. Аны быйыл саҥа оскуола, кулууп үлэҕэ киириэхтэрэ. Кэскиллээх былааҥҥа саҥа хотон, ньирэй турар типовой хотоно уонна уопсай дьиэ тутулуннахтарына, бу бөһүөлэк өссө ситиэ, чэлгийиэ.
1958 с. Кешаны холкуоһа Дьокуускай куоракка биир сыллаах киэҥ хайысхалаах машинист-тракторист идэтигэр үөрэттэрэ ыытар. Онтон ылата дойдутугар механигынан үлэлиир. Оттон Николай сүрүн үлэтин хайысхатын тимиринэн уһаныыга аныыр. Кэнники сылларга аны сыбааркаҕа сыстар. Сыбаарка уотугар тимир обургу убаҕас уу курдук уулла охсон баран көрүөх бэтэрээ өттүгэр кытаатара, ама, хайа ууһу абылаабат буолуой?
Үлэлээн-хамсаан бардахха, сыл да хонук. Дьыллар аастахтарын аайы үлэҥ түмүгэ көстөн иһэр уонна инники кэскилиҥ былаанын оҥосторго суол бэйэтэ арыллан иһэр курдук. Алта уон сыллар Иннокентий Иннокентьевич олоҕор эмиэ биир кэрэ суолу хааллараллар. Кини улуу Ленин партиятыгар ылыллар. Ити 1966 сыл.
Икки ыал дьиэтин иһигэр хайы-үйэ араа-бараа оҕолор хороччу улаатан иһэллэр. Бастакылар оскуолаҕа үөрэнэн, ким хас сыананы ылбыттарын кэпсииллэр. Сорохторо үлэҕэ эриллэ сылдьаллар.
Аҕа дойду Улуу сэриитэ бүппүтэ 25 сыла туолуутугар, Иннокентий Иннокентьевичка юбилейнай мэтээл туттараллар.
Олох сайыннаҕын аайы техника дэлэйэн иһэр. Холкуос да, ыаллар да массыыналара, тэриллэрэ алдьаннаҕына «көмөлөс», «көрөн кулу» диэн Николай Васильевичка, Иннокентий Иннокентьевичка дьиэлэригэр сылдьааччы, көрдөһөөччү элбээн иһэр. Ону ол диэбэккэ, сүбэлээн-амалаан эбэтэр тутан-хабан кыһыны-сайыны аахсыбакка улгумнук оҥорон биэрбиттэрэ эрэ баар. Сэттэ уонус сыллар Иванов Н.В. олоҕор бэрт үгүһү кэпсиир буолуохтаахтар. Кини «Үлэ бэтэрээнэ» диэн чиэстээх наҕарааданы тутар. Оттон Слепцов И.И. «Үлэ Кыһыл Знамята» уордьанынан наҕараадаланар.
Николай Васильевич сааһа туолан биэнсийэҕэ тахсар, ол эрэн, үлэтин-хамнаһын мөлтөппөт. Хата, тустаах былаанын сыллата аһара толорон иһэр. Билигин даҕаны үлэттэн хаһан да толлубат. Сайынын оттоон, сопхуоһугар уһанан, дьонугар-сэргэтигэр көмөлөһөн сынньанар диэни билбэт. Бултуур сезонун устата былаанын икки бүккэ чугаһатар. Халыҥ хаар аннынан андаатар, солоҥдо, тииҥ суолун сонордуур манан дьыала буолбатаҕа биллэр. Николай Васильевич аҕыс уон сылы тигинэччи үлэлээн көрсөр санаалаах. Оттон Иннокентий Иннокентьевич быйыл биэнсийэҕэ тахсыахтаах, ону истэ-истэ киһиҥ: “Рано списываете капитана”, — диэн күлэ-оонньуу этэ-этэ маҕаһыын табаардаах катерын Батамаайы диэки салайан кэбиһэр.
Дьэ, ити курдук Арбын нэһилиэгэр сэрии, үлэ бэтэрээннэрэ, саа-саадах тутан көмүскээбит, эрбии-сүгэ тутан туругурдубут олохторун эдэр көлүөнэҕэ анаан үлэлээбиттэрэ-хамсаабыттара.
Т. ОКОНЕШНИКОВ
“Ленин суола”, 1979 сыл, балаҕан ыйын 1 күнэ