Биһиги улууспут биир кырдьаҕас нэһилиэгинэн Бөтүҥ буолар.
Нуучча судаарыстыбата Саха сирин былыр бэйэтигэр холбуур, сэриилээн ылар кэмнэриттэн ыла, араас бойобуодалар, казактар, күн судаар ыраахтааҕы үрдүк сууттарыгар үҥсэн ыытар суруктарыгар, кырдьык, Бөрө Бөтүҥ дьонун утарылаһар кыахтарын өһүлэн, самнары баттыыр эбии күүһү көрдөөн, көрдөһөн суруйаллар эбит.
Ол курдук, 1632 сыллаахха ыам ыйыгар Енисей казага Петр Бекетов Өлүөнэ өрүс сүнньүгэр олорор саха улуустарын сэриилээн киирэн барар. Маҥнайгынан казактар бөтүҥнэргэ саба түһэллэр. Бекетов бэйэтэ суруйарынан, Сэмэн Улта уонна кини быраата Камык сиригэр уунан устан тиийэн, онно олохтоох улуус дьонун Москуба ыраахтааҕытыгар бэринэллэригэр уонна бэйэлэриттэн, ону таһынан улууһун дьонуттан дьаһаах (түһээн) төлүүллэригэр модьуйбут. Сахалар бэриниэхтэрин баҕарбатахтар, нууччалары кытта сэриилэһэн киирэн барбыттар. Ох саанан ытыалыы-ытыалыы өрүскэ үүрэ сатаабыттар. Ити уһун сэриигэ казактар Камык тойон уолун Докояны билиэн ылбыттар. Дьэ, ити эрэ кэнниттэн Камык уонна Улта бэринэргэ күһэллибиттэр. Бары дьонун кытта дьаһааҕы төлүүргэ, ыраахтааҕыга бэриниилээх буоларга андаҕайбыттар.
Ол гынан баран, ыраахтааҕы батталын, ыар хабалатын тулуйбакка, саха дьоно хаста да өрө туран охсуһа сатаабыттар. 1634 сыллаахха тохсунньуга Мымах кинээс сиригэр 600-700 аттаах сэрии дьоно араас улуустартан мустан киирэн нууччалар олорор кириэппэстэрин эргийэн икки ый сыппыттар. Төгүрүтүллүбүт остуруок (кириэппэс) иһигэр хоргуйуу саҕаламмыт. Ол эрэн, олунньу 28 күнүгэр сахалар бары эмискэ сэриилэрин хомунан улуустарыгар тарҕаһан хаалбыттар.
Ити саҕанааҕы биир үһүйээҥҥэ кэпсэнэринэн, саха сэрииһиттэрэ нууччалары кириэппэстэн тахсан кыргыһалларыгар наар ыҥырар эбиттэр. Онно нууччалар кыргыһыах буолан күн-дьыл болдьоһор, сарсыарда күөн көрсүөх буолаллара үһү. Онуоха сахалар куйахтарын кэтээри, истээх таҥастарын устан быраҕан дуулаҕа (шлем) бэргэһэлэрин, алтан уонна тимир пластинкалартан оҥоһуллубут куйахтаах таҥастарын кэтэн, сааларын-сэптэрин иилинэн, аттарыгар олорон сарсыардаттан киирсиэхтээх сирдэригэр кэтэһэллэрэ үһү. Тохсунньу тоһуттар тымныытыгар чараас таҥас үрдүнэн кэтиллибит тимир хаарыйара бэрт, сотору сэрииһиттэри бөгүөрдэн кэбиһэрэ үһү. Дьэ, ол кэмҥэ өөр-өр кэтэһэн сөп буолан хаалбыт сэрииһиттэргэ нууччалар саба сүүрдэн тахсан быһыта сынньаллара үһү.
1636-37 сыллардаахха сайын Бөтүҥ ууһун дьонун кинээстэрэ Камык, Улта уонна Орту салайан Парфен Хадырев салайар дьаһаах хомуйар этэрээтин дьонуттан хас да киһини тутан ылан өлөртөөбүттэр. Онтон сиэттэрэн, Хаҥалас дьоно Тыгын уолаттара Оккуурай уонна Бөдьөкө 400-чэкэ киһини мунньан куораты ылар санаалаах мустубуттар. Ол гынан баран, саха дьоно хайдыһан, сорохторо нууччаларга кыттыһан бу өрө туруу хам баттаммыт.
1642 сыллаахха олунньуга саҕаламмыт улахан өрө туруу кулун тутарга Василий Поярков 300 Бөтүҥ дьонун, Камык кинээс оҥорбут оҕо-дьахтар саһар кириэппэһигэр уматан саба баттаныынан түмүктэнэр. Ити алдьархайдаах хааннаах түбэлтэ Көбөкөн арыыларыттан биирдэстэригэр буолбута сабаҕаланар.
Былыргы суруктарга Бөрө Бөтүҥнэр сирдэригэр “Этиҥнээх хайа” анныгар баар кириэппэһи нууччалар сэриилии сатаан баран ылбатахтарын туһунан суруллар. Ити “Этиҥнээх” диэн сир билиҥҥи Бөтүҥ бөһүөлэгин хоту өттүгэр сопхуос хотонноро турар сиригэр баар.
Уонча сыллааҕыта икки археолог уолаттар куораттан тахсан көрдөөн, элбэх дьөлө хаһыыны оҥоро сылдьыбыттара. Түмүгэр тугу булбуттара, дакаастаабыттара биллибэт. Ити кириэппэскэ сыһыаннаах үһүйээн баар. “Этиҥнээх” кириэппэһин нууччалар сэриилии сатаан ылбакка гынан баран, бөтүҥнэр күтүөттэрэ атын улуус киһитэ баарын тутан тылларыгар киллэрэн оҕотун, ойоҕун, баайын-дуолун имири эһиэх буолан куттаан, бөтүҥнэргэ киирэн кириэппэһи уоттуурга сорудахтаабыттар. Ону ол киһи толорон уоттаабыта үһү диэн былыргы оҕонньоттор уос номоҕо оҥостон кэпсииллэрэ.
Былыргы докумуоннар кэпсииллэринэн, Иван Головин 1633-1634 сылларга 776 кииһи, ону таһынан саһыл тириититтэн араас саҕынньаҕы хомуйбут. Онтон саҥа бойобуода 1638 с. анаммыт Петр Головин 1644-45 сс. 11531 кииһи дьаһаах оҥорон хомуйбуттара биллэр. Ити ынырык түһээни утары 1681-82 сс. бүтэһик өрө туруу буола сылдьыбыт. Онно сахалары кытта нуучча сорох казактара уонна сыылкаҕа кэлбит эргэ итэҕэли тутуһааччылар кыттыбыттара биллэр.
Бөтүҥ уустарын, сирин-дойдутун былыргы каарталарга көрдөххө, Өлүөнэ өрүс хаҥас өттүгэр, билиҥҥитэ Бөтүҥ нэһилиэгин сиригэр, уҥа өттүгэр билигин Көбөкөн, Арбын сирдэрин Өлүөнэ өрүс Алдан өрүһүн кытта холбоһор сиринэн, Амма өрүс орто сүнньүнэн сытар гына бэрт улахан сири ойуулууллар эбит. Ити аҥаардас уос кэпсээнигэр дьон ханан тарҕанан олорор сирдэринэн сиэттэрэн оҥороллор эбит. Ол курдук, 1667 с. уонна 1673 сс. “чертеж” уонна “роспись” диэннэргэ олоҕуран Стадухин, Дежнев, Поярков, Хабаров 1676 сыллаахха Саха сирин каартата оҥоһуллубут. Итиэннэ биллиилээх чертежник-картограф Семен Ремезов “Чертежная книга Сибири” (1698-1700 сс.) оҥорон географическай наукаҕа улахан кылааты киллэрбит.
Владимир ГАВРИЛЬЕВ, Граф Биэрэгэ
“Эҥсиэли”, 1998 с., атырдьах ыйын 25 к.