Убай-балыс сэттэ бииргэ төрөөбүт тутуспутунан иитиллэн, Валерий оҕо эрдэҕиттэн эйэҕэс-сайаҕас оҕо этэ. Билиэн-көрүөн, сатыан баҕата бииргэ улааппыта. Өссө оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан, нуотанан сахалыы ырыа матыыптарын таһаарара.
Аҥаардас ийэ барахсан Марфа Никифоровна төһө да тиийиммэтин-түгэммэтин үрдүнэн туох баар үчүгэйи оҕотугар баҕаран, Валерийы Чочу нэһилиэгиттэн Бүлүү куоратыгар педучилищеҕа ыытар.
Василий Иванович Санников диэн элбэх музыкальнай идэни баһылаабыт, өрөспүүбүлүкэҕэ биллиилээх духовой оркестр салайааччытыгар түбэһэр. Судургутук кэпсээтэххэ, бу училище баян уонна духовой отделениеларын ситиһиилээхтик бүтэрэр.
Быйыл бүтэрбит студеммыт педучилищетын духовой оркестрын икки сыл салайар. Духовой инструменнарга барыларыгар оонньуурун ааһан, саксафоҥҥа, кларнекка саамай уустук айымньыларга дьарыктанар этэ.
Олоҕун аргыһын Евдокия Васильевна Староватованы көрсүөҕүттэн ыла наһаа иллээх спортивнай дьиэ кэргэни олохтууллар. Евдокия Васильевна 30 сыл остуол тенниһигэр иннин биэрбэккэ иһэр, үчүгэйдик ытар, хайыһардыыр. Ити туһунан «Эҥсиэли» хаһыакка кулун тутар 10 күнүгэр тахсан турар.
Валерий Дьэбдьиэйин көрсүөҕүттэн ыла, аны остуол тенниһинэн «ыалдьар». Ол курдук, 1991 сыллаахха өрөспүүбүлүкэҕэ дьиэ кэргэнниилэр күрэхтэһиилэригэр иккис миэстэни ылбыта. Соторутааҕыта үһүөн, онуска үөрэнэр уолларынаан, Нам улууһугар остуол тенниһигэр бастакы миэстэни ыллылар. Хайдахтаах курдук үчүгэйий, дьиэ кэргэн дьарыга, иллээҕэ, талаан салгыы тарҕанара.
1974 сылтан Нам улууһун 2 Хомустаах дьонун-сэргэтин, сирин-уотун олус сөбүлээн олорбуттара. Иккиэн учууталлар. Хайа, оттон Валерий булчута-балыксыта, ол сылдьан ыллыы сырыттаҕа дии. Оскуолаҕа, кулуупка баяны туппутунан сылдьара. Валерий: «Кыра оҕоттон ордук дьиҥнээх кириитик суох», – диир. Ырыа үөрэттэххинэ «наһаа да үчүгэй ырыа» дииллэр. Ол кырдьык үчүгэй ырыа буолар. Сороҕор «пахай, наһаа куһаҕан» дииллэр, оччоҕо кистии охсон, уларыта сатыыгын.
2 Хомустаахха биэс сыл сэбиэт председателинэн үлэлэтэллэр. Көннөрү үлэ-хамнас куһаҕана суоҕа. Саамай ыарахана Горбачев саҕана арыгыны бобуу этэ. Кыккыраччы арыгыта суох бырааһынньык, сыбаайба, үөһээттэн оннук ыйаах кэлэ турар, хайыаҥый, үлэлииргэ, толорорго тиийэҕин. Оччотооҕуга дьон үлэһити сыаналыыр, толоругас этилэр. Политикабыт да диэн уһуктан уһукка ойуолуур.
Егоровтар 1990 сылтан Нам сэлиэнньэтигэр олороллор. Дьиэлээхтэр, 2 Хомустаахха төрөөбүт үс уоллаахтар. Ийэлээх аҕа иккиэн Нам маҥнайгы сүһүөх оскуолатыгар үлэлииллэр.
Валерий Ефремович директордыаҕыттан ыла оскуола иһэ музей курдук. Кылаастарга киирэр ааннардыын, саалалардыын, таҥас ыйыыр, остолобуой барыта маһынан сахалыы орнаменынан киэргэтиллибит.
Үчүгэй салайааччыга үлэһит талаана көстөр. Уруһуй учуутала Л.Л. Викторов, оформитель С.Е. Сивцев булугас өйдөрө, уран тарбахтара дьиктини айан таһаарбыттар. Ханнык баҕарар ыалдьыт ааны аһаат, саха оскуолатыгар киирбитин тута билэр. Коллектив эйэҕэһиттэн, эрчимиттэн көрөн, үлэҕэ ситиһии баарын онно сэрэйэҕин.»Туллук хаара» мелодистар түмсүүлэрин бастыҥ кыттааччыта элбэххэ үөрэнэн, үүнэн иһэрэ харахха быраҕыллар. Хас да ырыалара хомуурунньуктарга кыбылыннылар. Оҕо садтарыгар, кыра кылаастарга ырыа көстүбэт. Оттон Валерий ырыалара сыыска түспэккэ ылланаллар.
Валерий сотору-сотору соһуйара хойдон иһэр «мин ырыабын оҕо саадын оҕолоро телевизорга ыллаатылар, мин ырыабын араадьыйаҕа ыллаатылар» диир.
Нам куораттан чугас, өрөспүүбүлүкэтээҕи семинар буолла да, Валерий ырыалара бары улуустарга тарҕаннаҕа ити. Хомуллубатах ырыа арыт ааптардара уларыйан хаалар.
Онон Нам улууһун «Туллук хаара» диэн мелодистар түмсүүлэрин бастакы кыттааччыта, таһаарыылаах үлэлээх мелодист Валерий Ефремович Егоров ырыаларын түмэн кинигэ оҥордоххо, национальнай концепция өрүкүйэр кэмигэр олус туһалыах этэ.
Иван БУБЯКИН, «Эҥсиэли», кулун тутар 31 к., 1994 с.