Өрөбүл күннээҕи ааҕыы: «Евгений Онегин» сахалыы саҥарар

Нуучча омук улуу генийэ А.С. Пушкин айымньыларыгар «Евгений Онегин» киин, тутаах миэстэни ылар. Дэлэҕэ даҕаны, оччотооҕу общество олоҕун энциклопедията диэн этиллиэ дуо? Александр Сергеевич бу саамай бөдөҥ уус-уран баай ис хоһоонноох, бар дьон үтүө көлүөнэлэрин дьоннорун кутун-сүрүн туппут, бүтүн нуучча литературатын дьылҕатыгар уһулуччу күүстээх сабыдыалы оҥорбут суруйуута буолар.

Ааптар аҕыс сылтан ордук кэмҥэ олорор олоҕун, утуйар уутун умнан, хат-хат көннөрөн, чочуйан, ис-иһиттэн илбиһирэн, этэ-хаана эймэнийэн 1823 сылтан 1831 сыл күһүнүгэр тиийэ эҥсилгэннээхтик эриһэн поэматын бүтэрбитэ.  Биһиги олохпутугар улахан уларыйыылар, тосту өҕүллүүлэр тахса тураллар. Эйэлээх, элбэх национальностаах государствобыт коммунизм диэки хорсуннук, хотуулаахтык дьулуруйар.

«Мин ааппынан туолуо бүтүн улуу Русь эргийэр иитэ-саҕата, ахтыаҕа миигин бары манна баар омук…», – диэн поэт үйэлэри өтө көрүүтэ, кэрэ кэриэһэ илэ-бааччы тилиннэ. Билиҥҥи үйэ поэзиятын биллиилээх маастардара бэйэлэрин ийэ тылларынан украиналыы, белорустуу, азербайджанныы, таджиктыы, сахалыы уо.д.а. дуоһуйа ааҕар дьоллоннулар. Сэбиэскэй суруйааччылар II съезтэригэр П.Г. Антокольскай дакылаатыгар, Самед Вургун, Аркадий Кулешов «Евгений Онегины» дьиҥ кыайыылаахтык, талааннаахтык тылбаастаабыттарын сэргэ, саха поэта Дьуон Дьаҥылыны үрдүктүк сыаналаабыта.

Гаврил Иванович Макаров бу ким баҕарар сөҕүөн курдук уһун унньуктаах үлэтэ – тылбааһа, А.С. Пушкин суруйуутун тохсус сылыгар түмүктээбит эбит буоллаҕына, уон икки сыл устата барбыта. «Пушкин – саха норуотун тапталлаах поэта» диэн «Кыымҥа» тахсыбыт саха суруйааччыларын аһаҕас суруктара «Правда» хаһыат сэҥээриитин көрсүбүтэ.

Дьуон Дьаҥылы нуучча улуу генийин сүҥкэннээх сүдү айымньытын дьоһуннаахтык сахалыы саҥардарыгар икки тылы туйгуннук туттарын таһынан, төрөөбүт төрүт тылын специалист-педагог быһыытынан сүмэтин, сүөгэйин, бииринэн, олох оҕотук эрдэҕиттэн умсугуйан утахтаммыта, иккиһинэн, М. Горькай аатынан литературнай уонна  Саха государственнай педагогическай, учительскай институттарыгар үөрэнэригэр литература, поэзия научнай төрүттэрин, теорияларын дириҥник этигэр-хааныгар иҥэриммитэ, көмөнү, күүһү-уоҕу киниэхэ биэрбиттэрэ чахчы.

Тылбаасчыт: «Саха ааҕааччыта «Евгений Онегины» бэйэтин тылынан ааҕан, өйдүүр буола үүммүтүнэн, мин аҥаардас буукубаны эрэ эккирэппэккэ, кини айымньытын тыынын биэрэргэ кыһалла сатаабытым», – диэбитэ дьиҥнээх тылбаас научнай, литературнай принцибэр таба тайаммытын көрдөрөр. Кини ити уһулуччу суолталаах, эппиэттээх суолга эрдик, хорсуннук туруутугар Москва аатырбыт-сураҕырбыт пушкиноведтарыттан, саха биллиилээх поэттарыттан элбэх сүбэлэри-амалары ылбыта. Бэйэтэ билинэринэн, итиниэхэ Гаврил Иванович чороҥ соҕотох буолбатаҕа, оннук да буолуохтаах этэ.

«Евгений Онегин» 8 главалаах – төбөлөөх. Онегин айаныттан быһа тардыллыбыт кэрчиктэри уонна ааптар ыраахтааҕы сойуолааһыныттан дьулайан, уоттаан суох оҥорбут онус главатын тылбаасчыт олоччу уу сахалыы биэрбитэ, пушкиновед-профессор Бонди быһаарыыларын толору туһаммыта. Хоһоонунан суруллубут роман ритмын, музыкальноһын уус-уран форма уустук «онегинскай строфаларын» фразеологияларын саха норуотун фольклорун тылын-өһүн барҕа баайынан уонна төрөөбүт саҥатын сомоҕо номохторунан, тыас-уус бэриллэр музыкальнай дорҕооннорунан дьүөрэлээбитэ киэҥ кэрэхсэбиллээх.

Нуучча классическай поэзиятын сокуоннарынан, «онегинскай строфалар» биирдиилэрэ түөртүү строфалаах, ямбанан суруллубут. Строфата ордук уустуга сүһүөҕэр эрэ буолбакка, рифматыгар баар. Аны туран рифмата тус-туспа араастардаах: кириэстии, паарынай, куустарыы, хос-хос ритмалардаах. Тылбааска итилэр хамнаабакка тутуһуллубуттара киһини дьиктиргэтэр. «Евгений Онегины» Пушкин суруйбут форматынан сахалыы таһаарар сатаммат, олоҥхо хоһоонун көҥүл форматынан солбуйуохха дуу диэн мунаарар-тэнээрэр оччотооҕу үөрэхтээхтэр, литератордар элбэхтэрэ.

Дьуон Дьаҥылы тылбааһыттан аҕыйах холобурдары көрө түһүөҕүҥ:

«Мы все учились по-немногу

Чему-нибудь и как-нибудь,

Так воспитанием, слава богу,

У нас не мудрено блеснуть.

Онегин был, по мнению многих

(Судей решительных и строгих),

Ученый малый, но педант.

Имел он счастливый талант

Без принуждения в разговоре

Коснуться до всего слегка,

С ученым видом знатока

Хранить молчание в важном споре

И возбуждать улыбку дам

В нем нежданных эпиграмм».

«Туомугар эрэ үөрэммиппит

Туохха эмэ, хайдах эмит,

Биһиги оннук иитиллэммит,

Бэрт кыранан киэбирэбит.

Онегин, бар дьон билиитинэн

(Элбэх сыанаһыт этиитинэн),

Ученай киһи да педант;

Кэпсэтиигэ кини сатаан,

Барыны билэр курдук кыттар,

Оттон мөккүөр буоллар эрэ,

Ученай киэбин киллэрэ,

Олох саҥарбат, ону кытта

Хотуттары мичиҥнэтэр

Хоһоон сууһун булан этэр».

Поэт Евгений Онегины кытта бастаан оҕотук сылдьаннар Петербурга Нева өрүс биэрэгэр, онтон хойут Хара муора тоҕойугар Одессаҕа көрсөллөр. Кини романын геройун Онегин үчүгэй да, куһаҕан да өрүттэрин бэркэ диэн билэр. Онегины, эмиэ атын дворяннар оҕолорунуу, французтар дьиэтигэр мэниктиирин буойа сатыыртан ураты туох да көдьүүстээххэ ииппэтэхтэр. Роман бастакы главатыттан көрдөххө, киһилии улахан үөрэҕи ылбатах, наар көрү-нары батыспыт, ол эрээри олус элбэҕи аахпыт, билбит-көрбүт. Бэл диэтэр, уус-уран литератураны таһынан араас философскай, историческай, оннооҕор буолуох астрономияҕа, физиологияҕа, медицинаҕа тиийэ үтүмэн үгүс кинигэни ааҕыталаабыт. Германияҕа университеты бүтэрбит доҕорун Владимир Ленскэйи кытта ханнык баҕарар улахан политическай, историческай, философскай боппуруостарга дэгиттэр, тэбис-тэҥҥэ мөккүһэр.

Кириитик Добролюбов этэринэн, айымньы геройа дьүһүнүнэн-бодотунан киһи киэнэ кэрэмэһэ, тутуулаах-хабыылаах, билиилээх-көрүүлээх бэрдэ. Кини күннэри-түүннэри театрга, баалга, маскараакка тиэстэр, ас амтаннааҕын аһыыр, таҥас-сап талыытын таҥнар, ааҕар-суруйар ааттааҕа, хотуттар куттарын-сүрдэрин куудьутааччы хоодуота. Ол эрээри Евгений Онегин төрүт өйө-санаата, быһыыта-таһаата оччотооҕу дворянство бастыҥ дьонноруттан – революционер-декабристарыттан, ыраахтааҕы хара дьайын утарааччы А.С. Пушкинтан даҕаны оччо-бачча тэйиччи турара суруйууга көстүбэт. Роман ааптара төһө да бэйэтин геройун улахамсыгын, сүрэҕэ суоҕун сөбүлээбэтэр даҕаны, кинини кытта доҕордоһор. Дьалбаа, бэрдимсик Евгенийбыт төрөөбүт дэриэбинэтин крепостной бааһынайдарын олохторун чэпчэтэ түһэр:

“Барщина бурҕалдьытын устан,

Оброк төлөтөн чэпчэттэ,

Онон кулут дьонун үөртэ”.

Кини мантан атыны общество олоҕор туох да уларытыыны оҥорбот, оҥорор да кыаҕа суох. Ол курдук, геройбут ээл-дээл туох да соруга, кыһалҕата, үлэтэ-хамнаһа суох хайы-үйэ 26-гар үктэнэр. Онтон кый мэнээк, атахха киирбиччэ барар…

А.С. Пушкин оҕочоос поэт Владимир Ленскэй кылгас олоҕун, суорума суолланыытын туһунан хоһоонунан хоһуйар. Роман тутаах геройдара Онегиннаах Татьянаттан ураты, тус-туспа быһыылаах-майгыннаах, олохтоох-дьаһахтаах дьон элбэх. Олору ааптар бэрт кэмчи, аҕыйах бэргэн тылынан-өһүнэн ойуулаан ааһар. Күнүүлэһэн, поэт Ленскэй, баара-суоҕа 18-гар, Евгений илиититтэн дуэльга өлөр. Ол быстах өлөр өлүүнү эрдэттэн биттэнэн, сүрэҕэ-быара таайан, Ленскэй ис-иһиттэн илбиһирэн ыллыыр:

“Куда, куда вы удалились

Весны моей златые дни?

Что день грядущий мне готовит?

Его взор напрасно ловит,

В глубокой мгле таится он.

Нет нужды: прав судьбы закон.

Паду ли я, стрелой пронзенный,

Иль мимо пролетит она,

Еще благо: бдения и сна

Приходит час определенный:

Благословен и день забот,

Благословен и тьмы приход!”

Бу аар-саарга аатырбыт Ленскэй ариятын ким долгуйа истибэтэҕэ баарай? 1952 с. кыһыары биир киэһээ миэхэ хоно, күтүөппүнээн поэт Феоктист Софроновтыын Дьуон Дьаҥылы тиийэн кэллилэр. Түбэлтэтигэр түҥүрүм суруйааччы Н.Н. Павлов – Тыаһыт күтүөтүгэр, быраатым аахха хоно сытара. Гаврил Иванович “Евгений Онегин” тус-туспа главаларыттан быһыта тардан нууччалыы-сахалыы доргуччу ааҕыталаата. Татьяна түүлүн олоччу нойосуус, артыыстыы хамсанан, куолаһын үрдэтэн, намтатан аахпытын сөҕө, хайгыы иһиттибит. Оннооҕор героинятын түһээн көрөрүн, кэргэнэ “күнүүлүүрүн” кэпсии-кэпсии күлэрэ-салара бу баарга дылы.

Ленскэй ариятын ыалдьыттыын-хоноһолуун чочуйа-тупсара сатаатыбыт да музыкатын кыайбатыбыт. Хаһан эрэ үөрэппит киһибэр – доҕорбор, композитор Захар Винокуровка сарсыарда бара сылдьарга, көмөлөһүннэрэргэ эппиппин дьонум үөрэ түстүлэр. Тиийбиппит И.Д. Винокуров-Чаҕылҕан кэлэн олорор. Силикпит, дьэ, ситтэ, аны поэт-музыкаһыт бэрдэ киһилэннибит. Дьэ, В. Ленскэйбит арията бүтэһиктээхтик сахалыы бу курдук буолла:

“Ханна күрэнэн халыйдыгыт,

Хаарыаннаах көмүс күннэрим?

Сарсыным тугунан туолуйар?

Сай күбэн кинини саһыарар,

Оһол оҕуттан мин охтуом,

Баҕар, ордон олорбохтуом, —

Оҥоруум бэйэтэ билиэҕэ.

Утуйуу, туруу да чааһа

Олбу-солбу кэлэн ааһар:

Кэтэһэр кэм-кэрдии кэлиэҕэ,

Күн сырдыга күндүтэ бэрт,

Түүн кэлэрэ төлөрүйбэт!”

Көстөн турар суол, бокуонньук тыыннааҕа эбитэ буоллар, “Евгений Онегин” тылбааһын өссө даҕаны дьэҥкэрдэн, тупсаран оҥорон, кинигэтин саҥардан таһаарбыт буолуохтааҕа. Бу тылбаас саха литературатыгар саҥа кэрдиини, хоһоонунан романы суруйууну, саҥа жанры, формалары, стиллэри үөскэтиигэ уһулуччу оруолламмыта. С. Васильев, В. Соловьев-Болот Боотур, И. Гоголев, М. Тимофеев поэзия ити жанрыгар бааллар.

Реакционнай баай сирин журналиһа Андре Пьер бурят-монгол, коми, саха, чуваш халы-мааргы тылларыгар Пушкин поэмаларын тылбаастыыра, хайдах тахсарын сэнээн күлүү-элэк оҥостор. Дьуон Дьаҥылы онуоха: “Андре Пьер, бил, айдааны тартым, Пушкины сахалыы саҥартым…”, — диэн хоруйдаан турардаах.

Улуу Октябрьскай Социалистическай революция 70 сылын туолуутугар ленинскэй национальнай политика өрөгөйдөөн, биһиги ССРС үгүс национальностаах интернациональнай биир кэргэннэрин иһигэр культурабыт, литературабыт чэлгийэ сайынна. Ол өлбөт-сүппэт үтүө туоһуларынан сахалар иитиллибит ийэ тылбытынан улуу Пушкин “Евгений Онегины”, Толстой “Сэриитин уонна эйэтин”, Руставели “Тиигир таҥастаах бухатыырын” дуоһуйа ааҕар толору дьоллоннубут, кэрэ кэскиллэннибит буолбаат.

И. БАРАШКОВ, ССРС НА СО Саха сиринээҕи филиалын институтун секторын урукку сэбиэдиссэйэ

“Ленин суола”, 1987 с., бэс ыйын 27 к.

Читайте дальше