Төрөөбүт тыл сүмэтэ
1984 сыллаахха Арбыҥҥа сылдьан, 78 саастаах Н.Н. Потапов – Тоотустан уонна 69 саастаах И.Н. Иванов – Аччыгый Уолтан сирдэрин суруйбутум. Онно оҕонньоттор Хохостоох диэн хадыһаны суруйтарбыттара. Билбэт тылым этэ, онон:
— Хохос диэн тугуй? Туохтаах буолан Хохостоох ааттаммытый? – диэбитим.
— Хохос диэн абына-табына дулҕаны хохос диибит. Онно-манна баары, – диэбиттэрэ.
Бу тылы түбэһэн истибиппиттэн уонна сурукпар киллэрбиппиттэн үөрэбин. Тоҕо диэтэххэ, кини тылдьыттарга, бэл диэтэр, «Диалектологическай тылдьыкка» даҕаны суох, киллэриллибэтэх уонна, арааһа, сурукка, уопсайынан даҕаны, киллэриллэ илик быһыылаах. Тыл, литература, история института икки мөлүйүөнтэн тахса ахсааннаах карточкалаах картотекалаах. Онно хохос суох. Ити картотекаҕа саха тылынан бэчээттэммит суруйуулар, үгүстэрэ диэххэ сөп, киллэриллэн тураллар.
Ол курдук, доҕоттор! Дулҕаны хохос диэһин, арааһа, ити аата, Нам дьоно туттар, киэҥник тарҕамматах түөлбэ тыл эбит быһыылаах. Кини хохой диэн тылга хайааһын түмүгэ суолталаах ааттары, даҕааһыннары үөскэтэр -с сыһыарыы сыстан үөскээбит. Холобур: алҕаа – алгыс, аҥаардаа – аҥаардас, кылгаа – кылгас, кырбаа – кырбас, хаһаан – хаһаас.
Хохойу – Э.К. Пекарскай: «Бросаться в глаза своим тонким станом», – диэн быһаарбыт. Оттон билиҥҥи тылдьыт ааптардара: «Иметь прямую тонкую шею», – диэбиттэр. Уопсайынан дьүһүн, быһыы-тутуу хоһуйуу.
Хохой бэйэтинэн сир аата буолбута баар: Амма баһыгар – салаа үрэх, Анаабырга – эмиэ салаа үрэх.
Биһиэхэ дьүһүн, быһыы-тутуу хоһуйуу, сиилээһин-одуулааһын даҕаны олус элбэх. Ситиннэ баҕас тэҥнээхпит аҕыйах буолуо. Ол үгэспитин сири-дойдуну ааттааһыҥҥа кытта тутуһабыт. Ол курдук, холобур, Бүлүү Маҥнайгы Күүлэтигэр Хохойор Ардьалааҕа диэн сир баар. Хохойор – ситиннэ олоро сылдьыбыт киһи аата.
Хохой, ити курдук биһиэхэ олус киэҥник туттуллар буолан, өссө эбэҥки тылыгар киирбит. Ол дьон кокой диэн тыллаахтар. Суолтата – ала бэлиэ, харахха быраҕыллар.
Хохоспутугар төннүөҕүҥ.
Хохос дулҕа диэн суолтаҕа туттуллара биллибэт этэ гынан баран, итинник тыл баарынан баар. Э.К. Пекарскай «хонууга хохос баар үһү» диэн таабырыны аҕалбыт уонна «на поле долговязый» диэн тылбаастаабыт, таайыытын «туруйа» диэбит.
Бочуоттаах академик өссө «кустар хохоһон олороллор» диэн холобуру аҕалбыт уонна «сидят, приподнявши головы» диэн тылбаастаабыт.
Багдарыын Сүлбэ