Өрөбүл күннээҕи ааҕыы: Күһүҥҥү тыа сыта

Бу туохха да тэҥнэммэт дьикти минньигэс сыттаах ойуур иһигэр оҕобунаан сылдьабын. Күһүҥҥү ойуур кырааската олус да баай. Манна ханнык өҥ суоҕуй? Худуоһунньуктар да ол эгэлгэ өҥү бэйэлэрин уус киистэлэринэн да сиппэттэрэ эбитэ дуу диэн саарбахтыыбын. Оҕом биһиги айылҕа ити баай көстүүтүн ортотугар бэркэ астынан сынньанабыт.

Оҕом отону булан солуурчаҕар кутарын көрө-көрө үөрэбин. Манна тэллэй хабархайдыҥы сыта, отон уонна дөлүһүөн минньигэс сыта сүрэҕи ортотунан киирэр. Күһүҥҥү ойуур иһигэр сүрдээх үлэһит кыыл-сүөл олус элбэх. Омурдун дөлүһүөнүнэн толору симиммит моҕотой, хаһан эрэ икки атахтаах кэрдэн илдьэ барбыт тиитин төҥүргэһигэр чөкөллөн олорор. Илин атахтарынан дөлүһүөнү тутан омурдугар симэр уонна хаһааһын уурар «ампаарыгар» ыстанар.

Сыамсах тыаһа-ууһа суох көтөн элээрэр. Кини эмиэ күһүҥҥү улахан түбүккэ сылдьар. Кымырдаҕастар бугул курдук оргуллара эмиэ үлэ түбүгэр турар. Оҕом биһиги эмиэ кыһыммытыгар бэлэмнэнэн, харааччы буспут отону хомуйабыт. Ытыс отон. Ол ахсын минньигэс отонунан оҕом солуурчаҕа туолан иһэр. Саһарбыт хатыҥ сэбирдэҕэ үрдүбүтүгэр тэлээрэр. Биһиги ол ахсын иккиэн үөрэбит. Биһигинниин күммүт эмиэ күлсэр, сырдык кыымынан үөрсэр.

Т. ХАЛЫЕВ, «Ленин суола», 1989 с., балаҕан ыйын 26 к.

Читайте дальше