Сааскы ыйдарга санаа курдук ардаан, Эҥсиэли эбэ хотун киэҥ хочолоро чэлгийэ көҕөрөн, силигилии ситэн да эрэрэ. Ити кэмҥэ сибэккинэн симэммит хатыҥ чараҥнарга саха омук национальнай бырааһынньыга ыһыах биһиги оройуоммут бары сопхуостарын отделениеларыгар биир бириэмэҕэ күргүөмүнэн атаарыллыбыта. Быһыйдар, бөҕөстөр, ырыаһыттар, үҥкүүһүттэр бэйэлэрин дьоҕурдарын холонон көрөр күннэригэр анаабыт курдук үтүө күннэр туран биэрбиттэрэ.
Аны «Бука бары – окко!» диэн девиһинэн отчуттар кэмигэр күргүөмүнэн көспүттэрэ. Биһиги биригээдэбититтэн Петр Петрович Соловьев салайар ыччат-комсомол звенота Бөрүөһүнэйгэ ким хайа иннинэ көспүтэ. Ыһыахтаан бүтээт, төһө да техниката ситэ илигин үрдүнэн, баар техникаларын биир-биир оттуур сиригэр тиэрдэн, ким хайа иннинэ охсууну саҕалаабыта. Саҥа косилка ылан үөрбүттэрэ-көппүттэрэ. Онтукалара баара үгүс чааһа итэҕэс, заводской улахан итэҕэстээх буолан элбэх күнү-дьылы алдьатта.
Ама, быйыл оттуурга халлаан күнү биэрбэтэх аатырдаҕай. Биэрии бөҕө. Ити кураан күннэргэ П.П. Соловьев, Д.Д. Черноградскай, В.А. Обутов балачча оту туруоран хааллылар. Билигин кыратык ардыыр кэмигэр Исаков агрегата оту кыайан ылбат. Онон кинилэр туустаан кэбиһэр кыахтара суох. Бытаарыы тахсар кутталлаах. Саталлаахтык тэриннэхтэринэ атын үлэнэн солбуллара табыллар.
Лена быйыл саас уутун түргэнник илдьэ барда. Онон өрүс арыыларын үрдүк, орто ходуһаларын үүнүүлэрэ үчүгэй. Налыы сирдэр отторо ситэн эрэр. Балысхан ардах түстэҕинэ, өтөх сир ото ньимси сытар кутталлаах. Бу ааспыт ардахтан сытта даҕаны. Күтэр тибиитэ элбээн эрэр. Онон от сыттаҕына, оту күтэр типтэҕинэ үлэ улаханнык ыарыан сөп. Итини учуоттаан өтөх сирдэри, от сытар учаастактарын тала сылдьан, өрүсүһэн оттуур дьаһалы Үөдэй нэһилиэгин сэбиэтин исполкома таһаарда. Нэһилиэнньэ күргүөмнээх тахсыыларын тэрийии, сорудахтары тиэрдии саҕаланна.
Күүлэй хочото диэн ходуһа баар. Бу ходуһа 1978 сыллаахха оройуоннай күүлэйгэ анаан оҥоһуллубут Баатылы төрдүн ылар. Үүнүүтэ быйыл икки бүк холобурдаах үчүгэй. Былырыын от үрдүнэн 30-40 сантиметр көстөр гына анньыллыбыт тэҥ эрээттээх былаахтар олох көстүбэт буолбуттара ону туоһулуур.
Итини көрөн бараҥҥын ааспыт сыллаахха манна тэриллибит күүлэйи санаан кэлэҕин. Үөдэйгэ тэриллибит оройуоннай кэтэхтэн күүлэйгэ 32 киһи кыттыбыта. Күүлэйи ыытар комиссия Сатыы арыыга тэриллибит 12 киһилээх күүлэй хочотугар кииннэнэн үлэлээбитэ. Онтон мотоциклынан кэлэ-бара сылдьан, Кыскый үлэ уонна сынньалаҥ лааҕырыттан кыттыбыт 8 киһилээх, хортуоппуй үүннэрээччилэртэн кыттыбыт 7 киһилээх, итиэннэ Намнааҕы педучилище 6 киһилээх звеноларыгар сылдьан мээрэйдээһини, охсооччулар бириэмэлэрин көрүүнү ыыппыта.
Бу үлэҕэ кырдьаҕастар актыыбынай кыттыыны ылбыттара. Элбэх күүлэйи атаарбыт нэһилиэк ытык кырдьаҕаһа Николай Петрович Лиханов күүлэйгэ кыттар оҕолор хотуурдарын таптайан, сытыы кылааннаан биэрэн испитэ. Эмиэ наставник Иван Николаевич Москвитин сүүрэн-көтөн тэрээһиҥҥэ улахан көмөнү оҥорбута, үлэһиттэргэ амтаннаах миини бэлэмнээбитэ, өҥүрүк куйааска утахтарын ханнараары тымныы чэйи бэлэмнээбитэ.
Тэҥ дьурааларынан охсооччулар былаахтан былаахха тахсан, эргиллэн утары кэлэн 100 миэтэрэ усталаах, 50 миэтэрэ туоралаах сири олуктаан ылан ким уһаты, ким туора от сытыытынан көрөн охсон куһурҕата сылдьаллара. Аҕа дойду Улуу сэриитин сылларыгар эр дьонтон хаалсыбакка оту охсубут Анна Ионовна Эверстова, Аграфена Афанасьевна Ядреева хотуурдарын сүгэн, оттуу баран иһэн күүлэйгэ күрэхтэһэ сылдьар Николай Тарасовка, Семен Ксенофонтовка бэйэлэрин хотуурдарын уларсыбыттара. Бу улахан сыанабыл этэ.
Аны хотуур сытыылааччы, таптайааччы икки саппаас хотууру уочаратынан бэлэмниир. Оҕолор бириэмэлэрин сүтэрбэккэ, бэлэм хотууру кэлэн уларытаат ааһан иһэллэр. Ити иһин Николай Петрович элбэх махталы ылла.
Комиссия председателэ С.П. Ядреев (спортсовет председателэ) бастаан иһэр киһи сирин бүтэрэрин кэтэһэр. 3 чаас 15 мүнүүтэнэн Дальнай Восток уонна Сибиир зонатыгар икки дистанцияҕа иккис буолан кэлбит сүүрүк Семен Охлопков бастаан сирин бүтэрэр уонна иккис учаастагар барар. Иккиһинэн 3 чаас 18 мүнүүтэнэн Николай Тарасов бүтэрэр. Киниттэн кыранан хаалан, Семен Ксенофонтов, Владимир Федоров уо.д.а. бары НПУ үөрэнээччилэрэ тахсаллар уонна эмиэ иккис учаастактарыгар бараллар.
Ити курдук бэрээдэгэ уларыйбакка иккис учаастак киэһээ хойут бүтэр. Хамаанданан күрэхтэһиигэ Намнааҕы педучилище үөрэнээччилэрэ бастаабыттара. Бу күүлэй дьон болҕомтотун тардыбыта.
П. ВЛАДИМИРОВ, «Ленин суола», 1979 с., атырдьах ыйын 4 к.