Муҥхалыыр да арааһынайдаах – көрдөөх, күлүүлээх. Отой ытыскын соттуоххун сөп. Эбэтэр куулунан да балыгы соһуоххун сөп.
Үс күн муҥхалаан биир быччыкыны ылбыттарын туһунан кэпсиэҕи, эмиэ да көрүдьүөскэ дылы, эмиэ да көрүдьүөһэ суохха дылы.
Онтон кэпсээтэххэ маннык буолбута. Бастакы күннэригэр (сааскы муус халыҥын бэйэҕит билэҕит) үлэ бөҕөнү көрсөн, сэттэ көлөһүннэрин тоҕон, муҥхаларын түһэрэн таһаарбыттара. Муҥхаларын ийэтигэр туруору сиэрдийэ симиллэн тахсыбыт. «Балык кэлиэҕин сиэрдийэ моһуоктаабыт«, – диэн буолбут.
Сарсыҥҥытыгар кэлэн бэлэм ойбонунан муҥхаларын түһэрэн таһаарбыттара… Бу сырыыга бадарааны кытта баҕа-чоху бөҕө хончоҥноһон кэлсибит.
— Балык аргыһа дэлэй эбит! Күөлбүт, дьэ, тубуста, ыраастанна. Тугун-ханныгын билиэҕи, туох-ханнык үһүстээх, өссө түһүөҕүҥ, – диэтэ аҕа баһылыктара Бэстээхэп.
— Ээ, оннук, – дэстилэр дьоно.
Сарсыҥҥытыгар кэлэн эмиэ түспүттэр. Онуоха муҥхаларын ийэтигэр быһах угун саҕа быччыкы толугурайан тахсыбыт уонна киһилии кэпсэтэн барбыт:
— Хайа, бу, Бииктэр Бэстээхэп киирэн турар эбит дуу. Бу саас балык ыамын саҕана уонча илиминэн бу күөл балыгын барытын ылан баран, хантан балык кэлиэ диэн, сирэйэ-хараҕа суох кыбыстыбакка, дьону-сэргэни түмэн, күнү-дьылы ыыта тураҕын. Хата, эрэй сылааһына уубар төттөрү ыыт уонна хомунаҥҥыт дьиэлээҥ.
Бэстээхэп кыларыйар кырдьыгы этиттэрэн уонна балык саҥатыттан соһуйан, куттанан даҕаны, түргэн үлүгэрдик быччыкыны ууга хаһыйан кэбистэ.
— Чэ-чэ, хо-хо-мунан дьиэ-дьиэлиэҕиҥ, – диэтэ…
П. СЫРОВАТСКАЙ, «Ленин суола», 1987 с., кулун тутар 31 к.