Өрөбүл күннээҕи ааҕыы: Оттооһун – саха дьонун өбүгэ саҕаттан үгэһэ (салгыыта)

Күүлэйдэри тэрийии

  • Оту охсуу киһини бэйэтигэр тардар, умсугутар абылаҥнаах. Былыр-былыргыттан бастыҥ охсооччулар, түгэн көһүннэр эрэ, күрэстэһэр үгэстээхтэрэ. Табыгастаах түбэлтэ – күүлэйдэри тэрийии. Оройуон, нэһилиэк аайы үгүс киһилээх күүлэйдэр тэриллэллэр. Аныгылыы эттэххэ, спортивнай күрэхтэһии. Бастыҥ охсооччулар сүүмэрдэнэн, сиидэлэнэн тахсан иһэллэр.

Хас биирдии киһиэхэ мээрэйдэммит ходуһа бэриллэр, быһа холуйан, биирдии га сир. Чаһы бириэмэтин тутуһуннарыллар. Быһыллыбыт бириэмэ иһинэн төһө элбэх сир охсуллубутунан кыайыылаах быһаарыллар.

Аны күүлэйдэри таһынан куонкурустар тэриллэллэр. Үс күнтэн итэҕэһэ суох, 10 күҥҥэ тиийэ. Хаһаайыстыба төһө сирдээҕинэн көрөн, куонкурус күнэ быһаарыллар.

Элбэх киһини оту охсууга кытыннаран, куһаҕан киэҥ сири аҕыйах күн иһигэр охсон бүтэрии ситиһиллэр. Дьону онно-манна биир сиргэ түмэн, көһөрбөккө эрэ, ханна оттуур сирин хабаанынан күрэхтэһиннэрэр ордук барыстаах. Күн-дьыл алдьаммат. Сири тустаах комиссия мээрэйдиир, хонтуруоллуур.

Аатырбыт охсооччулар уос номоҕор сылдьаллар. Хамаҕаттаҕа Айаан диэн орто алааска төрөөбүт Кугас диэн бухатыыр киһи 4 га ходуһаны баара эрэ икки омурҕаҥҥа охсор этэ дииллэр. Аҕа дойду Улуу сэриитин бэтэрээнэ Е.А. Москвитин (Мэтээллээх) ат хаамыытын кытта тэҥҥэ охсон барара үһү. Бу соторутааҕыта диэри олорбут Н.Н. Дьяконов күҥҥэ 1,5 гааттан итэҕэһи охсубатынан биллэрэ.

Ыраас суоллаахтарынан М. Ларионов, С. Парников, П. Охлопков сураҕыраллара. Ханнык да сыппыт оту иҥнибэккэ, син биир турар оттуу охсоллоро. С. Парников дэһээтинэ сири биир омурҕаҥҥа дайбыыра. М. Ларионов күҥҥэ гектар сири хайаан да охсоро.

1946 с. Мэҥэ Хаҥаласка 5 оройуон бастыҥ охсооччуларын күүлэйигэр Таатта киһитэ икки омурҕаҥҥа 3,9 гааны охсон сөхтөрбүт. Уус Алдантан сылдьар Н. Бурнашев ол күн үс омурҕаҥҥа 4,6 гааны, П. Брызгалов 8 чаас устата 3,1 гааны охсубуттар.

Билигин да үчүгэйдик охсооччулар бааллар. Чурапчы киһитэ Адамов (Халла) 3,82 гааны охсон турардаах. Сунтаарга «Урожай» общество председателэ Иванов күҥҥэ 2,5 гааны охсубута. Саха сиригэр улаханнык биллибит А.И. Кладкин күҥҥэ 5,16 га сири охсон, тэҥнээҕин булбатаҕа. Кини рекордун сиппит киһи баара биллибэт.

1944 сыл атырдьах ыйын 10-20 күннэригэр Сунтаар оройуонугар илиинэн охсуу куонкуруһугар Т. Дьаархантан Д. Тихонов хас күн ахсын 2,35 гааны, Куокунуттан К. Семенов 2,1 гааны охсубуттара.

1979 сылга атырдьах ыйын 24-25 күннэригэр Майаҕа илиинэн охсууга ыытыллыбыт өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкуруска спорт маастара П. Иванов икки күн 4,23 гааны охсон чемпионнаабыта.

1983 сыл атырдьах ыйын 20-30 күннэригэр 10 хонуктаах өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкуруска 1014 киһи кыттыбыта, 3490 га охсуллубута. Саамай үрдүк көрдөрүүнү Горнай оройуонун «Маалтааны» сопхуоһуттан Н. Баишев чемпионнаабыта, куукуна гарнитурун, «Дружба» эрбии фондатынан, 200 солк. харчынан бириэмийэлэммитэ, 17,3 центнер үүнүүлээх 15,6 гектары охсубута.

Атырдьахтар, кыраабыллар, кыдамалар

Кыдамаларга тыаҕа хойуутук үүммүт үрдүк мастаах сиртэн талан ылыллар. Титириктэр төбөлөрүгэр эрэ мутуктаахтар.  Сороҕор мастар быыстарыгар эбэтэр куруҥҥа бэйэтэ туран эрэ хаппыт, мутуга суох, үрүҥ эттээх титирик баар. Оннук мас кыдамаҕа ордук бөҕө, тостумтуота суох.

Үөл да титириги мутуга суоҕун талан, хатырыгын суллаан куурдуллар. Кыдамаҕа, атырдьахха, кыраабылга, хотуур угар туттуллар мастары күлүк сиргэ хатарыллар. Мас икки төбөтүн хатырыга 4-5 см уһуннаах хатырыктаммат, оччоҕо хайыта хаппат.

Хотуур, кыраабыл, кыра атырдьах уктарыгар маһы ханна олороргунан булаҕын. Алааска олорор киһи үксүн титириги, өрүс эҥээригэр олорооччулар иирэ талахтан бэлэмнииллэр. Туттар тэриллэргэ титириги, талаҕы, тэтиҥи, хахыйаҕы, иирэ талаҕы мутукча тыллыан, сэбирдэх ситиэн иннинэ бэлэмниир ордук.

Сэбирдэх, мутукча ситтэҕинэ, мас наһаа үөл, уута элбэх. Сайын туттубут тэрилгин, ордук кыдамаларгын хам кэлгийэн, күлүк, куруук орооспот, мэһэйдэппэт, күн уота көрбөт сиргэ, сарайга дуу, ампаар үрдүгэр дуу дьаарыстыы уураҕын. Эһиилигэр бэлэми ыллыҥ да оттуу бараҕын.

Өбүгэлэрбит үгэстэринэн күһүн оттоон бүттүҥ да, атырдьахтаргын, кыдамаларгын холбуу хам баайан, үстүү сиринэн күөх отунан  кэлгийэҕин. Кыдамаларгын арыынан эбэтэр сибиинньэ сыатынан ньалҕаарыччы оҕунуохтуугун. Мас бэрдийииттэн, эмэҕирииттэн, хайыта хатыыттан көмүскэнэр. Бу – харыстанньаҥ быһыы биир бэлиэтэ, таах тамныы, быраҕа сылдьар сиэргэ баппат.

Бүтэһик оккун кэбиһэн, күрүөтүн тутан, анаан арыылаах саламаат, алаадьы оҥостон, кымыс иһиллэр – бу кыдама сууйуута дэнэр. Саламаатынан, алаадьынан уокка ас кутан эбэҕин, эһэҕин аһатаҕын – бу аата айылҕаҕа сүгүрүйүү, айылҕаны кытта бэйэҕин сибээстээн, күүскэр күүс, санааҕар санаа эбинэн, дьоллоохтук-соргулаахтык сылдьаргын түстүүгүн.

Арыгылыыр төрүт сатаммат, арыгы сахалар утахпыт буолбатах. Биһиги утахпыт, доруобуйабытын сүрүн тупсарааччы – кымыспыт. Ону ханнык да утах солбуйбат.

Атырдьахтар араастара: бугуллуур, түгэхтиир, ортолуур уонна түстүүр атырдьахтар. Өссө түстээччи атырдьаҕа туспа. Бугуллууртан ураты атырдьахтар кыдама диэн ааттаналлар. Бугулу сүгэн кэбиһэргэ үөрбэ атырдьах диэн баар. Атырдьахтар уһуннара ким хайдах бэйэтигэр сөп гына оҥосторуттан тутулуктаах.

Холобур, кыдама уһуна 3 м кэриҥэ, онтон ордук. Ортолуур, түстүүр кыдамалар чомойдорун алын өттүнэн, түгэхтиир атырдьах оту туруору туппутуҥ кэннэ сирэйгин-хараххын хаххалаабат курдук уктанар. Бугуллуур атырдьах лаппа кылгас, туттарга-хаптарга сыыдам, мэһэйэ суох. Уһун атырдьаҕынан тэлэкэчийэр олуона. Бугуллуур атырдьах уһуна 1,5-1,7 м, түсчүт атырдьаҕа – 1,3-1,5 м.

Үгэс курдук бугуллуур атырдьахтан уратылар, түгэхтиир, ортолуур, түстүүр кыдамалар батастара уһун, атырдьахтаабыт оккун ыспакка, чөмүччү – ыраастык ылаҕын.

Дулҕалаах, уулаах, бадарааннаах, быллаардаах сиргэ бугулу сүгэн таһан кэбиһиллэр. Бугулу сүгэр үөрбэ атырдьах түгэхтиир атырдьах саҕа, арыый да кылгас, батаһа уһун, бугулу үөрбэлээн ылбытыҥ кэннэ сирэйгин-хараххын саба түспэт. Үөрбэ чомойо кылгас – эрбэх курдук эбэтэр олох да кириэстии кылгас туорай мас саайыллар, баайыллар.

Оту кэбиһэргэ үгүстүк хаачыка туттуллар. Кыдама уһунун саҕа. Төһөнөн уһун да, бугулу көтөҕөргө чэпчэки. Арааһа, чомойдоох уонна кыра көлүөһэлээх хаачыкалар ордук тэнийбиттэр. Көнө, кураанах ходуһаҕа соҕотох киһи биир бугулу кэбиһэр сиригэр тулуппакка, соһон аҕалар. Бугул хамсаабакка кэлэр, от сыата, сэбирдэҕэ тохтубат.

Чомойдоох хаачыкаҕа бугулуҥ сиргэ сыһыллыбат, сыстыбат, чомойун онон көрөн, холоон оҥороҕун. Хаачыка сиргэ тайар өттүн салааска курдук суоруллар, оччоҕо эргичиҥнии сылдьыбат. Киһи илиитэ сылайар. Ону аччатаары соһор өттүгэр бурҕалдьы курдук, моойгор, сүнньүгэр кэтэр гына кэтит бириһиэн быаны бугулгун уҥуор чорбойуор диэри батары анньан таһааран, хаачыкаҥ маһыгар иккиэннэригэр хамсаабат сэргэ курдукка иилэҕин. Сүнньүгэр уурдуҥ да, илиигинэн соспутунан бараҕын. Итинник быа оҥоһуннаххына, ханнык баҕарар бугулу соһуоххун сөп.

Кыра көлүөһэлээх хаачыка оҥоһуута эмиэ итинник. Уратыта диэн сиргэ сытар, соһуллар, били салааска курдук суорар сиргэр түөрэ түспэт гына хаачыкаҥ маһын икки өттүгэр көлүөһэлэри олордоҕун. Оҕо кэлээскэтин түөрт көлүөһэтин буллуҥ да бүтэр.

Хаачыкалартан саамай табыгастаахтара, ордук чэпчэкилэрэ – велосипед икки көлүөһэтиттэн оҥоһуллубут. «Велосипед-хаачыка» оҥостон, соҕотох киһи да холкутук кэбиһэр. Бугулгун төһө баҕарар ыраах сиртэн илистибэккэ аҕала туруоххун сөп. Биир үчүгэйэ – туох баар отуҥ тэрилин, үтэлэри, утуйар таҥастары тиэйэн, атын оттуур ходуһаҕар көһөҕүн. Көнө сирдээхтэр «велосипед-хаачыканы» оҥостоллоругар сүбэлиибин. Оҥоһуута төрүт судургу.

Миинэ сылдьар велосипедыҥ көлүөһэтин устан, сөп түбэһэр суоннаах, 2 м кэриҥэ уһуннаах көҥдөй турба тимири буллуҥ да бүтэр. Ат көлөҕө, оҕуска наадыйбаккын. Арай, отуҥ күрүөтүн маһын таһаргар көлө наада. «Велосипед-хаачыкаҕа» ыарахан таһаҕаһы, күрүө маһын төрүт тиэйимэ, спицата тулуйбат. Көлүөһэ араастаан ньалбаҥнаан, төттөрү олордубат гына алдьанар.

Кыдамаларгын, атырдьахтаргын былыргылыы маһынан чомойдообот буоллаххына, тимир атырдьаҕы солбуйа сылдьан уларытан иһэҕин. Тимир атырдьах батаһа кылгас, мас атырдьахтааҕар мөлтөх. Бугулгун хас эмэ төгүл атырдьахтаан, ыһан-тоҕон, отуҥ сааһын үрэйэн, элбэх бириэмэҕин сүтэрэҕин.

Тимир атырдьаҕы кыдама оҥоһуннахха, үс салаалааҕа үчүгэй, оттон түстүүргэ – икки салаалааҕа ордук. Биир салаатын тоһутуллар. Атырдьахтаргын укка уларытан уктуҥ да, оскуомалаан иһэҕин. Оскуомата суох, төһө да кытаанахтык саайан киллэр – син биир угуттан туллан, эрэй бөҕөтүн көрүөҥ. Өссө кутталлааҕа – атырдьаҕыҥ үрдүгэр түһүө эбэтэр отуҥ үрдүгэр сүтүө.

Мунньуу

Кураан күннэргэ охсуллубут оту икки күн куурдан үһүс күнүгэр мунньаҕын. Уһаттаххына, отуҥ күөҕүн сүтэрэн, үлтү хатар. Ол аата, саамай туһалааҕа – каротина сүтэр. Кураан күҥҥэ охсубут оккун иккис күнүгэр тэлиигин эргитэн куурдаҕын. Сарсыарда эбэтэр киэһээ омурҕаҥҥа эргитэр ордук, от сөпкө куурдаҕына, мунньаргар кэм тыаһыыр, үрдэ олох сиигэ суох. Сөпкө куурбут оту сарсыарда сиик көппүтүн кэннэ, быһа холуйан 10 чаастан саҕалаа.

Салгыннаахха, тыалга үрдэрэн мунньар ордук, үлэҥ түргэтиир, отуҥ түргэнник куурумтуо. Маҥнай ойуур иһин, талах саҕатын үөскэ, күн көрөр сиригэр мунньан киллэрэн ыһыахтаа, күнүскү омурҕаҥҥар ол отуҥ кууран, мунньаргар сөп түбэһэр.

Киэһээ омурҕаҥҥа бугуллааһыны саҕалаа. Салгын сиигирэн, бугуллуурга от ыһыллыбат. Бэҕэһээ муспут субуугун сарсыарда омурҕаҥҥар бугуллаа. Отчут сайыҥҥы күн-дьыл хайдах туруктаныаҕын эрдэттэн билгэлээн, билэ үөрэнэрэ наада. Күнү-дьылы кэтээн көрөөччүлэр сүбэлэринэн сирдэт. Холобур, киэһээ сиик түстэҕинэ, түүнүн ардаабат, күн былыта суохха киирдэҕинэ, сарсын ыраас, кураан күн.

Кураан күҥҥэ уулаах былыттар таҕыстахтарына, ордук күүстээх куйаас түһэр, “былыт ыгар”. Оннук күҥҥэ этиҥ эттэҕинэ, халыҥ былыт кэллэр эрэ, ардах күүскэ түһүөн сөп. Онон көрөн муспут субуугун бугуллуу сатаа. Ардах түһэрэ чугаһаатаҕына, хараҥаччы аллараанан көтөр, баҕа хадьымалга тахсар.  Киэһээ сиик түспэтэҕинэ, түүнүн ардыыр, күн былыкка киирдэҕинэ, сарсыныгар былыттаах, ардахтаах күн кэлэрэ көҥүлэ.

Күн кыыһан киирдэҕинэ, сарсыныгар тыаллаах күн. Киэһээ ыһыытаатаххына, ой дуораана ырааппат – эмиэ ардах чугаһын бэлиэтэ. Хас сарсыарда, киэһээ аайы күн-дьыл туһунан араадьыйанан биэриилэри иһит. Холобур, чугастааҕы оройуоннарга ардыыр, ол диэкиттэн тыал кэлэр, ардах бүгүн эбэтэр сарсын кэлэрин ааҕан таһаарыаххын сөп.

Киһи аймах өр үйэлэргэ үөрэтэн билбит билгэлээһиннэрэ таҥаралар күннэригэр сөп түбэсиһэллэр. Таҥара күнэ кэлэригэр үс күн эрдэлээн эбэтэр хойутаан, айылҕаҕа уларыйыы тахсар. Сороҕор оруобуна таҥара күн ардыыр. Таҥара күннэригэр ардаабатаҕына, күүскэ тыалырар эбэтэр тымныйар.

От ыйын 12 күнэ – Бөтүрүөп. Өбүгэлэрбит бастакы хотууру тыаһатар күннэрэ, от-мас силигилии ситэр, этиҥнээх ардахтар түһүөхтэрин сөп. Үксүн Саха сирин киин оройуоннарыгар сөп түбэһэр. Хоту оройуоннарга отторо сиппэтэ чуолкай. Бөтүрүөптэн ыла саамай итии, куйаас күннэр сатыылыыллар. Кураан күннэри өрүсүһэн, от үлэтигэр күргүөмнээхтик түһүспэхтээн хаалар ордук. От саамай ситэр, күүскэ үүнэр кэмэ саҕаланар. Дэлэҕэ даҕаны этиэхтэрэ дуо – “от үс күннээх” диэн.

От ыйын бүтүүтүттэн от үүнүүтэ мөлтүүр, бытаарар, устунан үүммэт, үрдүк сирдэр отторо хатар. Ол иһин үрдүк сирдэри эрдэ оттоо. От ыйын 20 күнүгэр диэри охсон, мунньан бүтэр. Намыһах, уу ылар сирдэрин ол кэнниттэн оттоо, ол эрээри отторо сыта илигинэ.

От ыйын 21 күнэ – Борокуоппайап. Эмиэ ардыан сөп. От үлэтин саамай үгэнэ. Бу таҥара ааһыар диэри кэҕэ эттэҕинэ, балачча кураан күннэр туруохтарын сөп. Биир да күн мүччү тутуллуо суохтаах.

Атырдьах ыйын 2 күнэ – Ылдьыын. Ардыан сөп, түүн хараҥарар, күтэр тибиитэ саҕаланар, үүнүүлээх от сытан барар. Бу таҥара иннинэ хойуу оттоох, уу ылар ходуһаларын охсуутун бүтэрэриҥ ордук. Күтэр типтэ да, туох да оту ылбаккын. От сыттаҕына, үлэтэ ыарыыр, от төрдө туртайа сытыйар. Саамай битэмииннээх күөх маассата аҕыйыыр. Айылҕа ити моһуоктарыттан куотар гына үлэлээ.

Атырдьах ыйын 14, 19, 20 күннэрэ – бастакы, ортоку, үһүс Ыспааһаптар. Сорох дьыл үһүөннэригэр уһун өһүөннээх ардахтар түһэллэр, аччыгыйа үс күн. Итинэн сирдэтэн, мунньуугун, бугуллааһыҥҥын, кэбиһиигин таҥаралар быыстарынан ыыттаххына, оккун олох күөхтүү ылыаххын сөп.

Балаҕан ыйын 14 күнэ – Сэмэнэп. Бу таҥараҕа диэки оккун кэбиһэн бүттэххинэ, күрүөтүн тутууҥ эрэ хаалар. Күрүө маһын ардах түһэр кэмигэр бэлэмнэнэр, тутар ордук.

Ардах түһэр кэмигэр охсууну тохтотоҕун, ардах кутуругар саҕалыыгын. Кытаанах оттоох сирдэри аанньа үүммэтэх кырдаллары, үрдүк сирдэри охсор ордук, от төрдө сииктээх, охсорго чэпчэки. Охсубут отуҥ сарсыныгар күнүн көрдөҕүнэ, кырааската сууллубат, киэһээ эбэтэр түүн охсубукка тэҥнээх күөҕүнэн чэлгийэ хаалар. Хайаан да ардах кутуругар охсор ордук.

Уопсайынан, сарсыарда эрдэ, бастакы омурҕаҥҥа итиэннэ киэһээ омурҕаҥҥа охсор сөптөөх. Кыанар буоллаххына, түүнүн охсор табыгастаах, сарсыныгар куйаас күн үүннэҕинэ, отуҥ тэҥҥэ куурарын ситиһэҕин. Күнүскү омурҕаҥҥа бэҕэһээ куурбут оккун, халыҥ тэлиигин эргитэн, киэһээ омурҕаҥҥа мунньан субуулуугун. Субууга сытан, өссө үчүгэйдик күөҕүн сүтэрбэккэ хатар.

Сорох күн бэҕэһээ охсубут оккун күн уоттана ойуута, 10 чаас диэки халыҥ тэлиигин эргитэн биэрэҕин, киэһээ омурҕаҥҥа субуулуохха сөп. Охсоргор кэтит гына ыллар, аччыгыйа 30-60 см тэлгэтэн охсуохтааххын. Оччоҕо эргитэн куурдаргын курдаттыыгын. Тэлиигин ыраас гына мунньан оҕустаххына, субуулаабыт курдук чөмөхтөнөр. Хайаан да эргитиллэн куурдуллар. Ол иһин тэлгэтэ охсо үөрэн.

Улахан кыахтаах дьон 50-80 см тиийэ бастаран охсоллор. Ат бытаан хаамыытын кытта тэҥҥэ бараллар. Сарсыарда 7-тэн киэһээ 10 чааска диэри охсуохха сөп. Иккитэ аһыыгын, сынньанаҕын. Үчүгэйдик охсор киһи 4 чааһы билиммэккэ, тохтообокко барар, хонноҕо ордук аһыллар. Көнө ходуһаҕа билиҥҥи биирдиилээн ыал сирин биир күн кэбиһиэн сөп.

От үлэтигэр охсуу сүрүн быһаарар суолталаах. Бэйэҥ сиргин кураан күннэргэ аҕыйах күнүнэн оттоон бүтэриэххин сөп. Уопсайынан, от ыйын 12 күнүттэн атырдьах ыйын 12 күнүгэр диэри оттоон бүтэр гына былааннаан үлэлиириҥ ордук. Оччоҕо сайын үчүгэйдик сынньанар күннэргин, сир астыыр, кыстыкка бэлэмнэнэр бириэмэҕин ордорунаҕын. Хайаан да биир эрэ ый оттуохтааххын. Оччоҕо от үлэтиттэн салгыбаккын. Үчүгэй, дуоһуйа сынньаныы курдук өйдөбүл хаалар.

(Салгыыта бэчээттэниэ)

Киргиэлэй КУОКАРАП

“Эҥсиэли”, 1993 с., от ыйын 29 к.

Читайте дальше