От тэрилэ уонна үлэ үөрүйэҕэ
Биһиги аһыырбытын-таҥнарбытын, сүрүннээн, сүөһү иитиититтэн ылабыт. Сүөһү эмис-тот туругун, ахсаана элбиирин от быһаарар. Бу үлэни сатаан тэрийбит хаһаайыстыба, ыал экономиката бөҕөргүүр, дохуота улаатар.
Сайыҥҥы саамай былдьаһыктаах үлэ күнүн, чааһын таах сүтэрбэккэ, элбэх оту ылыахтаахпыт. От – уйгу быйаҥ төрүтэ. Ким туох кыахтааҕынан, төһө дьоҕурдааҕынан, кыайардыын-кыайбаттыын, кырдьаҕаһыттан эдэригэр тиийэ, бары оттуурга турунарбыт наада.
Техникаҕа илии хотуурунан охсор дьону дьүөрэлээн сыһыардахха, төһөнү баҕарар оттуохха сөп. Илии хотуурунан охсор киһи сылтан сыл аҕыйыыр. Тоҕо оннугуй? Кырдьаҕас көлүөнэ дьон ыччаты илиинэн оту охсуу ньымаларыгар үөрэппэттэр.
Билиҥҥи ыччат урукку көлүөнэтээҕэр бөдөҥ, доруобай, күүстээх-күдэхтээх. Олоххо үлэ уопутун аҕа көлүөнэттэн ылыахтаах.
Урут, маҥнайгы артыаллар тэриллиилэрин саҕана, ол иннинэ да, хас ыал аайы кэриэтэ күҥҥэ дэһээтинэ сири илии хотуурунан охсубат киһи суоҕун кэриэтэ этэ. Стахановскай хамсааһын кэмигэр холкуостар ударниктара күн ахсын билиҥҥинэн 1,28 гааны охсоллоро. 2-2,5 дэһээтинэни охсооччулар аҥаардастыы аатыраллара.
Былыргы дьон оҕо 10 сааһын туолла да, оту оҕустара үөрэтэллэрэ, уол 18 сааһыгар сиппит-хоппут охсооччунан, аҕатын туйаҕын хатарааччынан ааҕыллара.
Ыччаты илии хотуурунан оттуурга үөрэттэххэ, урукку дьоннордооҕор быдан элбэҕи охсуоҕа.
Хотуур суолтата
Өрүс арыыларыгар, от үрэхтэргэ, алаастарга уулар кытыыларыгар, техника кыайан салаллыбат кыараҕас сирдэргэ, сыырдар быардарыгар, ойуурдар быыстарыгар, дулҕалаах сирдэргэ илии хотуурунан охсор табыгастаах.
Илии хотуурунан охсуллар сирдэр үүнүүлэрэ быдан үрдүк. Холобур, техниканан оттонуллар сүрүн ходуһаттан 1 гектар сиртэн ортотунан 10 центнер от ылыллар, оттон илии хотуурунан оттоотоххо – 20-30 центнер. Сорох ходуһаларга тракторынан охсуллубут 100 гектартан 50 тонна от кэлэр. Ити ходуһа уутун кытыытын, сыырын сирэйин, ойуурун быыһын 20 гааны илии хотуурунан охсон, 50 тонна оту кэбиһиэххэ сөп.
Практика көрдөрөрүнэн, ситэтэ суох механизациялаах звенолар сорудахтарын 70-80% толороллор. Ити илиинэн охсуллар сир ото таах хааларынан быһаарыллар. Холобур, 800 тонна былааннаах звено сорудаҕын 80% толорбут. Сирин 10% илии хотуурунан оттонуохтаах. Оччоҕо 80 гектартан 160 тонна оту ылыахтааҕа ситэ туһаныллыбат. Өскөтө звено илии хотуурунан үлэлиир дьонноннун, оччоҕуна сорудаҕын бүтүннүү толоруо этэ.
Илии хотуурунан охсуу оттуур кэм болдьоҕун кылгатар, күп-күөх оту ыларга кыаҕы биэрэр. Кылгас сайыннаах дьоҥҥо оттуур кэми кылгатыы наһаа улахан суолталаах. Биир ыйынан оттоон бүттэрбит төһөлөөх абыраныах этибитий?
Атырдьах ыйын ортотуттан оттуур биллэрдик ыарыыр. Түүн хараҥарар, от сытар, маҥнайгы хаһыҥнар түһэннэр от хагдарыйыыта саҕаланар. Сорох дьыл күһүҥҥүтэ наһаа ардахтаах, үлэ бытаарар. Илии хотуура быллаарданан, алдьанан эрэр ходуһаны ньуурун көннөрүүгэ, тупсарыыга, кэнники сылларга ат косилкатынан оҕустарыыга туһалыыр. Лаҥханы, муоҕу аннынан оҕустахха, эһиилигэр от бэркэ үүнэр. Ходуһа почвата үчүгэйдик сылыйар, булууһурбат.
Намыһах, ыраас гына хадьымаллаан оҕустахха, кэнчээри күүскэ үүнэр, эһиилигэр от өҥөрдүүр. Араас мэһэйдэртэн үтүрүйтэрэн, ходуһаны оҕустарбатахха, иэнэ аччыыр, биллибэтинэн ойуурга былдьатар. Илии хотуурунан сыл аайы оҕустахха, ходуһа туһалаах иэнэ аччаабат.
Илии хотуурун суолтата өтөрүнэн сүтэр сибикитэ биллибэт. Техника, саппаас чаас, уматык-оҕунуох сыаната тиэрэ үрдээтэ. Илии хотуура отчукка бу – мас ууһугар сүгэ, эрбии, өтүйэ, иистэнньэҥҥэ иннэ, сүүтүк, кыптыый курдук наада.
Илиинэн оттооһун элбэх сыраны ылар ыарахан үлэ. Ону чэпчэтии, оҥорон таһаарыытын үрдэтии болҕомто киинигэр ылыллара сөптөөх. Сахалар өбүгэ саҕаттан мунньуммут баай уопуттара, норуот мындыр өйдөөхтөрүн булугас айыылара туһаныллар кэмэ кэллэ.
Нам оройуонун учуутала, үлэ уонна сэрии бэтэрээнэ Г.И. Емельянов оту илиинэн оттуур үлэни научнайдык тэрийии элеменнэрин айбыта. Нам уонна Ньурба оройуоннарыгар үөрэнээччилэр этэрээттэрин тэрийэн, илиинэн саҥа ньыманан оттууру олохтообута. Кини Ньурба оройуонун 115 илиинэн охсооччуларын хотуурдарын саҥалыы олордон биэрбитэ, 200 киһини саҥа ньыманан охсорго үөрэппитэ. Ньыматын туһунан «Кыымҥа» 1981 с. муус устар 30 к. Т. Николаев сиһилии суруйан турар.
Онно этиллэринэн, Г.И. Емельянов 68 сааһыгар суолун 2 миэтэрэ киэҥник тэлэн, оту 33 см кэтиттээхтик хаптаран, 8 чаас 20 мүнүүтэлээх үлэ кэмигэр күҥҥэ 5 км тэҥнэһэр сири хааман, 1 га ходуһаны охсоро. Хотуурун суола биллибэт, от төрдө сир кырсыттан хоруйуллар. 1 см үрдүктээх от төрдүттэн 1 гааттан 1 цн от эбии кэлэр.
Хотууру оҥостуу
Хотуур угун ким бэйэтэ сөбүлүүрүнэн, тутта үөрэммитинэн оҥосторо ордук. Хахыйахтан, титириктэн, талахтан, үөттэн, иирэттэн, тэтиҥтэн уо.д.а. мастартан оҥостуохха сөп. Бэстэн, пилорамаҕа хайыттарыллыбыт буруустан оҥостор табыллыбат. Тэтиҥ уонна хатыҥ уктар ордук чэпчэкилэр, бөҕөлөр. Титириктэн оҥоһуллубут ук саамай бөҕө итиэннэ хотууру кыайа тутарынан ордуктардаах, ыарахан эрэ, угу эрдэ быһан хатарыллар. Күлүк сиргэ куурдуллар. Хайа хаппатын диэн мас икки төбөтүн хатырыгын суллаабакка хаалларыллар.
Хотуур кууктатын (дуускатын) төрдүттэн (хотуур укка олордуллубутун кэннэ) тууратын ончоҕун уһунугар диэри уһуна төһөнүй да, соччо уһун ыраахха хотуур уһуга (төбөтө) адьас тэҥ. Киһи бэйэтин кыаҕыттан көрөн, ити кээмэйи уларытан, өссө чолоҕор гынар. Ити кээмэйтэн хотуур уһугун 5-10 см диэри халбаҥнатан биэриэххэ сөп, ол эрээри кээмэйтэн кылгыыра табыллыбат.
Наһаа баҕыас хотуурунан дайбыыр сатаан табыллыбакка, бастарыы икки ардыгар от үүммүтүнэн туран хаалар, хадьымал хаачыстыбата алдьанар. Баҕыас да хотуурунан үчүгэйдик бастаран, сатаан ылларан охсор дьон баар.
Кэбирэх оттоох, уу хоммут ходуһатыгар үүммүт үкэр, манчаары, сэбирдэхтээх уонна боруу былаастаах оту охсорго хотууру 5-10 см толотуохха сөп. Ханнык ходуһаҕа охсортон көрөн, хотуур биитэ хадьымалга сыстыытын учуоттаан, угун хотуур тууратыгар кээмэйдээн олордуллар. Хотуур биитэ сиргэ сыстыыта быһа холоон 40-50 кыраадыс. Туурата ылтаһыныгар сыһыаннаан 25-30 кыраадыс. Онно сөп түбэһиннэрэн, хотуур угун туурата олорор сирин 10-15 кыраадыс иҥнэри суоран, устуруустаан көннөрөн баран олордуллар. Ук хотуур туурата олордуллар сиринэн, а.э. угун төрдүн диэки өттө, 4 см диаметрдааҕа сөп.
Көнө, тэҥ ньуурдаах ходуһаҕа 40-45 кыраадыс гына олортоххо, хадьымал ыраас уонна намыһах. Дулҕалаах, быллаардаах, ону тэҥэ, уу отун охсорго хотуур биитэ 35-40 кыраадыс өрө соҕуһа ордук. Хотуур буору-сыыһы хабыыта аччыыр. Сорох дьон хотуурдарын дуускаттан хаҥас илии тутар сирин токур гына уктууллар. Оту охсон, дайбаан таһаарарга хаҥас илии наһаа кэннин диэки кэдэрги барбат. Киһи сылайбат. Маннык уктаах хотуур үрдүк тэҥ дулҕалаах, уулаах сири охсорго табыгастаах. Хотуур уга дууската уонна туурата олордуллар сиринэн иннин диэки кыра токура ордук.
Сорохтор хотуурдарын угун бэйэлэрэ охсоллоругар сөп түбэһэр гына оҥостоллор. Холобур, уктаммыт хотууру ончоҕунан сиргэ туруору тутан туран, дуускатын бэйэ киинин туһунан баайыллар, хаҥас илиини дуускаттан төһө ырааҕынан тутуллар да, хотуур угун онон быһыллар. Сорохтор оту хотумтуо диэннэр угу уһун гыналлар.
Хотуур тардыытын (силгэлээһинин) табаар дьааһыгын тимиринэн тардыллар, аналлаах биһилэҕинэн (кольцонан) эмиэ туттарыллар. Ытаһатын хаппыт хатыҥ мастан, тиит киилиттэн эбэтэр кытаанах чиргэл мастан оҥоһуллар. Хотуур тардыытын икки биһилэҕинэн туттарар ордук. Биинтэлээх биһилэх хотууру хайа да диэки хамсаппат. Биинтэтэ суох биһилэхтэргэ биир аҥаар өттө төкүнүк, аҥаар өттө хаптаччы суоруллубут икки ытаһа туттуллар.
Биинтэнэн ыга эрийтэриллэр биһилэҕи тимир уустара оҥоруохтарын сөп. Хотуур уга бэйэтин кыанар, оту кэбэҕэстик хотор. Намчы, кэдэҥнии сылдьар синньигэс уктаах хотуур оту аанньа хоппот. Угун төбөтө уһуктаах, сытыылыырга сиргэ батары анньан тирэтиллэр, оччоҕо оһоллонуу тахсыбат. Хотууру бөҕөргөтөөрү тууратыттан ылтаһыныгар тардыы – «тэһиин» оҥоһуллар. «Тэһииннээх» хотуур кэдэҥнээбэт. Охсуллубут от тууратыгар баһыллыбат, охсорго чэпчэки.
Былыргы «Бушков» уо.д.а., уопсайынан, Октябрьскай революция кэнниттэн Аҕа дойду Улуу сэриитигэр диэри оҥоһуллубут хотуурдар бары оту охсор үчүгэй хаачыстыбалаах ыстаалтан оҥоһуллубуттара. Сэрии сылларыгар фроҥҥа барбыт эр дьону солбуйан дьахталлар, оҕолор, кырдьаҕастар сүөһүгэ дэлэй аһылыгы бэлэмнээн, Кыһыл Аармыйаны аһылыгынан хааччыйан Кыайыыны уһансыбыттара. Билигин биэнсийэҕэ олорор үлэ бэтэрээннэрэ – оччолорго оҕолор ийэлэриттэн, эдьиийдэриттэн хаалсыбакка оту охсоллоро.
Куукта (дууска). Хотуур дуускатын сигэтэ: ньалҕаархай, арыынан соппут курдук килэбэчигэс хахтаах талахтан, оннук талах көстүбэтэҕинэ, сыарҕа ылаҕа, талах олоппос оҥоһуллар үөт талаҕыттан, үрдүк кураанах сиргэ үүммүттэн оҥостор үчүгэй. Бу талах дэбигис алдьаммат – бөҕө. Дууска хатырыгын ылан, оҥорбут кэннэ диаметра 3 см суоннаах. Дуусканы хотуур угун суонугар сөп гына олуктааһын – 8-9 см, уһуна – 35-36 см. Баппаҕынан тутар өттө 14-15 см уһуннаах, утары өттө тэҥ эбэтэр кылгас. Кууктаны тирииттэн кырыллыбыт быанан баайар ордук, хайа да диэки хамсаппат.
Талах үөһүн аһара чарааһата хаһан баран, умайа турар уот төлөнүгэр эбэтэр чоҕор ис өттүттэн сылытыллар. Нөҥүө өттө хатырыга тахсыар диэри тутаҕын. Сылыйбыт талаҕы мускуйан, имиллэҥнэтэн баран, хотуур угун саҕа суоннаах бэлэмнээбит маскар ыга баттаан, иэҕэн тардан ылан, хам баайа охсоҕун эбэтэр хотууруҥ угар да баайыаххын сөп. Талаҕы киһи илиитин сиэр диэри сылытыллар.
Иэҕиллэр өттүн хатырыгын сулламмат. Сыарҕа ылаҕын, сыҥааҕын, ынах ыыр талах олоппоһу син биир итинник сылытан иэҕиллэр. Сыарҕа сыҥааҕын иэҕэргэ уратыта – уһун синньигэс иин хаһыллар. Уот оттон, сөҕүрүйэн, чоҕо тахсан эрдэҕинэ, төлөнүгэр хатыҥҥын иэҕиллэр ис өттүн хас да сиринэн эрбээн, сылытан, аналлаах станокка аргыый аҕай тардан иэҕэҕин. Уматык ыарыы турдаҕына, оту кэбиһиигэ ат көлөнү туһаныыга иэҕии уонна силис сыарҕалар үксүөхтэрэ.
Сигэ талаҕа үксүн от үрэхтэр тардыыларыгар үүнэр. Тас көстүүтэ соруйан лаахтаабыт курдук ньалҕаарыйбыт килэбэчигэс. Саас сэбирдэҕэ ситэ тылла илигинэ быһан, сииктээх күлүк сиргэ ууран ыаннарыллар. Ону күрүөҥ тоһоҕотугар эрийэ туттуҥ да, кыратык мускуйан, эргитэн имитэ-имитэ ыга тардан, кэлгийэн иһэҕин. Арыый соноһун хотуур угун тардыытыгар, кыдамалары, атырдьахтары силгэлээһиҥҥэ, хайытан, сөп чараастаах гына кыһан туттаҕын, ордук бөҕө, эрэллээх, хаһан да холкутаабат.
Таптайыы. Хотуур сытыытын хааччыйар. Үчүгэйдик тапталыннаҕына, чочуллан баран, игиинэн сытыылаан охсордооҕор 10 төгүлүнэн сытыы. Ол иһин таптайыыга улахан болҕомто ууруллар. Тимирэ эллэнэн, чиҥээн, биитин өр тутар. Игиинэн эбэтэр чочунан чарааһытыыга тимирэ чиҥээбэт, сахсархай, кылаана тохто сылдьар, оту куһаҕаннык хотор, түргэнник сыппыыр. Хотуур өтүйэнэн таптайыллара булгуччулаах. Наһаа чараас гына таптайдахха, ордук-хоһу эминньэхтэнэн тахсар. Үстэ төхтүрүйэн таптайыы быдан ордук. Биитэ биир да эминньэҕэ суох тэҥник тахсар.
Бүтэһик таптайыы – бэркэ диэн сэрэнэн, бии-кылаан таһаарыы. Сытыылаан, хататтаан баран, үүнэн турар окко дайбаабакка, соһо тардан көрүллэр, сынан кэбиспэккэ, оту быһар – ол аата сөпкө таптайыллыбыт. Төрүт хоппот, оту үтүрүйэ сылдьар – таптайыытыгар сыысхаллаах эбэтэр сытыыланыытыгар алҕастаах. Биитин үмүрүччү, хобордоох курдук таптайдахха хоппот, сытыылыырга кылаанын бөдөҥ тоҥуулаах игиинэн тоҕу тардыллар. Оччоҕуна иккистээн таптайыллар, адьас кыра, кылааккай бурууһунан сытыылаан, кылаанын тэҥнээри хататтанар. Үчүгэйдик таптайыллыбыт хотуурунан кэбирэх оттоох сиргэ 100 м сытыыламмакка барыллар. Мөлтөхтүк, халыҥ гына таптайдахха, төһө да сытыылаабытыҥ иһин 10 м кэбирэх оттоох да сиргэ нэһиилэ бараҕын.
Ким тутта үөрэммитинэн таптайыллар. Саҥа хотууру таптайыах, тэлиэх иннинэ, уулаах чочуга төрдүн тууратын уонна төбөтүн халыҥнарын быһыытынан 1-1,5 см кэтиттээх чараас гына оҕустарыллар. Таптайарга биитэ хайа да диэки түөрэҥнээбэт гына кыстыкка тутан, биир тэҥ ыйааһыннаахтык охсуллар. Ити – кырыы кыстыкка. Сирэй кыстыкка өтүйэ төбөтүнэн охсуллар.
Кыстык, өтүйэ хотуур тимиригэр хотторботторо, таптайар кэмҥэ бэйэлэрэ ньыҕаллыбаттара наада. туран да, олорон да таптайыахха сөп. Өтүйэни ууга илитэ-илитэ охсуллар, оччоҕо урут ханан охсубутуҥ чуолкайдык көстөр. Инчэҕэй өтүйэнэн таптайдахха, охсубут сириҥ туртас гына ырааһыра түһэр.
Хотууру угар олордо иликкэ таптайар ордук. Уктаммытын кэннэ таптайарга биитэ сыстарынан көрөн, аналлаах атаҕы эбэтэр харахтаах тимир сиэккэни туһаныллар. Эбэтэр кыстыка атаҕын үөһээ-аллараа түһэриллэр. Уктаах хотууру таптайарга буруус маһы 5 см арыттаах гына 20-лээх тимир тоһоҕоҕо анаан үүттэнэр, мас үрдүгэ 1 м кэриҥэ. Сиргэ тирэнэр өттүн уһуктанар эбэтэр охтубат гына атахтанар. Таптайар кэмҥэ күн саамай сырдык кэмин талар сөп, эрчимнээх илии, сытыы харах, мындыр, бириинчик буолуу наада. Итинник дьоҕурдаах киһи таптайан баран көрдөҕүнэ, хотуурун биитэ тэҥ, кылы сыыйбыт курдук.
Киһи эрэ барыта сатаан таптайбат. Бу – хотуур оҥоһуутун саамай уустук түгэнэ. Бытык хорунар лезвие биитин курдук чараас гына таптайыллар.
Хотууру оту охсуох иннинэ сытыыланар. Кылаанын тэҥнээри хататтыыр ордук. Субу-субу сытыылыырга элбэх бириэмэ сүтэр. Кэбирэх оттоох сиргэ 70-100 м тохтоло суох барыллар, кытаанах окко ити аҥаарыгар сытыыланар.
Хотууру сытыылыыр бастакы көрүҥ: хотууру кыбынан туран, угун хаҥас хоннох аннынан сиргэ батары анньан уонна хаҥас илии тоҥолоҕунан тууратын ончоҕор өйүү ууран, хаҥас ытыһынан ыксары баттанар, уҥа илиинэн сирэй өттүттэн саҕалаан, хардары-таары икки өттүттэн сотон, адьас кыра тоҥуулаах игиинэн эбэтэр кылааккай бурууһунан сытыыланар. Кылаана үөһээтэ табыгастаах. Тууратын диэкиттэн төбөтүгэр илдьэн сытыылыыр сөп. Иккис ньыма: хотууру угун сиргэ анньан туран, үөһээ этиллибитин курдук сытыыланар. Иккиһин сытыылыырга иэдэһин отунан сотон ыраастанар, хататынан кылаанын көннөрүллэр. Хататы үс кырыылаах, кыра тоҥуулаах игиини биир өттүн олох кылааккайдаан оҥоруллар. Туспа, аналлаах хатат наадата суох.
(Салгыыта бэчээттэниэ)
Киргиэлэй КУОКАРАП
«Эҥсиэли», 1993 с., от ыйын 20 к.