Дулҕа
Эби аһылык быһыытынан дулҕа киэҥник биһирэнэн туттуллар. 100 киилэ дулҕаҕа 20 киилэттэн итэҕэһэ суох аһылык единицата баара быһаарыллан турар. Инньэ гынан, 2,5 кг дулҕа иҥэмтиэлээх веществотынан 1 кг бастыҥ суортаах күөх окко тэҥнэһэр. Биир киилэ дулҕа 1,8 г кальцийдаах уонна 1,2 г фосфордаах. Дулҕа сүөһү күн аайы сиир аһылыга буолбатах. Онон маҥнай утаа, ахсарбаттыы сыһыаннаһыан сөп. Ол иһин дулҕаны сүөһүгэ тупсаран астаан, кормосыахха буһаран, күһүҥҥүттэн күн ахсын кыра кыратык биэрэн сиэтэ үөрэтиэххэ наада.
Сэбирдэх
Хатыҥ сэбирдэҕин күһүн, сэбирдэх тохтубутун кэннэ, хомуйар ордук табыгастаах. Сэбирдэҕи хомуйан сүөһү аһылыгын рационун байытыахха сөп. Тэтиҥ сэбирдэҕэ эмиэ иҥэмтиэлээх веществоларынан хатыҥ сэбирдэҕин кэнниттэн иккис миэстэҕэ турар.
Сүөһүгэ сэбирдэҕи сиэтиэх иннинэ сиилэстэнэр, сороҕор мээккэлээн бурдук эбэтэр гранула оҥоһуллар. Кини аһылык быһыытынан туһатын үрдэтээри сүөһү аһылыга буолар саахары, мочевинаны эбэн бэриллэр. Нуормата сууккаҕа маннык буолар: ынах сүөһүгэ – 7-10 кг сэбирдэх сиилэһэ, 1-3 кг мээккэтэ, 3-4 кг гранула. Түспүт сэбирдэхтэн бэлэмнэниллибит аһылык буһумтуота – 50-60 бырыһыан. Оттон аһылык единицатыгар таһаардахха сиилэһэ 0,21-0,23, мээккэтэ уонна гранулата 0,3-0,5 единицаҕа тэҥнэһэр.
Лабыкта
Үүтү элбэтэр уонна сыатын улаханнык үрдэтэр аһылык көрүҥүнэн лабыкта буолар. Лабыктанан сүөһүнү сайыҥҥы уонна күһүҥҥү кэмнэргэ аһатар ордук. Лабыкта 0,29 аһылык единицалаах, 0,8 буһумтуо протеиннаах, эбии аһылык бу көрүҥүн хомуйууга кыра саастаах оскуола оҕолорун киэҥник туһаныахха сөп.
Мутукча
Мутукча каротинынан олус баай. Биир киилэ харыйа эбэтэр бэс мутукчатыгар (күөх иннэтигэр) 20-50 мг, оттон үчүгэй хаачыстыбалаах итиччэ окко 4,5-5,8 мг каротин баар. Аны кыһыҥҥы ыйдарга бэлэмнэммит 1 кг мутукчаҕа 5000-6000 мг, оттон сайын бэлэмнэммиккэ 2000-2500 мг С битэмиин, 350 мг Е битэмиин бааллар. Мутукча минеральнай веществолара баайынан сүөһү атын үгүс аһылыктарын баһыйар.
Мутукчаны бэлэмнииргэ саамай табыгастаах кэмэ күһүөрү кыһын, улахан тымныылар түһүөхтэрин иннинэ. Лабааны үлтүрүтэн баран, атын аһылыктары кытта булкуйан сиэтиллэр. Сууккаҕа мутукча мээккэтин ынахха 750, субан сүөһүгэ 300 г тиийэ бэриллэр. Оттон ньирэйдэргэ үс нэдиэлэ кэнниттэн үктүүр ыйааһыннарын 1 кг-гар 1 г тиксэр гына ааҕан аһылыгар булкуйуллар.
Сүөһүгэ мутукча буспут уутун эмиэ иһэрдиллэр. Онуоха мутукчаны буочукаҕа симиллэр. Биир киилэ лабааҕа 70-80 кыраадыс итиилээх 8-9 лиитэрэ уу кутуллар, эпсэри хаппахтаах баран 6-7 чаас устата ичигэс сиргэ туруоруллар. Мутукчаны хагдаҥ оту, соломону, оту кытта булкуйан буһардахха, аһылык хаачыстыбата биллэрдик тупсар. Онон сайын да, кыһын да бэлэмнэниллибит мутукчаны кормосыахха буһарыллар аһы тупсарыыга туһаныахха сөп.
Былах
Былах өрдөөҕүттэн туттуллар, киэҥник тарҕаммыт эбии аһылык буолар. Былаҕы күһүн мас сэбирдэҕэ хагдарыйыар диэри бэлэмнииллэр. Сиппиирдии баайыллыбыт былаҕы күн уота, ардах, хаар тиийбэт сарайдарыгар, эргэ хотоннорго, дьиэлэргэ куурдуллар-хатарыллар. Хатыҥтан бэлэмнэммит былах 0,4 аһылык единицалаах, 8,0 бырыһыан буһумтуо протеиннаах.
Өрүс умнастарыгар олорор хаһаайыстыбаларга талах араас көрүҥнэрэ эбии аһылык быһыытынан сүөһүгэ үгүстүк туһаныллаллар. Талах сэбирдэҕэ сайын 32, 14 бырыһыаҥҥа диэри протеиннаах, 4,25-6,61 бырыһыан сыалаах, 7,0-14,0 бырыһыан клетчаткалаах, 5,46-7,33 бырыһыан кальцийдаах, 0,38-0,57 бырыһыан фосфордаах буолар. Иирэ талах күөх сэбирдэҕэ, ньиирээйи лабаалара уонна саҥа үүнэн эрэр иирэлэр сайын иҥэмтиэлэрэ, протеиннара, минеральнай састааптара, каротиннара элбэҕинэн үүнэн турар окко тэҥнэһэллэр, онон сайын бэлэмнэммит талах сэбирдэхтэрэ үчүгэй эбии аһылык буолуохтарын сөп.
Оттон күһүн уонна кыһын бэлэмнэммит талах мээккэтин иҥэмтиэтэ кини химическэй састааба төһө суоннаах талаҕы бэлэмнииртэн тутулуктаах. Ол курдук, кыһын бэлэмнэммит 1 кг былах мээккэтин иҥэмтиэтэ 0,08-0,23 аһылык единицатыгар тэҥнэһэр.
Сайын сүнньүнэн иирэ сэбирдэхтээх ньиирээйи лабааларын хомуйаллар. Быһыллыбыт сэбирдэхтээх талах лабааларын кыра куучаларга эбэтэр баайыылаах бурдугу куурдар мас аргылларга 3-4 күн куурдан баран, от курдук сэбирдэхтэрин ис диэки гына кэбиһэллэр уонна үрдүнэн соломонон эбэтэр отунан сабаллар. Сороҕор кэбиспэккэ сарайдар анныларыгар, хаалбыт хотоннор истэригэр уган хаһааналлар.
Талах мээккэтин сүөһү организмыгар ордук иҥэмтиэлээх, буортута суох оҥорон, кинилэр диетическэй хаачыстыбаларын тупсаран баран сиэтиллиэхтээх. Ити сыалтан талаҕы араас концентрированнай, минеральнай, битэмииннээх эбии аһылыктары кытта эбэн, тупсаран сиэтиллэр.
Былыык
Кэнники сылларга сүөһүгэ эбии аһылык быһыытынан күөл былыыга элбэхтик туһаныллар. Былыык протеинынан, В, Е, Д битэмииннэринэн, кальций, фосфор, сера, тимир, марганец, молибден, бром, бор, дьуот туустарынан о.д.а. веществоларынан баай буолан сүөһү организмыгар, улаатыытыгар, ууһууругар улахан туһалаах эбии аһылыгынан буолар. Чинчийиилэр уонна практика көрдөрөрүнэн, былыыгы сиэбит ынах үүтэ 12 бырыһыан эбиллэр, үүтүн сыата 20 бырыһыан үрдүүр. Кыра сүөһү үчүгэйдик сайдар, биэ кулуннааһына аҕыйыыр, төрүөҕэ чэгиэн-чэбдик буолар.
Сүөһүгэ эбии аһылык быһыытынан ордук харатыҥы саһархай былыыгы туһаныллар. Былыыгы эбии аһылык быһыытынан туһанар буоллахха, бастаан анализка ыытыллар. Былыык органическай веществолара төһөнөн элбэх да, соччонон үчүгэй. Ол курдук, куурбут ыйааһынын 65-70 бырыһыанын органическай веществолар ылыахтаахтар.
Былыыгы сорох сүөһү сонно тута сиэбэт. Ол иһин сүөһүнү былыыгы сииргэ үөрэтиллэр. Маҥнай нуорматыттан быдан кыраны тууһаан көөнньөрбөҕө, уотурбаҕа холбоон бэриллэр. Былыыгы сибиэһэйдии сиэтэр ордук. Тоҥордоххо, өр сытыардахха уонна оргуттахха битэмииннэрэ, ферменнэрэ, онтон да атын веществолара сүтэллэр эбэтэр организмҥа дьайар күүстэрэ намтыыр. Былыыгы паардаммыт аһылыктары кытта сиэтэр буоллахха, итии аһылыктар сойбуттарын эрэ кэннэ эбиллиэхтээх. Ордук былыыгы туустаан баран, брикеттэр састааптарыгар булкуйан эбэтэр үүннэриллибит күөх үүнээйилэри кытта холбоон сиэтэр табыгастаах.
«Эҥсиэли», 1993 с., атырдьах ыйын 19 к.