Өрөбүл күннээҕи ааҕыы: Сэт диэн тугуй?

Айыы үөрэҕэр Сэт диэн өйдөбүл баар. Маны айылҕа иэстэһэр күүһэ диибит.

Айыы киһитэ урут-уруккуттан уонна киһи айылгыта быстыспат ситимнээхтэрин быһаарбыта. Кини айылҕаны бэйэ-бэйэтиттэн тутуһан, сиэтиһэн, сэтиилэнэн турар олус чараас сүдү эйгэ курдук этинэн-хаанынан билбитэ.

Кырдьыга да оннук. Биһиги тулабытыгар баар барыта биһигини кытта биир баайыыга, биир сиэтиигэ сылдьар. Биир эргимтэҕэ. Син биир киһи илиитин, атаҕын, сүрэҕин тэҥэ. Кинини хайдах да бэйэҕиттэн араарбаккын.

Өскө ол сэтиигин сүөрэн, эбэтэр быһа баттаан, туһунан тутта сатыыр буоллаххына, онтуҥ бэйэҕэр охсуута улахан.

Холобур, эн төрөөбүт дойдуҥ айылҕатын харыстаабат буоллаххына…

Холобур, эн төрөппүттэргин санаабат буоллаххына…

Холобур, ийэ тылгын сирэн, бар дьоҥҥун баардыылаабат буоллаххына…

Бу барыта олорор мутугу кэрдинии, аһыыр иһиккэ силлиир тэҥэ.

Хаһан да сэтэрээмэ. Ол аата, куһаҕаны ыатарыма, куһаҕантан үөрүмэ. Ити бэйэҕэр эргиллиэ.

Хаһан да сэтэрээмэ. Ол аата, бэйэҥ өйдөөбөт, бэйэҥ билбэт суолгун элэк оҥостума, күлүү гыныма эбэтэр мөҥүттүмэ.

Хаһан да сэтэрээмэ. Сииһит буолума. Сирэн-сирэн сириксэҥҥэ түбэһиэҥ.

Сэт – эйиэхэ сэтиилэммит барыта. Сэт – эйиэхэ сиэтиллибит барыта.

Сэтиилэммит эйгэҕин сэнээмэ. Сэнээбиккиттэн сэттэҕин ылыаҥ.

Сиэтиспит эйгэҕин сэнээмэ. Силлибэт сиргиттэн ылларыаҥ.

Туох барыта быыкааттан, дуона суохтан турар. Туох барыта сэттээх, сэлээннээх. Тоҕо диэтэххэ, киһи олоҕо тулалыыр эйгэттэн тутулуктаах.

Бэйэ информ., «Эҥсиэли», 1997 с., алтынньы 21 к.

Читайте дальше