Арбын балыгынан аатырар. Арай биирдэ, Володя оҕолору кытта күөгүлүү киирбит. Онно сүрдээх улахан сордоҥ иҥнибит, тардыалаһыы буолбут. Оҕолор көмөлөһөннөр балыгы кытыыга таһаарбыттар. Володя балыгын хайыытыттан быалаан санныгар сүкпүт, онуоха кутуруга сиргэ соһулла испит.
Дьиэтигэр кэлбитэ ийэтэ эмээхсин наһаа үөрбүт, уолун хайҕаабыт. Балыгын астаан биирдэ сиир холобурдааҕы хобордооххо буһарбыт. Ыһаарыламмыт лууктаах балык сыта уол муннун кычыгылаппыт. Ийэтэ эмээхсин сордоҥун иһин ырыымпалыы туран туох эрэ төгүрүк кытаанах баарын куртаҕыттан булан ылбыта – кыһыл көмүс биһилэх буолбут.
Бука, уһуннук сырыттаҕа буолуо, биһилэх дьүһүнэ хараара өлбөөрбүт. Эмээхсин сонно хобордоохтоох балыгын сырдьыгынаппытынан таһааран бөххө сүөкээн кэбиспит. Тоҕо диэтэххэ, кини этэринэн, ол сордоҥ ууга өлбүт киһини сии сылдьан биһилэҕин кытары ыйыстыбыт. Ити курдук, миэхэ тохсус кылаас үөрэнээччитэ Петя Владимиров кыра оҕо сылдьан бултаабыт балыгын сиэбэккэ хаалбытын туһунан кэпсээн күллэрэн турардаах.
Р. УВАРОВ, “Ленин суола”