Өрөбүл күннээҕи ааҕыы: Төрөөбүт тыл сүмэтэ

Дьэгин

Таллан Бүрэ «Дабаан» хоһоонугар суруйбут:

«Халлаан кэрэтэ диэн ураты буолар:

Чаҕылҕан дьэгинник манна сырдыыр,

Киниттэн кутуҥ эйиэнэ куойар…

… Уонна олоххун охсуһууга аныыгын,

Үрдүк халлааҥҥа да сырыттаргын, –

Мэлдьи саныыгын айбыт төрүттэргин,

Атаҕастаммыт биистэргин саныыгын.

Дьэ! Үөһээ, үрдүк халлааҥҥа сырыттахха, чаҕылҕан дьэгинник сырдыыр эбит. Ол онтон киһи кута куойар эбит.  Атыннык эттэххэ, куттанар, дьиксинэр. Оттон киһи бэйэтэ буоллаҕына «олоҕун охсуһууга аныыр». Тоҕо? Кини итиннэ сылдьан «атаҕастаммыт биистэрин саныыр«.

Чаҕылҕан дьэгинник сырдыыр диэн ол аата тугуй? Итини хайдах өйдүөххэ сөбүй?

Олоҥхоһут П.П. Ядрихинскай – Бэдьээлэ ити дьэгин диэни бэрт үчүгэйдик, өйдөнүмтүөтүк быһаарбыта баар.  Дьэгин диэн ол аата «утары өттө, төттөрү, таҥнары. Абааһы бухатыыра хамсанара, эргийэрэ барыта түктэри, күн утары, а.э. айыы киһитин киэнигэр барыта уун-утары буолар».

Таллан Бүрэ Халлааны Орто Дойдуга, Айыы дьонугар утары турар күүс курдук көрөр. «Ыыс Булгунньах ырыатыгар» кини:

Эмискэ халлаан дьэгин кыластарынан

Кыламмахтыыр уонна хороотуур, – диэбит.

Ол халлааҥҥа олорбут дьахтар дьүһүннүүн дьэгин буолан хаалар эбит – силиитин уҥуор өттүгэр күлэрэ көстөр. Бэл диэтэр. Айыы дьахтарын киэнигэр ханан да маарыннаабат дьүһүн.

Көстөн кэллэ дьахтар туналҕаннаах дьүһүнэ

Дьүһүн талбата, дьүһүн дьэгинэ,

Көстөр эт уонна уҥуох курдат силиитэ,

Силин уҥуор – дьахтар оонньуур күлүүтэ.

Таллан Бүрэ дьэгини утары дьэгин бэйэтин ньыматынан, дьэгинник охсустаххына эрэ сатанар, киһилии, айыы дьонунуу көнөтүнэн киирсэрин, охсуһарыҥ сатаммат, сүүйтэриилээх буолар диэбит. Уонна! Дьэгини утары турар-турбат барыта түмсэн, «дьэгин күрэҕинэн» охсуһуохтаах диэбит. Ааҕыаҕыҥ «Өлбөт өй туһунан ырыаттан» кэрчиги:

Мөккүөргэ бэйэтин олоҕун туһаайдын

Оҕо, аҕам киһи, аһаах оҕонньорум,

Дьэгин күрэҕинэн мин иннибэр турдун

Дойдум миэнэ, көҥүллээх мин норуотум.

Итинник, доҕоттор, уһулуччулаах поэт, патриот Таллан Бүрэ ытык кэриэһэ.

Өссө баар. Күндү ааҕааччыларбыттан ыйытардаахпын. «Ыыс Булгунньах ырыатыгар» айыы дьонугар оҥорбут «хараҥа айыыларын» иһин Хара суор буолан хаалбыт дьахтар туһунан кэпсэнэр. Ол кини кута – аадына үөн. Хас да бастаах, сыылар, хаампат, ааданнаабат.

Аадына?! Туох үөнүй бу? Эмиэ даҕаны уу үөнүн курдук. Таллан Бүрэ: «Аадына тахсан муораҕа куотуо», – диэбит эбит. Аадына. Туох суолталаах тылый? Кини эрдэтээҥи да, билиҥҥи да тылдьыттарга суох, киллэриллибэтэх. Сэдэхтик туттуллар дуу, биитэр ханнык эрэ кыараҕас сиргэ туттуллар түөлбэ тыл дуу быһыылаах. Сир да кини аатынан ааттаммыта диэн, билиҥҥитэ миэхэ биллэринэн, соҕотох биир эрэ баар – Мирнэй Сүлдьүкээригэр Аадына – ыал олорбут сирэ.

Таллан Бүрэ бу тылы сыылар үөн диэн суолталаан, хас да төгүл туттубут. Дьэ, билигин санаан көрүҥ: Саха сирин кыраай арҕаа уһуга уонна Саха сирин килбэйэр киинэ! Ол аата кыараҕас сиргэ биллэр тыл буолбатах курдук көстөн тахсар. Күндү ааҕааччылар, туох суолталаах тылый бу, туох үөнэй? Үрүҥ Күнү утарар дьэгиннэр куттара буолбут аадына үөн.

Багдарыын СҮЛБЭ

Читайте дальше