Хоҥор
Сылгы дьүһүнүгэр, өҥүгэр өбүгэлэрбит уһулуччу улахан суолтаны биэрэллэрэ. Хайаан да өҥнөөн ааттыыллара. Ол үгэс топономикаҕа эмиэ суолун биллэр гына хаалларбыт. Ордук элбэхтик ала, маҕан-маҥан, сиэр, хоҥор өҥнөр туттуллаллар эбит. Ону сэргэ, аас, араҕас-араҥас, бороҥ, буулуур, дьаҕыл, көгөччөр-көҕөччөр, кугас, кэрэ, саалыыр, сур, тураҕас, хара.
Нам сиригэр, тоҕо эрэ, хоҥор өҥ ордук элбэх курдук. Хоҥор, Хоҥор Биэ диэн сирдэр бааллар: Арбыҥҥа, Көбөкөҥҥө, Салбаҥҥа, Иккис Хомустаахха. Иккис Хомустаах Хоҥоро – улуу сыһыы. Дьиктитэ баар – ааттар үксүлэрэ Хоҥор Биэ диэннэр.
Хоҥор, Хоҥор Ат, Хоҥор Биэ, Хоҥордоох диэн сирдэр өссө Аммаҕа, Дьааҥыга, Усуйаанаҕа, Уус Алдаҥҥа бааллар. Амма, Уус Алдан сирдэрэ эмиэ Хоҥор Биэлэр. Ити иһигэр Уус Алдаҥҥа Хоҥор Биэлэр икки нэһилиэккэ – Баатаҕайга уонна Өнөргө бааллар.
Онон, дьэ, дьикти баҕайы – Хоҥор Биэ да Хоҥор Биэ буола турар, икки сэргэстэһэ сытар ыаллыы оройуоннарга. Тоҕо? Онон хоҥор туһунан анаан кэпсэтиэҕиҥ.
Бастаан хоҥор диэн маннык өҥү-дьүһүнү ааттыырбытын көрүөҕүҥ.
Э.К. Пекарскай «желтоватый», диэбит уонна «хоҥор биэ – соловая кобыла» диэн холобуру аҕалбыт.
Эмиэ Хоҥор биэ! Тоҕо? Ити тоҕотун кырдьаҕастартан быһаарыҥ диэн көрдөһөбүн.
Хоҥор академическай тылдьыкка итинник бэрт судургутук быһаарылла сылдьар. Оттон саха дьоно, биллэр суол, ордук бириинчиктээн, ииспэрэйдээн, ситэрэн-хоторон быһаараллар. Ол курдук «Ленин суолугар» (24.07.1990 с.) старшай селекционер-зоотехник И. Соловьев «Сылгыны дьүһүнүн араараҕын дуо?» диэн минньигэс тыллаах-өстөөх, астык ыстатыйатыгар: «Хоҥор. Самыыта, уорҕата хараҥа араҕас аалыктаах, быттыга, хонноҕо, тэбэгэнин түүтэ, өрөҕөтө сырдаан, сиэлэ, кутуруга өлбөөдүйэн көстөр», – диэн быһаарбыта.
Хоҥор сылгыны дьүһүннүүртэн атыҥҥа эмиэ туттуллар. Билиҥҥи кэмнээҕи «Сахалыы-нууччалыы тылдьыкка» ол суолтатын: «Коричневый: хоҥор, көстүүм – коричневый костюм», – диэбиттэрэ.
Э.К. Пекарскай хоҥору «сүҥкэн, толоос улахан» диэн өссө өйдөбүллээх диэбит: «Вообще эпитет мощного… громоздкий… Хоҥор былыт – кучевое (громоздкое) облако».
Сити иһин эбитэ буолуо, хоҥор хаас диэннээхпит. Хаас бөдөҥө. Г.Ф. Сивцев «Тылдьытыгар: «Ыйааһына 5 кг чугасаһар, дьүһүнэ кытарымтыйан көстөр болоорхой эбириэн», – диэбит.
Ити эмиэ сир аатыгар иҥэ сылдьар. Дьааҥы Маҥнайгы Эҥэтигэр Хоҥордоох Айаана, Усуйаана Хаһааччыйатыгар Хоҥордоох Булгунньаҕа диэннэр бааллар. Хоҥордоох Айаанын туһунан олохтоохтор: «Былыр хоҥор хаас бу дойдуга төрүүр», – дэһэллэр. Хоҥордоох Булгунньаҕын эмиэ олохтоохтор хоҥор хааһынан ааттаммыт дииллэр.
Хоҥор – түҥ былыргы тыл. Былыргы түүрдэргэ: «Хонур – рыжеватый, каштановый; коричневый, каурый».
Көрөргүт курдук, тыл түҥ былыргы суолтатын ыһыктыбакка, биһиэхэ илдьэ кэлбит.
Түүр билиҥҥи тылларыгар, холобур, казахтарга конур «желтобурый, каурый, смуглый, бурый или темносерый».
Конур уонна казахтарга географическай термин буолар. Оттоох-мастаах кумах томтордору итинник ааттыыллар.
Казахтарга ити олус киэҥник тарҕаммыт термин-аат. Олортон биирдэстэринэн аан дойду үрдүнэн суон сураҕырбыт Байконур буолар. Бай Конур сахалыыта Баай Хоҥор!
Хоҥор татаардыы – конгыр. Ити тыл эмиэ топоним буолбута элбэх. Холобур, Пермьскэй уобаласка Кунгур куорат. Ону сэргэ, киһи аата – антропоним буолбута эмиэ элбэх. Онтон Кунгуров диэн балайда киэҥник тарҕаммыт араспаанньа баар.
Хоҥору хаан уруулуу омуктарбыт, түүрдэр, хоҥур дииллэринэн сибээстээн, сорох сахалар эмиэ хоҥур дииллэрин көтүппэтэхпинэ сатанар. Ол курдук, Дьааҥы Дулҕалааҕар Хоҥур Ат, Чурапчы Одьулуунугар Хоҥур Күөлэ диэн сирдэр бааллар.
Ити да гыннар, сорох учуонайдар хоҥору монгол төрүттээх тыл дииллэр. Ол, арааһа, оруннаах быһыылаах. Былыргы монголлар хонҕур, билиҥҥилэр Хонгор диэн «буланый, светло-желтый» дьүһүннэри ааттыыллара, ааттыыллар. Ити, көрөргүт курдук, биһиэнэ сылдьар. Буряттыы хонгор эмиэ «соловый, светло-рыжий». Эмиэ үкчү биһиэнэ. Калмыктыы хонһр «саврасый».
Хоҥору монгол төрүттээх дииллэрэ оруннаах быһыылаах диирим манныктан. Хоҥор диэн ааттар аакайдаан саҥарааччылар уутуйан олохсуйбут сирдэригэр эрэ бааллар! Ол иһин этэбин.
Бүтэрбэр күндү ааҕааччыларбыттан көрдөһөрдөөхпүн. 1926 с. биэрэпискэ Иккис Үөдэй нэһилиэгэр Хоҥор диэн кыстык суруллубут. Онно үс эр киһилээх, үс дьахтардаах биир ыал кыстаабыт. Итинник ааттаах сир билиҥҥи Иккис Үөдэйгэ баар дуо?
Багдарыын СҮЛБЭ
«Эҥсиэли», 1993 с., олунньу 27 к.