Быйыл сайын Сиэр-биэ сайылыгар “Сайдыы” тыа хаһаайыстыбатын кооперативын чилиэннэрэ чааһынай сүөһүлэрин көрөн-истэн, өлгөм үүтү ыан үөрэ-көтө сайылыыллар.

Манна 8 кэтэх хаһаайыстыба ынахтарын бэйэлэрэ ыан, “Эрэл” СХПК тэрилтэҕэ үүттэрин туттараллар. Уопсайа сайылыкка 30 ыанар ынах сүөһү, күҥҥэ ортотунан 350 кг туттаран эбии дохуот аахсаллар. Манна сопхуос кэмигэр үлэни-хамнаһы өрө туппут, өлгөм үүтү ыан, саҥа төрүөх ньирэйи төлөһүтэн, тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар сүдү кылааттарын киллэрсибит ыанньыксыттар, үлэһиттэр бочуоттаах сынньалаҥҥа да олорон сүөһү көрүүтүттэн  тохтообокко кэтэх хаһаайыстыбанан дьарыктаналлар. Ол курдук, Ульяна Ивановна Бочкарева, Галина Гаврильевна Эверстова, Марианна Ивановна, Дмитрий Семенович Гаврильевтар, Наталья Арсентьевна Охлопкова, Евдокия Ильинична Яковлева уонна кинилэртэн холобур ылар ыаллар Марина, Иван Ядреевтар, Ксения, Владимир Эверстовтар, Екатерина, Николай Эверстовтар, Маргарита, Гаврил Посельскайдар бааллар.

Сайылыкка кырачаан Эрсан уол эбээлээх, эһээтигэр көмө буолан сайынын туһалаахтык атаарар. Эрсан эһээтэ Иван, эбээтэ Марина Ядреевтар 8 ынаҕы ыыллар. Олортон икки ынаҕы, Эрсан бэйэтин ынахтарын, күн аайы сарсыарда күн тахсыыта 4 ааһыыта туран үлэһит киһи курдук ыыр уонна киэһээҥҥи ыамҥа диэри сынньанан оҕо-оҕо курдук сүүрэн-көтөн күнүн билбэккэ аһарар. Эрсан туһа киһитэ диэн эбээ, эһээ үөрүүлэрэ үгүс.

8-9 сааспыттан ынах ыы үөрэммитим. Хотоҥҥо сылдьарбын наһаа сөбүлүүбүн. Ынаҕым аата Мааныкай, 5-6 киилэ үүтү биэрэр” – диэн Эрсан сэһэргиир. Сайылыктан көһөн киирдэҕинэ аны ынахтарын бэйэтэ хомуйар. Киһи сөҕүөх уолбут кыһыҥҥы тымныыларга биир да күн өрөөбөккө эмиэ сарсыарда эрдэ туран эһээтин кытта хотоҥҥо тахсыһар эбит. Ол кэннэ аны үөрэхтээх киһи быһыытынан оскуолатыгар сүүрэр. “Оҕобут бэйэтин баҕатынан олох кыра сааһыттан хотоҥҥо сылдьар. Кыһын буоллун, сайын буоллун биир да күн өрөөбөккө сүөһүлэрин көрсөр. Оскуолаттан ыксаан ахан кэлэр, хотоҥҥо тахса охсоору. Билигин ким хайа иннинэ эрдэ туран, таҥнан-симэнэн киһи туруон иннинэ бэлэм олорор буолааччы. Утуйан сынньан диэтэххэ күүһүнэн баҕа өттүнэн ынахтарыгар тахсыһар” – диэн туохтааҕар да үөрбүт эбээтин мөссүөнэ долгутта.  Эрсан 4-с кылааска таҕыста, олус боччумнаах киһи, кинини сайылык олохтоохторо, хаһаайыстыба үлэһиттэрэ бары таптыыллар, сүбэ-ама биэрэллэр, үлэҕэ-хамнаска бэйэлэрин холобурдарынан үөрэтэллэр.

Онтон Ульяна Ивановнаҕа сиэнэ кыыс Амелия ынах этэрэн көмөлөһөр, ынах ыырга бастакытын холонор. Амелия Эрсанныын биир кылааска үөрэнэллэр. Бу курдук Эрсан кыра сааһыттан үлэҕэ үөрэнэн, бииргэ үөрэнэр доҕотторугар холобур буолар, күһүн оскуола аһылларыгар малын-салын, таҥаһын-сабын бэйэтэ үлэлээн, көмө буолан булунар.

Тыа дьонун үлэтэ-хамнаһа бүппэт, онуоха “Ким үлэлиир – ол аһыыр” дииллэринии, оҕолорбут кыра саастарыттан ас-таҥас хантан кэлэрин билэ үөрэннэхтэринэ, утум салҕааччылар тахса туруохтара диэн үөрэбит.

Екатерина Эверстова, Үөдэй 

Читайте дальше