2 Хомустаах нэһилиэгин «Сэргэлээх» сынньалаҥ киинин үлэһиттэрэ, былаанынан эрдэттэн бэлэмнэнэн, уһун өрөбүллэргэ араас тэрээһиннэри ыытан улахан да дьоҥҥо, оҕолорго да дьоро күннэри бэлэхтээтилэр.
Биир оннук тэрээһин — эргэ Саҥа дьылы көрсүү буолла. Бу киэһэ түөлбэлэртэн кыттыылаах пародия кэнсиэр көрөөччүлэр биһирэбиллэрин ылла. Хас биирдии түөлбэ толорооччулара ис сүрэхтэриттэн кыһаллан бэлэмнэммиттэрэ көстөр. Этэргэ дылы, эстрада «сулустарын» бу баардыы илэ, итэҕэтиилээхтик үкчү дьүһүйэн, пародиялаан бары «биис» доҕуһуолунан көрдөрдүлэр. Ол курдук, «Мираж» ансаамбыл солиһа Стас Михайлов, бэйэтин кэмигэр аатырбыт «Boney M» ансаамбыл, аҕа саастаахтар куттарын туппут Вера Сердючко, эдэрдэр, оҕолор билигин да сүгүрүйэр ырыаһыттара Виктор Цой, саастаах көлүөнэ барыта сөбүлүүр ырыаһыта Марина Попова-Эдьиий Марыына ыалдьыттаан, ырыаларынан көрөөччүлэри сэргэхситтилэр, кэрэ түгэннэри бэлэхтээтилэр. Толорооччулар тутталлара-хапталлара да оруобуна, таҥас-сап да үкчү.
Дьүүллүр сүбэ быһаарыытынан «Сайдам» түөлбэ — 1 м., «Чагда» түөлбэ – 2м., «Дьулуур» түөлбэ — 3м. ыллылар. Барыларыгар махтал суруктар туттарылыннылар.
Лидия Пестрякова, 2 Хомустаах