Бүгүн РФ президенэ Владимир Путин үгэс буолбут пресс-конференциятын истэн, Нам улууһун тыатын хаһаайыстыбатын управлениетын начальнигын солбуйааччы Юрий Петров санаатын үллэһиннэ:
— РФ президенэ Владимир Путин тыа хаһаайыстыбатын сайдыытыгар араас элбэх программа үлэлиирин бэлиэтээн эттэ. Ол курдук, «Дьоҕус уонна орто урбаан» национальнай бырайыак 2030 с. диэри уһатыллыбыта кэрэхсэбиллээх. Манна тыа хаһаайыстыбатын салаатыттан «Агростартап» грана, СПоК ороскуотун толуйуу о.д.а. киирсэллэр.
«Дьиэ кэргэн пиэрмэтэ» гранын субсидията «Акселерация субъектов малого и среднего предпринимательства» федеральнай бырайыагынан «Дьоҕус уонна орто урбаан» национальнай бырайыакка киллэриллибитэ тоҕоостоох. Ол курдук, 2024 сылтан дьиэ кэргэн пиэрмэтин сайыннарыыга грант икки хайысхаҕа арахсар – улахан ороскуокка уонна кэлим бырайыактары олоххо киллэриигэ грант баар буолуоҕа, ол эбэтэр хамсыыр уонна хамсаабат малга-салга.
Тыа сиригэр туристическай кластеры сайыннарыыга «Агротуризм» гранын ирдэбилигэр эбии усулуобуйалары киллэриэхтэрэ. Онтон сүрүнүн ылан көрдөххө, тыа хаһаайыстыбатын табаарын оҥорон таһаарааччылар туристическай кластеры сайыннарыыга биир бырайыагы олоххо киллэрэргэ бэлэмнээх буоллахтарына, бу бырайыак тыа сирин сайыннарыыга кэлим бырайыактар чэрчитинэн өйөбүллээх буолуохтара.
Ити курдук, кэлэр сылга тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыыга үгүс уларыйыылары киллэрэр былааннаахтар. Онон улууспут бааһынай, тэрээһиннээх хаһаайыстыбалара, тыа сиригэр агротуризмы тэрийээччилэр, хаһаайыстыба тэриниэн баҕалаах дьон үгүс көмөлөөх буолуохтара. Бу курдук федеральнай таһымнаах усулуобуйа күүһүрэн иһэрэ сайдыыга тирэх буолар.
Семен Аргунов