Халлаан сылыйан, Салбаҥ нэһилиэгин күөх былаһаакката оҕо аймах саҥатынан күйгүөрэр, мээчик тыаһынан туолар. Футбол оонньуу сылдьар оҕолортон ыйытабын.
— Спорт көрүҥнэриттэн тоҕо чуолаан футболу сөбүлүүгүтүй?
— Оонньуурга чэпчэки, мээчик эрэ баар буоллар, ханна баҕар оонньуохха сөп. Итиэннэ бокс курдук охсуһуута суох. Ол эрээри куһаҕана диэн травмаланыахха сөп.
— Сөбүлүүр футболистаргыт?
— Джуд Беллингем, Вини Жуниор, Килиан Мбаппе, Роналду.
— Эһиги хамаандаҕа толорор эбээһинэскит тугуй?
— Володя — вратарь, Женя — уҥа полузащитник, Даниэль — хаҥас полузащитник, Давид, Айал — защитниктар, Максим — нападающай.
— Оҕо аҕыйах, футбол оонньуурга табыгаһа суох буолуо?
— Учууталбытын Пётр Валерьевиһы кытта оонньуубут.
— Үчүгэй футболист буоларга туох хаачыстыба нааданый?
— Сүрэҕэлдьээмиэххэ наада, куруутун сүүрэн, эрчиллэн. Оонньуурбут таһынан «Лига чемпионов» матчтарын көрөбүт, футбол туһунан билиибитин хаҥатабыт.
— Күн аайы оонньууртан хал буолбаккыт дуо?
— Суох, — диэн хап-сабар хардараллар уонна салгыы оонньуу ыстаннылар.
Татьяна Касьянова