Эмп-томп үөдүйэ илигинэ, дьон араас ньымаларынан, аһылыгынан, отунан-маһынан ыарыыларын уҕарытан, сорох ардыгар төрдүттэн суох оҥорон кэллэхтэрэ. Билигин даҕаны химияны туттубакка, үгэс буолбут эмтэниини туһанар норуоттар элбэхтэр. Маны таһынан Үрдүкү күүс дьоннорун-сэргэлэрин үрүҥ тыыннарын өллөйдөтөөрү, айдарыылаах дьону төрөтөрө-үөскэтэрэ эмиэ баар суол. Холобурга аҕаллахха, саха норуотугар итинник дьоммутунан Ньыыкан оҕонньор, Эдьиий Биэрэ, Константин Чирков, Куома Чашкин, уо.д.а. буолаллар.
Күндү ааҕааччыларбар бүгүн Дьокуускай куоракка сахалыы эмтэнэр киини арыйан, хааннааһын ньымата олус диэн туһалааҕын дьоҥҥо-сэргэҕэ итэҕэппит, дакаастаабыт эмчиттэр, аҕалаах уол Григорий уонна Эрхан Поповтары кытта кэпсэтиибин билиһиннэриэм. Кистэл буолбатах, соторутааҥҥа диэри эмтээһин ити ньыматыттан улаханнык тэйии, сэрэхэдийии баара.
Сэһэргэһиигэ киириэх иннинэ Григорий Гаврильевиһы уруккуттан истэрим, билэрим туһунан этиэм этэ. Ол курдук, аҕам быраата Афанасий Петрович Олесов мэлдьи киниэхэ хааннатааччы. 89 саастаах убайым күн бүгүнүгэр диэри массыынанан көтүтэриттэн, үгүстэр сөҕүөхтэрин сөҕөллөр. Чэ кэпсэтиибитигэр киириэҕин.
Тас көрүҥмүт эрэ ураты буолбатах
— Григорий Гаврильевич, хааннааһынынан хаһааҥҥыттан дьарыктаммыккыный, эмтээһин ити ньыматынан дьарыгыраргар туох төрүөтүнэн буолбутай?
— Мин медицинаҕа 47 сыл устата үлэлээтим. Хирург, травматолог-ортопед идэлээхпин. Ити ылбыт идэбинэн 15 сыл устата үлэлээн баран, быраас быһыытынан үлэм өссө көдьүүстээх буоллун диэн, дойдум дьонун кытта ыкса ситимнээхтик үлэлиир-хамсыыр санаа киирбитэ.
Тыа хаһаайыстыбатын институтун учуонайдара саха сылгытын уонна ынаҕын чинчийдилэр. Оттон дьону, киһини биологическай өттүттэн итинник үөрэтии, чинчийии суоҕун кэриэтэ. Тас көрүҥмүт эрэ ураты курдук. Дьиҥ иһигэр киирдэххэ, тыйыс тымныыбыт, күрүлэс куйааспыт, айылҕабыт атына, көлүөнэттэн көлүөнэҕэ эппитигэр-сииммитигэр, организммытыгар уратылары биэрэрэ чахчы.
Киэҥ-куоҥ эрээри, ураты климаттаах сиргэ-уокка аҕыйах киһи олороро оруннаах. Сылаас дойдулар курдук сыгынньах, оту-маһы сиэн, киһи буолбаккын. Барыта олох иһин охсуһуу. Олох олорор инниттэн күүстээх үлэ эрэйиллэр.
Манна былыр-былыргыттан үлэ киһитэ сыаналанар. Оттон үлэни кыайа тутарга, доруобуйа наада. Өр сыллаах кэтээн көрүү, үөрэтии кэнниттэн, тыйыс айылҕалаах сиргэ олорор дьоҥҥо аҥаардас медицина эрэ тутаҕын өйдөөбүтүм. Сүрүннээн хааннааһыҥҥа уонна түөннээһиҥҥэ тохтообутум. Уруккуттан ити эмтээһин ньымалара туһалаахтара биллэллэр эрээри, нэһилиэнньэ киэҥ араҥатыгар сөп түбэһиэ, барсыа дуо диэн ыйытыы турара.
Сүрэхпинэн моһуогурар буолбутум. Аны биир табаарыһым охтон түспүтэ да, суох буолбута. Ол кэнниттэн сиэркилэҕэ көрүнэн туран, аан бастаан бэйэбэр хааннааһыны боруобалаабытым. Ол кэнниттэн сүүрэн хаалбытым. Хааннааһын чахчы туһалааҕын тус бэйэм эппинэн-хааммынан билбитим.
Ыҥырыыга сылдьар буолбутум
— Хааннааһын төһө көдьүүстээх эмтиир ньыма эбитий?
— Үөһэ этэн аһарбытым курдук, мин иннибэр турбут ыйытыыга хоруй ылар инниттэн, элбэхтик айанныахпын наада буолбута. Сахабыт сирин бары нэһилиэктэригэр сырыттым, дьону эмтээтим. Хааннааһын, түөннээһин туһалааҕын билэннэр, ыҥырыыга сылдьар буолбутум.
Бу ньыма ыарыылары профилактикалыыр. Ол курдук, кэлин биһиэхэ тэнийбит инсульт, остеопороз курдук, о.д.а. ыарыылары сэрэтэр, тохтотор. Холобур, кэлин йодтаах аһы аһыыр буоламмыт зоб диэн суоҕун кэриэтэ буолла. Хааннааһын ити тэҥэ буолар.
Быраас идэлээх буоламмын, ханна тиийдэрбин эрэ, коллегаларым өйөбүл буолаллара. Түгэнинэн туһанан кинилэргэ истиҥ махталбын тиэрдэбин.
— Үгүстэр саба быраҕан этэллэрин курдук, хааннаппыт киһи сыл ахсын хааннатыахтаах дуо?
— Сыл ахсын хааннарын баттааһына үрдүк дьон хааннаталлар. Атыттарга оннук буолбатах. Ыалдьар миэстэлэриттэн бөлүөхсүбүт хааннарын ылҕаан ылабыт.
— Григорий Гаврильевич, профессор үрдүк аатын хаһан сүкпүккүнүй?
— Хааннааһынан уонна түөннээһининэн дьарыктаммытым 30 сыла туолуутугар Москваҕа Арассыыйа норуотун медицинатын ассоциациятыгар профессор үрдүк аатын иҥэрбиттэрэ. Сыралаах өр кэмнээх үлэм — үтүө түмүгэ.
Ол кэнниттэн доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин сөбүлэҥинэн Дьокуускайга сахалыы эмтиир киини арыйбыппыт. Ити кииҥҥэ туйах хатарааччыбынаан, уолбунаан травматолог-ортопед Эрхан Григорьевичтыын бииргэ үлэлиибит. Уолум этэҥҥэ үлэлии сылдьар, дьон махталын ылар. Эдэр киһи сахалыы эмтээһини өссө да сайыннарыа диэн бигэ эрэллээхпин. Кулун тутар 26 күнүгэр кииммит арыллыбыта биир сыла буолар.
— Түөннээһин, бу эмтиир ньыма туһунан ааҕааччыларга кылгастык билиһиннэриэҥ дуо?
— Түөннээһин иммунитет күүһүн туһанан олох түҥ былыргы эмтээһин ньымата. Ыарыы баар сиригэр аһаҕас баас оҥорон баспалыанньаны, чэлкэҕи таһаараҕын. Кэтээн көрдөххө, табылыннаҕына, сымнаҕаһынан, тэттигинэн эпэрээсийэтээҕэр ордук.
— Григорий Гаврильевич, улуу дьоммут эмтииллэрин көрбүтүҥ дуо?
— Улуу дьоммут эмтииллэрин сирэй көрбөтөҕүм эрээри, ыарыһахтарым кинилэр тустарынан кэпсииллэрин элбэхтик истэбин. Ону таһынан эттэригэр-сииннэригэр хаалларбыт суоллара-иистэрэ эмиэ элбэҕи кэпсииллэр.
Никон Алексеевич Васильев-Ньыыкан оҕонньор официальнай медицина, доруобуйа миниистирэ Прокопий Андреевич Петров көҥүлүнэн дьону эмтээбитэ. Онон сахалыы норуот медицинатын төрүттээччинэн Ньыыкан оҕонньору ааттыахха сөп.
Кэмэ кэлэн
Эмчит Григорий Гаврильевич кэнниттэн кэпсэтиигэ уола Эрхан Григорьевич кыттыыны ылбыта.
— Эрхан Григорьевич, хааннааһын ньыматыгар аҕаҥ кэпсээнин ситэрэн биэриэҥ дуо?
— Былыр хааннааһын ньымата Евразия континеныгар барытыгар баара. Ол курдук, итиннэ эмтээһин үс ньымата баара: хааннааһын, отунан-маһынан эмтэнии уонна уҥуох тутааһына.
Оччолорго анестезия суох буолан, хирургия суох этэ. ХIХ үйэҕэ химия, фармакология сайдыбыта. Дьон фармакология эминэн-томунан эмтэнэр буолбута. Эмп сыаната ыараханын бэйэҕит билэҕит.
Маны таһынан сэбиэскэй кэмҥэ ойууннааһыны боппуттара. Ол эрээри биһиги түгэххэ олорор буоламмыт, эмтээһин ити ньымалара хаалбыттар. Киин сирдэргэ итилэр умнуллан, сүтэн хаалбыттар. Тугу барытын көлүөнэттэн көлүөнэҕэ биэрбэтэххэ, салҕаабатахха, наһаа түргэнник умнуллан, сүтэн-оһон хаалар.
— Хааннааһынынан ханнык ыарыылары эмтиэххэ сөбүй?
— Хайа баҕарар ыарыы баспалыанньаттан саҕаланар. Баспалыанньаттан киһи ыалдьар сирэ иһэр (отектанар). Хааннаан отегу уһулуохха сөп. Турбут хааны сүүрдэн кэбистэххэ, саҥа хаан киирэн, үтүөрдүөн сөп. Хаанын эргиирэ тубуста да, киһи үтүөрэр, эбэтэр чэпчиир.
Хааннааһынынан ханнык баҕарар ыарыыны эмтиэххэ, профилактикалыахха сөп. Доруобуйа туруга хаантан улахан тутулуктаах. Ковид кэнниттэн үгүс киһи хааннара хойдон олус эрэйдэннилэр. Сүһүөхтэрэ ыалдьаллар, хроническай ыарыылара көбөн тахсаллар.
— Эрхан Григорьевич, эһиги кииҥҥитигэр сылдьан, сорохтортон улахан бааҥканы тобус толору бөлүөхсүбүт хааны ыларгытын көрбүтүм. Ити үлүгэрдээх элбэх хаан хайдах мустан, хаайтаран хааларый?
— Ханнык эрэ уорганын ыалдьар буоллаҕына, мэйиигиттэн сигнал тиийэр. Итинник гынан эмтии сатыыр. Кэлин хаан клеткалара өлөн хаалаллар уонна биир сиргэ тураллар, бүөлээн кэбиһэллэр. Хааннаатахха, саҥа, ыраас хаан үөскүүр. Уопсай хааҥҥын убатан биэрэр. Оччоҕо киһи туруга чэпчиир.
— Стресс хаан хойдуутугар оруолу оонньуур дуо?
— Стресс гормона диэн баар. Хроническай стресс гормон бөҕөтүн таһаарар, олор хааҥҥын хойуннаран кэбиһэллэр. Стреһи уһуларга сахалыы гипноз, магия эмиэ көмөлөһөр.
— Сахалыы хааннааһын илиҥҥи норуоттар туттар хиджамаларыттан туох уратылаах дии саныыгыный?
— Мин саныахпар, хиджама сылаас, итии дойдуларга олорор дьоҥҥо анаммыт ньыма. Кинилэр хатыҥырдар, чараастар. Оттон биһиги дьоммут айылҕаларын сиэринэн халыҥнар, сыалара элбэх. Хиджама диэн тириигэ кып-кыра быһа сотуу оҥоһуллар. Онон биһиэхэ улаханнык барсыбат диэххэ сөп.
— Эрхан Григорьевич, хас баҕарар саастаах киһи хааннатыан сөп дуо? Хиджама аҕа саастаах дьоҥҥо көҥүллэмэт диэни истэн турардаахпын.
— Хас баҕарар саастаах киһи хааннатыан сөп. Төттөрүтүн аҕа саастаах дьон ордук хааннатыахтаахтар.
— Ордук ханнык дьыл кэмигэр хааннатар ордугуй?
— Хайа баҕарар дьыл кэмигэр хааннатыахха сөп. Ол гынан баран сайынын киһи хаанын баттааһына ордук үрдүүр. Онон хааннарын баттааһына үрдүк дьон сайын оҥоттороллоро ордук.
— Хааннаппыт киһи харыстаныахтаах дуо?
— Киһи хааннаттаҕына этин сааһа арыллар. Онон үс күн тымныыттан харыстаныахтаах.
— Эрхан Григорьевич, эйигин хааннааһын ньыматыгар аҕаҥ уһуйдаҕа…
— Оннук. Хааннааһыҥҥа аҕам үөрэппитэ. Оҕо эрдэхпиттэн кинини батыһа сылдьарым. Травмпууҥҥа сэбиэдиссэйдээбитэ. Миигин үлэтигэр илдьэ сылдьара. Урукку өттүгэр сүрэҕим ыалдьара, миокардит диэн диагнозтаах этим. Итини таһынан уруттуур диэн, тирит да тирит буолар ыарыылааҕым. Аҕам Григорий Гаврильевич түөннээн, ити ыарыылары эмтээн кэбиспитэ.
Түөннээһини Сахабыт сиригэр ордук хоту туһаналлар эбит. Онтон сылдьар ытык кырдьаҕастар, бары кэриэтэ түөн суоллаахтар. Кинилэр түөннэ туруоран биэр эрэ диэн көрдөһөөччүлэр.
Кэлин санаатахпына, аҕам туох да үлүннэриитэ суох, ураты киһи эбит. Мэлдьи саҥаттан саҥаны билэ-көрө сатыыр, атыттар интэриэһиргээбэтэхтэрин интэриэһиргиир, үүнэр-сайдар. Быһатын эттэххэ, айдарыылаах.
— Сахалыы эмтиир киини аһарга хайдах быһыылаахтык быһаарыммыккытый?
— Кэм-кэрдии уонна дьон-сэргэ бэйэлэрэ итиннэ аҕаллылар. Пациеннарбыт мэлдьи: «Тоҕо эмтиир киин аспаккытый?» — диэн ыйыталаһар этилэр. Кэмэ кэлэн, туох да мэһэйэ-таһайа суох кииммит аһылынна. Госдума депутата Федот Тумусов бу хайысхаҕа федеральнай сокуон ылыллыытыгар күүстээх өйөбүлү оҥордо. Онон сокуонунан көмүскэллээхпит. Ил Түмэн алтыс ыҥырыытыгар бэрэссэдээтэллээбит Петр Гоголев, доруобуйа министиэристибэтэ, уо.д.а. улаханнык көмөлөспүттэрэ. Өйөөбүт-көмөлөспүт дьоммутугар истиҥник махтанабыт.
Биир сыл иһигэр өрөспүүбүлүкэ араас муннуктарыттан олус элбэх киһи эмтэннэ. Биһиэхэ туох да рекламабыт суох. Туһаммыт дьон бэйэ-бэйэлэриттэн истиһэн кэлэллэр.
— Эрхан Григорьевич, кииҥҥитигэр Ньыыкан оҕонньор, Гурий Турантаев-Бороҕон оҕонньор мэтириэттэрэ туралларын көрбүтүм. Ытык дьоммут эмтиирбитигэр көмөлөһөллөр диэн санаалааххыт дуо?
— Бу ыйытыыга хоруйум чопчу. Сүдү дьоммут көмөлөһөллөр.
— Хантан төрүттээххитий-уустааххытый?
— Нам улууһун Хатырыгыттан төрүттээхпит.
— Эрхан Григорьевич, инники туох былааннааххытый?
— Дьокуускай мэрията инфраструктуралааах сир биэрдэҕинэ, бюджеттан үп-харчы көрдөөбөккө, Бүтүн Россяитааҕы инбэлииттэр уопсастыбаларын Саха сиринээҕи салаатын салайааччытын Ирина Васильевна Лебедеваны кытта эмтиир-чэбдигирдэр, реабилитационнай киин тутаммыт үлэлэтэр соруктаахпыт. Итиннэ Ирина Васильевна доруобуйаларыгар хааччахтаах дьону IT технологияҕа үөрэтэр, типография аһар баҕалаах. Дьиэлэригэр да олорон, үлэлииллэрин курдук. Эмтэнэ-эмтэнэлэр, доруобуйаларын бөҕөргөтө-бөҕөргөтөлөр үөрэниэ этилэр. Мэрия сир учаастагын биэриэ диэн эрэнэбит. Биллэрин курдук, чэпчэкитэ суох кэмҥэ олоробут. Реабилитациялыыр кииннэр олус наада буолуохтара.
— Григорий Гаврильевич уонна Эрхан Григорьевич, кэпсээҥҥит иһин махтанабын.
Людмила НОГОВИЦЫНА, ULUS.MEDIA