Нам улууһугар сааскы халаан уута киһи үөйбэтэх өттүттэн эбиллэн 16 нэһилиэк дьоно-сэргэтэ эмсэҕэлээбитэ. Хас биирдии ыарахан балаһыанньаҕа түбэспиттэргэ көмөнү оҥоруу үлэтэ ыытыллар. Ааҕар-суоттуур, симиэтэлиир үлэни тэрийэн кыһалҕалаах дьоҥҥо көмө оҥоһуллар.
Бу сыл бэс ыйын 24 күнүнээҕи туругунан, Нам улууһугар сааскы халаан уутуттан эмсэҕэлээбиттэргэ 194,52 мөл. солк. ыытылынна. Ол курдук, 4059 биир кэмнээх төлөбүр уонна үбүнэн көмө оҥоһуллубут.
Биир кэмнээх мал-үп өттүнэн 2177 олохтооххо, уопсайа 21,77 мөл. солк. суумалаах көмө бэриллибит. Бастакы туттар баайа-дуола эмсэҕэлээбит 1882 олохтоох уопсайа 172,75 мөл.солк. үбүнэн көмөнү туппуттар. Государственнай өҥө порталыгар сайабылыанньаны ылыы түмүктэннэ, ол эрээри киирбит докумуоннары оҥоруу салгыы бара турар.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Николаев быһаарыытынан, 2024 сылга индексация кэнниттэн материальнай көмө кээмэйэ 10 000 солк., үбүлээһин кээмэйэ 100 тыһыынча солкуобайга диэри (50 тыһыынча – быстах сүтүккэ, 100 тыһыынча – толору буоллаҕына). Нам улууһугар сааскы халаан уутуттан эмсэҕэлээбит хоромньу кээмэйэ барыллаан 2 млрд солк. тэҥнэспит.
Өрөспүүбүлүкэҕэ федеральнай характердаах ыксаллаах быһыы-майгы режимэ биллэриллибитэ. Саахалы чөлүгэр түһэриигэ страховкаламмыт объектартан ураты дойду бюджетыттан үбүлэниэхтэрэ. Билигин саахалы чөлүгэр түһэрэр үлэлэри салгыы ыыталлар. Объектар сыаналарын бэрэбиэркэлииллэр, государственнай экспертиза ыытыллар. Бүгүҥҥү күҥҥэ 139 объектан 38-гар 109 960 673,25 солк. суумалаах түмүгү оҥорбуттар.
Нам улууһугар сааскы халаан уутугар 749 олорор дьиэ, ол иһигэр 58 элбэх квартиралаах уонна 691 чааһынай дьиэ барбыт. Бэс ыйын 24 күнүнээҕи туругунан, олорор дьиэни өрөмүөннүүргэ 531 сайабылыанньа киирбит, 102 дьиэ олоччу ууга барбытынан ааҕыллыбыт. 3088 киһи халаан уутуттан эмсэҕэлээбитэ быһаарыллыбыт.
Уопсайа 893 олорор дьиэ, 4 доруобуйа харыстабылын, 15 үөрэх объектара, 21 кыра уонна орто бизнес субъега (ол иһигэр 3 туризм баазата), 2 хочуолунай, 6 км ититэр ситим уонна уу турбата, 690 м хочуолунайдар сир аннынан барар турбалара, 32 км суол (ол иһигэр 10 км нэһилиэктэр икки ардыларынааҕы, 20 км нэһилиэктэр иһинээҕи уулуссалара, 11 уот линиятын остуолбалара, 24 социальнай инфраструктура, тыа хаһаайыстыбатын объектара (ол иһиттэн 1 сүөһү комплекса, 1 сылгы баазата, 113 хотон (о.и. 4 бааһынай хаһаайыстыба), 2 үүт тутар пуун, 2 бэтэринээр пууна, 2 оҕуруот аһын харайар сир, 24 мүөттээх ыҥырыа «дьиэ кэргэнэ», 1 т хортуоппуй, 5 т эбиэс сиэмэтэ, 3 тыа хаһаайыстыбатын тэрилэ, 1 сиилэс траншеята) халаан уутугар барбыттар.
Сүөһү-сылгы охтуута, сүтүүтэ: 168 төбө сүөһү, о.и. 74 кэтэх, 94 бааһынай хаһаайыстыбалар сүтүктэммиттэр. Сылгы 359 төбө ууга былдьаммыт, о.и. 108 кэтэх, 199 бааһынай, 52 төбө тэрээһиннээх хаһаайыстыбаларга былдьаммыт.
Семен Аргунов