Хамаҕатта нэһилиэгэр 2024 сылы Төрөөбүт тыл сылынан биллэрэргэ этии киллэрдилэр

Хамаҕатта нэһилиэгэр «Түһүлгэ» норуот айымньытын киинигэр бэҕэһээ, сэтинньи 16 күнүгэр, төрөөбүт тылбытын харыстыырга семинар буолла.

«Тупсууна» дьахтар сүбэтэ көҕүлээһининэн, төрөөбүт тылбытын харыстаан, үүнэр көлүөнэҕэ чөл туруктаах тиэрдэр туһугар, «Ийэ тыл кэскилэ» аһаҕас кэпсэтии түһүлгэтэ тэрилиннэ. Семинарга Дьокуускайтан «Ийэ тыл кэскилэ» өрөспүүбүлүкэтээҕи хамсааһын салайааччыта Вилюяна Никитина «Оҕо сахалыы саҥарарын туһата», филология билимин кандидата, литературовед, «Ийэ тыл кэскилэ», «Ааҕар Саха сирэ» уопсастыбаннай хамсааһыннар кыттыылааҕа Саргылана Ноева «Оҕону сахалыы иитии ньымалара» тиэмэлэргэ кэпсэтиилэри оҥордулар.

«Күн» өрөспүүбүлүкэтээҕи оҕо түмсүүтэ уонна саха-француз лицейиттэн «Добун дорҕоон» түмсүү хоһоонньут уолаттара кыттыыны ыллылар. Төгүрүччү олорон кэпсэттилэр, саха тыла муода буолан ыччат кэпсэтэр эйгэтигэр киирэрин, сайдарын туһугар кыһаллыахха диэн биир санааҕа кэллилэр.

Аһаҕас кэпсэтиигэ төрөппүт Октябрина Барашкова оҕону дьиэ кэргэҥҥэ иитиигэ, олохтоох библиотекарь Марина Корякина сахалыы ааҕыыга, лицей учуутала Елена Готовцева кылааска сахалыы эйгэни үөскэтиигэ дьон болҕомтотун тартылар. Маны таһынан, «Кыым» хаһыат суруналыыстара Диана Клепандина, Туйаара Сиккиэр кэлэн ийэ тыл дьылҕатын туһунан санаа атастастылар.

Ийэ тыл кэскилин туһугар дууһаларынан ыалдьар 62 киһи кыттыыны ылла, ол иһигэр 14 оҕо. Семинары «Тупсууна» дьахталлар түмсүүлэрин салайааччыта Саргылана Индеева уонна Наина Никитина иилээн ыыттылар. Түмүккэ үүнэр 2024 сылы нэһилиэккэ Төрөөбүт тыл сылынан биллэрэргэ этии киллэрдилэр.

Мария Винокурова