Хамаҕаттаҕа 4,5 км саҥа асфальт уурулунна

Нам улууһун Хамаҕаттатыгар “Куттала суох уонна хаачыстыбалаах айан суола” национальнай бырайыагынан асфальт суол ууруллан түмүктэнэн эрэр.

Хамаҕатта нэһилиэгэр суол туруга мөлтөөбүтүнэн сибээстээн, олохтоох дьаһалта улуус дьаһалтатын, суол салалтатын кытта ситимнээх үлэ, кэпсэтии ыытан суол оҥоһуута саҕаламмытын баһылык Евгений Ушницкай этэр. Бэлиэтээн эттэххэ, нэһилиэккэ суол туруга саамай тыын боппуруос буоларынан биллэр. Баһылык Евгений Ушницкай быйыл нэһилиэгэр суоллары көннөрүүгэ улахан болҕомтотун уурбута көстөр.

“Хаачыстыбалаах айан суола” федеральнай программанан асфальт суол өрөмүөнэ оҥоһуллан түмүктэнэн эрэр. Өрөспүүбүлүкэ таһымыгар эппиэттиир сүрүн суолбут өрөмүөннэммититтэн олохтоохтор үөрэбит. Суолбут саҥардыллыбытыгар өрөспүүбүлүкэ салалтатыгар махтанабыт уонна улахан үлэ ыытылынна диэн бэлиэтиибит.

Уопсай асфальт ууруута 4,5 км тэҥнэһэр. Ол курдук, суол оҥоһулларын устата улахан мэһэйдэр тахсыбатылар. Бу барыта “Сэттэ” ХЭТ хампаанньа үлэлии үөрүйэҕэр олоҕурар”, – диир баһылык Евгений Сергеевич.

Хамаҕатта соҕуруу өттүгэр үлэлиир тохтобул саҥаттан сөргүтүллэн оҥоһуллуохтааҕа этиллэр. Ону тэҥэ, ГАИ дьиэтигэр диэри суол устун уот суоҕунан, тустаах үлэ салгыы ыыттылларыгар олохтоох дьаһалта сыал-сорук туруорар.

«Эҥсиэли» хаһыат

Читайте дальше