Быйыл бэс ыйын 16 күнүгэр Россияҕа медицина үлэһиттэрин күнэ киэҥник бэлиэтэнэр.
Күн бүгүн Хамаҕатта нэһилиэгэр доруобуйа харыстабылын эйгэтигэр үлэлии сылдьаллар: учаастактааҕы терапевт быраас Марина Гоголева, кини сиэстэрэтэ Нина Матаннанова, педиатр быраас Ирина Гурьева, сиэстэрэтэ Марианна Ачикасова, фельдшер Марианна Попова, процедурнай сиэстэрэ Зинаида Герасимова, суоппар Валерий Павлов, санитарка Елена Яковлева.
Врачебнай амбулатория үлэһиттэрэ 2000 тахса нэһилиэнньэни, онно эбии Никольскай олохтоохторун медицина бары өҥөтүнэн хааччыйаллар, 3 куойка-миэстэлээх күнүскү стационарга былааннаахтык эмтииллэр.
— Быйыл Хамаҕаттаҕа фельдшерскэй пуун аһыллыбыта 80 сыла туолар, онно анаан кинигэ таһаараары үлэлэһэ сылдьабыт. Нэһилиэкпитигэр Доруобуйа сыла бара турар, врачебнай амбулаториябытыгар сыл бүтүүтэ аптека аһыллара былааннанар, — диир сэбиэдиссэй Марина Гоголева.
Мария Винокурова