Хамаҕатта нэһилиэгэр быыбар бастакы күнүн түмүгүн 334 нүөмэрдээх Хамаҕаттатааҕы быыбардыыр учаастак комиссиятын председателэ Антонина Харитонова билиһиннэрдэ:
— Быыбар «Түһүлгэ» НАК бара турар. Испииһэккэ 1262 быыбардааччы баарыттан 396 киһи кэлэн куоластаан барда, онон куоластааһын 31,4% буолла. Бастакынан нэһилиэк бастыҥ общественнига Саргылана Зоирова урнаҕа бюллетень укта. Доруобуйаларынан хааччахтаах 38 быыбардааччыга дьиэҕэ сылдьан куоластатыы буолла. Эдэр 26 быыбардааччы баарыттан бүгүн 4 ыччат кэлэн кытынна, кинилэргэ ТИК бэлэмнээбит анал уруучукаларын бэлэхтээтибит.
Бээтинсэ буолан дьон үлэлэригэр баран, кэлэн иһэн таарыйдылар. Быыбар хаамыыта барыта сокуон быһыытынан барда.
Мария Винокурова