Төрөөбүт тылы төлкөлөөн, ийэ тылы иитиэхтээн сурук-бичик күнүн хамаҕатталар киэҥ хабааннаахтык бэлиэтээтилэр.
«Тускул» уһуйааҥҥа хомоҕой тыллаахтар хоһоон аахтылар, хомус хомуһуннаах дьүрүскэнэ иһилиннэ, таба суруйууга дьыктаан, тупсаҕай буочарга күрэх буолла. Иитиллээччилэр «Ийэ тыл сүмэһинэ» улуустааҕы чабырҕах, үгэ күрэҕиттэн ситиһии кынаттаах кэллилэр.
Оскуолаларга сахалыы остуол оонньуулара, оһуохай түһүлгэтэ тэрилиннэ.
Түөлбэлэр икки ардыларыгар «Илгэлээх ийэ тыл эйгэтэ, төлкөлөөх төрүт тыл түһүлгэтэ» өй-толкуй оонньуута буолла. Куйаар ситиминэн төрөөбүт тыл күнүнэн тургутукка холоннулар.
Бу күн 1937 сыллаахха латыын тылынан тахсыбыт сэдэх кинигэ көстөн сэргэх сонун буолла.
Ити курдук, хара сарсыардаттан киэһэ хойукка диэри сахалыы саҥа сатараата, саханы саха дэтэр үгэстэр тиһиллэн ийэ тыл түһүлгэтэ түстэннэ.
Мария Винокурова