Хамаҕаттаҕа күһүҥҥү дьаарбаҥка ыытылынна

Бүгүн Хамаҕатта нэһилиэгэр күһүҥҥү «Урожай-2023» дьаарбаҥка тэрилиннэ.

Олохтоох дьаһалтаҕа тыа хаһаайыстыбатын специалиһынан үлэлии киирбит Маргарита Габышева атыылааччылар да, олохтоохтор да астыммыттарын кэпсиир:

— Дьаарбаҥкаҕа элбэх хаһаайыстыба кытынна. Ол курдук, Уваровскай оҕуруот аһын арааһын, «Эрэл»

СХПК үүт астан бородууксуйатын, «Янда» СХПК эттэн полуфабрикаттарын, Приморьелар барыанньаларын арааһын, Сергей Кривошапкин мүөтүн, ИП Карпенко дьиэ сибэккилэрин хамаҕатык батардылар.Варвара Винокурова торт, Григорий Больницкай оҕуруот аһын, онтон да атыны атыылаан олохтоохтор дохуот киллэриннилэр.

 

Манна даҕатан эттэххэ, улуус дьаарбаҥкатыгар Хамаҕатта нэһилиэгэ «Саамай тэрээһиннээх нэһилиэк» номинацияҕа 3 м., «Бастыҥ кэтэх хаһаайыстыба» номинацияҕа Татьяна Гаврильева 3 м., «Саамай дьикти табаар» номинацияҕа Сардаана Новгородова үүннэрбит патиссона тиксибиттэрэ.

 

Дьоммор-сэргэбэр, өйөөбүт хаһаайыстыбаларга көдьүүстээх тэрээһин буолбутугар махтанабын!

Мария Винокурова

Читайте дальше