Бүгүн Хамаҕатта нэһилиэгэр Д.Д. Новгородов аатынан «Кэскил» балаҕаҥҥа нэһилиэк кырдьаҕастарыгар Саҥа дьыллааҕы бырааһынньык киэһэтэ буолла.
Буоларын курдук, сэргэх оонньуулардаах, маскарааттаах, ырыа-тойук аргыстаах киэһэни Екатерина Дорофеева салайааччылаах бэтэрээн сэбиэтэ тэрийдэ. Саҥа дьылы киэргэппит сиэдэрэй маскарааттаахтар Екатерина Максимова, Анна Гоголева, ыалдьыт Люция Рожина, Аграфена Пестрякова бириистэри туттулар. Ааһан эрэр сылга үбүлүөйдээх саастарын туолбуттар Ольга Ивановна Новгородова, Дмитрий Иванович Алексеев, Айталина Митрофановна Сивцева эҕэрдэ сурук туттулар. Араас оонньууга кыттыбыттар хото бириистэргэ тигистилэр, ол иһигэр спонсор Иннокентий Федотов уран оҥоһуктарын бэлэх ылан үөрдүлэр.
Бырааһынньык туһунан общественник Февронья Баишева:
— Аҕам саастаах дьон саҥа дьыллааҕы тэрээһиннэрэ бэркэ ааста. Нэһилиэк баһылыга Евгений Сергеевич сүрдээх үчүгэй сонуннаах кэлэн быйылгы дьылга нэһилиэк ситиһиилэрин итиэннэ инники былааннарын кэпсээтэ. Ол курдук, түөрт мэндиэмэннээх таас дьиэ, дьаһалта саҥа хонтуората, тулаайахтарга социальнай программанан Хамаҕаттаттан түөрт оҕо квартира ылбытын, элбэх оҕолоох ыаллар кыбаарталларыгар гаас, уот ситимэ киирбитин кэпсээтэ. Былааҥҥа суол оҥоһуута, автобус тохтобуллара, ГАИ-га диэри сырдатар уот киирбитин иһитиннэрдэ. Саҥа сылга бары баҕарар баҕабыт сэрии тохтууругар, ил эйэ олохтоноругар баҕатын эттэ. Дьаһалта массыыната илдьэн-аҕалан бэрт сынньалаҥнык сырыттыбыт. Саҥа сылы көрсөргө сүргэбит көтөҕүлүннэ. Онон кырдьаҕастар сэбиэттэрин 8 сыл салайан кэлбит Екатерина Герасимовнаҕа уонна кини састаабыгар махталбытын биллэрэбит.
Бырааһынньыктааҕы биэчэри бэйэтин ырыатынан-тойугунан киэргэтэн, бэтэрээннэр сэбиэттэрин саҥа салайааччытынан анаммыт Сандаара Оротоо салайан ыытта.
Мария Винокурова