Хамаҕаттаҕа «Тускул» уһуйаан үлэһиттэрэ иитиллээччилэригэр балаҕан туттулар

Хамаҕатта нэһилиэгин «Тускул» уһуйааныгар «Дьиэ кэргэн — Ийэ тыл» бырайыак чэрчитинэн, балаҕан тутуллан үөрүүлээх аһыллыытын күнэ тосхойдо.

Балаҕаны бэйэ күүһүнэн бырайыак оҥотторон, үп булаары хаста да субуотунньуктаан, уһуйаан эр дьоно санааларын ууран тупсаҕайдык, бэрт кылгас кэм иһигэр тутан бүтэрдилэр. Онон уһуйаан биир кэҥэс көрүдүөрүгэр балаҕан эркиннэрэ ууруллан, ис бараана толору оҥоһуллан, саха омук төрүт дьиэтэ баар буолла.

Үөрүүлээх күҥҥэ эҕэрдэлээтилэр:  «Хамаҕатта нэһилиэгэ МТ» аҕа  баһылыга Евгений Ушницкай, үөрэх управлениетын оскуола иннинээҕи саастаах оҕолор салаатын сэбиэдиссэйэ Евдокия Павлова, «Соҕуруу » КМО уһуйааннарын сэбиэдиссэйдэрэ, «Кэскил» балаҕан эбэлэрэ. Эҕэрдэ эриэккэһэ этилиннэ, тойук туойулунна, оҕолорбут саха үнүстүрүмүөннэригэр  доҕуһуоллатан ыллаатылар, «Ноо!» арыаллаах  «Күөнэ көҕөччөр аттаах, күүстээх-уохтаах Күн Күндүлү бухатыыр» олоҥхону толорон сэргэхситтилэр. Балаҕан тутуутугар үлэлэспит, ситэрсибит, сүбэ-ама буолбут үлэһиттэр эҕэрдэ сурук туттулар.

Балаҕаҥҥа аат толкуйдуурга конкурс биллэриллибитэ. Үлэһиттэртэн, терөппүттэртэн, олохтоохтортон 36 араас аат киирбит. Аграфена Пестрякова «Ситим» диэн этиитэ биһирэнэн кыайыылааҕынан ааттанна, киниэхэ Афанасий Федоров кинигэтэ бэлэх туттарылынна.

Балаҕан аалай лиэнтэтин быстылар: Аида Местникова — уһуйаан сэбиэдиссэйэ, Иван Васильев — уус, маастар, Лев Иванов — «Туллукчаан» бөлөх иитиллээччитэ.

Саха балаҕана кэлэр кэнчээрибитин түмэр, сахалыы тыынныыр күүс, кэннибитин хайыһан кэрэхсиирбитигэр, иннибитин бөҕө, чөл түстүүргэ бигэ тирэх, туллаҥнаабат тулааһын буолуоҕа диэн итэҕэйэбит.

Маргарита Охлопкова