Хамаҕаттаҕа түмэл оҥкула оҥоһуллан эрэр

Төрүттэргитин үйэтитэргэ кыттыһыҥ

Хамаҕаттаҕа нэһилиэк сайдыытын кэпсиир, көрдөрөр музей тэриллиитэ бэбиэскэттэн түспэт.

Бу боппуруоһу баһылык Евгений Ушницкай өйөөн урукку дьаһалта хонтуоратыгар хос биэрэн, штат көрөн Сандаара Оротоо санаатын ууран үлэлэһэ сылдьар, матырыйаал хомуйуутунан дьарыктанар. Бу күннэргэ хаһыс да сырыытын төхтүрүйэн ыалларынан сырытта.


Сонун экспонаттары булан, сүргэтэ көтөҕүллэн Игнат Винокуров патефон бэлэхтээбитин кэпсиир. Татьяна Бурнашева ийэтин саквояһын, Гаврил Афанасьев дьонун ,,Старт» телевизордарын, Валерий Семенов ийэтин бэчээттиир массыыҥкатын, Прасковья Степанова ийэтин малларын, Ксения Гуляева улахан чаһы, Мария Аргунова иһит-хомуос — 50-60-с сыллардааҕы маллары биэрбиттэр. Ити курдук, олох-дьаһах саҋдыытын туоһулуур экспонаттар эбиллибиттэр.


История хаамыытын көрдөрөр, ааспыты билиҥҥини кытта сибээстиир түмэл оҥкула охсуллан, олохтоохтор кылааттарын киллэрэ тураллар.

Өссө даҕаны төрөөбүт түөлбэлэрин кэпсиир, төрүттэрин үйэтитэр докумуоннары, хаартыскалары биэрэллэрэ, улахан тэриллэри тиэҋэн аҕалаллара буоллар, — диэн Сандаара Оротоо баҕа санаатын тиэрдэр.

 

Хамаҕаттаттан хааннаах, Кириэстэн кииннээх, Арыы Тииттэн төрүттээх ыраах-чугас дьон кыттыһалларын күүтэр.
Кэнэҕэһин кэнэҕэс кэлэр көлүөнэ дьон киһи-аймах, дойду сайдыытын сыаналыахтара.

Мария Винокурова