Граф Биэрэгин “Ромашка” оҕо саадын иитиллээччилэрэ тас таҥастарыгар сахалыы харысхал быһыылаах хараҥаҕа сырдаан көстөр элеменнэри иилиннилэр.
Аан дойдутааҕы оҕо күнүн чэрчитинэн, итиэннэ хараҥаҕа сырдатар элеменнэри киэҥник тарҕатар, суолга куттал суох буолуутун сэрэтэр сыалтан, “Ромашка” Граф Биэрэгин оҕо саада хараҥаҕа сырдатар элеменнэри кэтэри көҕүлээн тэрээһиннэри ыытта. Манна төрөппүттэр көхтөөхтүк кыттан, айымньылаахтык үлэлээн, “Дөлүһүөн хатыыта” сахалыы харысхал элеменнэри оҥорон, таҥастарыгар тиктилэр.
Төрөппүттэр оҕолоругар суол быраабылатын тутуһарга, ону тэҥэ хараҥаҕа сырдаан көстөр элеменнэри сөпкө туһанаргa холобур буолаллара улахан суолталаах.
Видео — https://t.me/gazetaensieli/13896