Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүгэр Аппааны сэлиэнньэтигэр Хатыҥ-Арыы нэһилиэгин тэрилтэлэриттэн кыттыылаах «Саха тылын, сиэри-туому төһө билэҕин» өркөн өй күрэҕэ ыытылынна. Күрэҕи «Чороон» норуот айымньытын киинэ уонна олохтоох библиотека тэрийэн ыыттылар. Күрэх сыала-соруга:Төрөөбүт төрүт тыл сүмэтин, эриэккэһин, кэрэтин иҥэрии. Ийэ тылынан киэн туттуу, өрө тутуу, туттуллар эйгэтин кэҥэтэргэ туруулаһыы.
Олунньу 13 күнэ Саха сиригэр Ийэ тыл уонна сурук бичик күнэ буолар. Саха алпаабытын төрүттээбит бастакы учуонай, лингвист Семен Андреевич Новгородов бу күн төрөөбут күнэ буолар. 1996 сыллаахха олунньу 9 күнүгэр № 1294 Саха сирин бастакы президенэ Михаил Ефимович Николаев уурааҕынан бу күнү «Төрөөбүт тыл уонна сурук –бичик» күнүн биллэрбитэ.
Күрэх уопсайа түөрт түһүмэҕинэн ыытылынна. Бастакы тургутан көрүү: «Ыйытыктарга эппиэт» (викторина), иккис тургутуу: «Төрөөбүт тылгын төһө билэҕин», үһүс тургутуу «Саха сирэрин-туомун төһө билэҕин», төрдүс тургутуу: «Туос» ыйытыктарга эппиэттээһин.
Күрэххэ нэһилиэк тэрилтэлэриттэн иккилии киһи кыттыыны ылла, кыттааччылар икки хамаандаҕа арахсан күрэхтэстилэр. Өркөн өй күрэҕэр Хатыҥ-Арыы нэһилиэк олохтоох дьаһалтатыттан, И.Е. Винокуров аатынан Хатыҥ-Арыы орто оскуолатыттан, Затоннааҕы ситэтэ суох орто оскуолатыттан, И.Е. Винокуров аатынан историяны уонна кыраайы үөрэтэр түмэлтэн, «Сандаара», «Хатыҥчаана», «Ромашка», «Мичээр» оҕо уһуйааннарыттан уопсайа 14 киһи кыттыыны ылла.
Тэрээһини Нюргуяна Адамова, Варвара Носкова, Степан Находкин иилээн ыыттылар. Бастакы хамаанда хамандыыра Михаил Нестерев, хамаанда чилиэттэринэн: Иван Ноговицын, Матрена Новгородова, Александра Эверстова, Сахаайа Софронова, Елена Иванова–Макарова, Туйара Охлопкова буоллулар, иккис хамаанда хамандыыра Пелагея Павлова хамаанда чилиэттэрэ: Надежда Сивцева, Григорий Пермяков, Лилиана Васильева, Людмила Петрова, Марина Петрова, Элеонора Николаева буоллулар. Хамандыырдар дьоннорун хас түһүмэх аайы үстүү киһини аттаран кытыннардылар.
Уопсай түмүккэ иккис хамаанда муҥутуур кыайылаах буолла, өркөн өй күрэх бары кыттыылаахтара туоһу суруктары туттулар. Саха норуота төрөөбүт төрүт тылын өрө тутан, ийэ тылынан саҥаран, эккэ-сииҥҥэ иҥэрэн, көлүөнэттэн көлүөнэҕэ иҥэрэн, тиэрдэн кэллэҕэ.
Надежда Сивцева